“Спортивные якутяне” спартакиада үөрүүлээх аһыллыыта буолла
Бүгүн Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар хас да сыл тохтуу сылдьан баран, былырыын Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн сөргүтүллүбүт “Спортивные якутяне” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, былырыын спартакиада бары түһүмэҕэр 63 тыһ. оҕо кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл хас даҕаны тыһыынчанан эбиллэн, барыта 69 тыһ. тахса оҕо күрэхтэспит.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников: “Өрөспүүбүлүкэ оҕо успуордун өйүүр. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев бэйэтин Ыйааҕынан оҕо успуордун сайдыытын бырагырааматын бигэргэппитэ. Бу бырагыраама чэрчитинэн ааспыт сылтан үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларын ыытабыт. Быстах кэмҥэ тохтуу сылдьан баран былырыын сөргүтүллүбүтэ. Мантан инньэ сыллата ыытыллыаҕа.
Бүгүн түмүктүүр түһүмэх тэрээһинигэр кыттаары оҕолор өрөспүүбүлүкэ бары улууһуттан кэриэтэ кэллилэр. Оҕо успуорда – бу чөл олох. Бу – оҕо өйүн-билиитин уонна этин-сиинин тэҥҥэ дьүөрэлии тутан сайыннарыы. Бу – патриотизм, дойдуга таптал, чөл олох, сөптөөх бэйэ быһаарыытын ылына үөрэнии”, — диэн бэлиэтээтэ. Уонна бу күннэргэ ыытыллар күрэхтэһиилэргэ ким күүстээх ол кыайыаҕа диэн эттэ.
“Спартакиадаҕа икки көрүҥ эбиллэн биэрдэ: гиирэ успуорда уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго чэпчэки атлетика.
Маны таһынан, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев быһаарыытынан, быйылгы сылтан, үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар чөмпүйүөннэри бэлэмнээбит тириэньэрдэргэ биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр. Спартакиада үөрүүлээх сабыллыытыгар 31 бастыҥ тириэньэр Ил Дархан 100 тыһ.солк. суумалаах төлөбүрүн тутуоҕа” – диэн иһитиннэрдэ.
Барыта 35 улуустан уонна куорат уокуругуттан үөрэнээччилэр хамаандалара ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Поисеев: “Чурапчы хамаандатыгар 90 оҕо, 22 тириэньэр, 10 бэрэстэбиитэл буолан кэллибит. Финалга баар тоҕус көрүҥҥэ барытыгар кыттабыт. Сыл устата ыытыллыбыт көрүҥнэргэ эмиэ барытыгар көтүппэккэ кытынныбыт. Инньэ гынан, эрэлбит улахан. Улаханнык эппэппит эрээри, дьоһуннаахтык кыттар былааннаахпыт. Түмүктүүр түһүмэххэ оҕолорбутугар ситиһиилэри баҕарабын”, — диэн эттэ.
Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куорат успуордун эбийиэктэригэр күрэхтэһиилэр номнуо саҕаланнылар. Оҕолорго ситиһиилэри!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: