Стамбулга Бейоглу оройуонугар Истикляль уулуссаҕа улахан дэлби тэбии таҕыста. Бу сатыы дьоҥҥо аналлаах, Москваҕа Арбат курдук элбэх киһилээх, атыы-эргиэн уулуссата буолар. Дэлби тэбии түмүгэр 6 киһи тута өлбүт, уонунан киһи эчэйбит. Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Эрдоган этэринэн, бастакы күҥҥэ 81 киһи эчэйбитэ биллибит. Бэҕэһээ дойду үрдүнэн социальнай ситимнэри араара сылдьыбыттар.
Бүгүн буомбалаах пакеты хаалларан баран, куоппут дьахтары туттулар диэн иһитиннэрдилэр. Билигин бу дьахтары доппуруостуу сылдьаллар. Ону тэҥэ, бу дьахтары кытары сүүрбэччэ киһи кыттыгастааҕа биллибит.
Сабаҕалааһын быһыытынан, “теракт” суола-ииһэ Сирияттан кэлбит. Анкараҕа террористическай тэрилтэлэринэн билиниллибит бөлөхтөр сыһыаннаах курдуктар. Чинчийии түмүгүнэн биллибитинэн, бирикээс Кобань куораттан, буомбаны хаалларбыт дьахтар Сирия Африна куоратыттан кэлбиттэр.
— Бу хара дьайыы кэннигэр ким да турдун, чинчийиини тиһэҕэр тиэрдэн тэйиэхпит. Аан дойду уһугар да састыннар, син биир булуохпут, кылгас кэм иһигэр эппиэтинэскэ тардыахпыт, — диэн вице-бэрэсидьиэннэрэ Фуат Октай эттэ.
Бу дэлби тэбии буолбут сириттэн Арассыыйа консульствота чугас эбит, ол эрээри, хата, биир да Арассыыйаттан сылдьар киһи эмсэҕэлээбэтэх.
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мунньустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…
Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…
Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…