Станислав Потапов сырдык кэриэһигэр буоксаҕа күрэхтэһии ыытылынна

Share

Аҕа дойду көмүскэлигэр, байыаннай дьайыыга хорсун боотурдуу охтубут СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ физическэй култууратын уонна успуордун туйгуна, “Эр санаа” уордьан кавалера, «Азия оҕолорун» бастакы оонньууларын буоксаҕа чөмпүйүөнэ Станислав Семенович Потапов сырдык кэриэһигэр кыра уонна улахан саастаах уолаттар ортолоругар олимпийскай чөмпүйүөн Р.М.Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэр училищетыгар буоксаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир (ахсынньы 17-19 кк.) Дьокуускай куоракка үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Станислав үөрэммит уонна сүрүннүүр (главнай) тириэньэринэн үлэлээбит училищетын эркинигэр кини сырдык мөссүөнэ, мемориальнай дуоска үйэ саас тухары үйэтитилиннэ. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Өйдөбүнньүгү арыйыыга Ил Түмэн дьокутааттара В.М.Прокопьев, Г.Р.Балакшин, СӨ физическэй култууратын уонна успуордун миниистирэ Л.Н.Спиридонов, Ньурба улууһун баһылыга А.М.Иннокентьев, училище дириэктэрэ С.С.Чердонов, Станислав аҕата С.А.Потапов, Станислав кэргэнэ Е.Г.Потапова, уола Марсен тыл эттилэр, иһирэх ахтыы оҥордулар.

Бу күрэхтэһии Ньурба улууһа тэриллибитэ 200 сылын бэлиэтиир “Ньурба күннэрэ” тэрээһиҥҥэ дьүөрэлэһиннэрэн, сөп түбэһиннэрэн ыытыллыбыта дьон биһирэбилин ылла, кэрэхсэттэ. Кырдьык, Станислав төрөөбүт Ньурбатын патриота этэ, ону кини үлэтинэн-хамнаһынан, дьиҥ олоҕунан көрдөрбүтэ. Маннык аналлаах күрэхтэһиилэр уол оҕону күүс-уох, өй-санаа, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу холобурдарыгар иитиигэ олус улахан суолталаахтар.

Бу күрэхтэһиигэ тус бэйэтигэр эрэллээх, тулуурдаах, дьулуурдаах, дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр үрдүк эппиэтинэстээх спортсмен кыайда уонна дьиэтигэр-уотугар кыайыы кынаттанан, түөһүгэр мэтээлиилинэн, илиитигэр сыаналаах бириис тутан үөрдэ-көттө. Станислав Семенович иитиллээччитэ, Арассыыйа успуордун буоксаҕа маастара Михаил Хатылыков, Сэбиэскэй Сойуус уолаттарга буоксаҕа күрэхтэһиитин икки төгүллээх призера Аян Иванов иитиллээччилэрэ кыахтаахтык кииристилэр. Ньурба улууһа тэриллибитэ 200 сылыгар аналлаах “Ньурба күннэрэ” үөрүүлээх бырааһынньыгы киэргэттилэр, дойдуларын дорҕоонноохтук ааттатан дьонноругар-сэргэлэригэр үчүгэй бэлэҕи оҥордулар. Күрэхтэһиигэ 167 спортсмен кытынна. Буокса тириэньэрдэрэ сөптөөх тосхолу тутуһан иитии, уһуйуу ньымаларыгар саҥа сүүрээни киллэрбиттэрэ иитиллээччилэрин ситиһиилэригэр көһүннэ. Олимпийскай эрэллэр училищетын иитиллээччилэрэ, Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Уус Алдан, Чурапчы, Өлүөхүмэ, Нам, Нерюнгри боксуордара рингэҕэ ордук тахсыылаахтык кииристилэр, тулуурдарын, дьулуурдарын көрдөрөн инники күөҥҥэ таҕыстылар, анал сыаналаах бириистэринэн бэлиэтэннилэр.

Ыччат миниистирин эбээһинэһин толорооччу, Арассыыйа Дьоруойа И.В.Юргин Станислав аҕатыгар, С.А.Потаповка, ыччаты иитиигэ кылаатын иһин Махтал суругу туттарда, ыччаттарга туһаайан кэлэр кэмҥэ сыалы-соругу чопчулаата, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ, ситиһиилэри баҕарда.

Патриоттуу иитиигэ улахан суолталаах бу тэрээһиҥҥэ үтүө көмөлөрүн иһин СӨ успуордун миниистиригэр Л.Н.Спиридоновка, Ил Түмэн дьокутааттарыгар Г.Р.Балакшиҥҥа, В.М.Прокопьевка, Олимпийскай эрэллэр училищеларын коллективыгар, дириэктэр С.С.Чердоновка, Ньурба улууһун баһылыгар А.М.Иннокентьевка, Октябрьскай нэһилиэк баһылыгар С.А.Корякиҥҥа, успуорт комитетын салайааччытыгар Р.А.Алексеевка, улуус салалтатын үлэһитигэр М.М.Паҥҥа, Зоя Васильевна уонна Герман Серафимович Титовтарга, Вера Ивановна, А.А.Васильевтарга, А.Е.Васильевка, В.Р.Арбугиҥҥа,А.Б.Тарасовка, С.Ю.Федоровка, А.В.Брагиҥҥа, К.О.Бияковка, Д.И.Ивановка, Г.Н.Теряновка, А.Н.Григорьевка, П.В.Потаповка, П.Е.Степановка, И.В.Егоровка Потаповтар аймах аатыттан ис сүрэхтэн сиртэн халлааҥҥа диэри махтанабыт, ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.

Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна,  СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ,

Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин тиһигин бочуоттаах бэтэрээнэ,

Ньурба улууһун Бочуоттаах киһитэ

Сэмэн Акыымабыс Батаакап.

Дьокуускай к.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга биллиилээх психолингвист уонна полиглот Дмитрий Петров ыалдьыттыыр

Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник  үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Иван Егоров – Танаринскайга аналлаах «Дэгиттэр талаан» литературнай кэнсиэр

Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…

2 часа ago
  • Сонуннар

Сарсыҥҥыттан «Дыгын оонньууларын» сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланар

Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тускул: «Саҥа дьыл түүн биллэ тымныйыаҕа…»

Ааһан эрэ ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

НОМОХ БУОЛБУТ ОЛОХ. Бэтиэхэлээх Бэстэрикиэби санаан кэллэххэ…

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

“Киһи аан туома” эн остуолуҥ кинигэтинэн буолуоҕа

“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи  уорганын  сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…

3 часа ago