Староватов уонна саха алмааһа

Староватов уонна саха алмааһа

Ааптар:
11.05.2023, 12:00
Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр VI сийиэстэрин дэлэгээттэрэ. П.Х.Староватов ортоку олорор. 30-с сыллар, Дьокуускай
Бөлөххө киир:

П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сыла туолуутугар

(Бүтүүтэ. Иннин ыам ыйын 7 күнүгэр көр).

Дьэ, ааҕааччы, билигин санаан көр: маннык улахан научнай, теоретическай бэлэмнээх, арааһынан бары ситиһиилээхтик, дириҥник дьарыктаммыт киһи алмаас көрдөөһүнүнэн хайдах дьарык­таммат буолуой? М.А.Кротов кинигэтигэр «Первое слово о вилюйских алмазах» диэн салаа­­ны киллэрбит. Онно кини Староватов Чуонаҕа көмүс сууйа сылдьыбыт киһи күн уотугар араастаан дьэргэйэ оонньуур тааһы булан балтараа муунта табахха атастаспытын, кэлин, ол атыыласпыт киһи тааһын улахан сыанаҕа туруор­бутун уонна көмүсчүккэ эбии төлүөн баҕаран, киһитин кэлэн көрдүү сылдьыбытын туһунан сэһэни истибитин кэпсээбит.

Кэмпэндээйи курордугар Исаев диэн киһи эмиэ биир дьикти кэрэ тааһы үгүс сыаналаах табаардарга атастаспытын билэрин туһунан суруйар. М.А. Кротов итиннэ «Советское краеведение» диэн суру­наал эрэдээксийэтэ, Староватов «алмаас» диэн суруйбутун үрдүнэн, күлүүгэ барыахпыт диэн, «очень ценные камни» диэн эрэдээксийэлээбиттэрэ буолуо диэн сабаҕалыыр.

«Түҥ, Чуона, Кэмпэндээйкэ өрүстэргэ П.Х. Староватов алмаас көстөрүн туһунан рукопистарын алмааска сыһыаннааҕы миэстэтигэр бэрэбиэркэлииллэригэр анаан Геология дьыалаларыгар кэмитиэтигэр  ыыттыбыт, оттон рукопиһы барытын Бүтүн Сойуустааҕы геологическай пуондаҕа киэҥник туһаналларыгар анаан биэрдибит»

Итини сэргэ М.А. Кротов ССРС Өҥнөөх металлургияҕа народнай комиссариатын Кылаабынай геологичес­кай управлениетын кылаабынай инженерэ Амирасланов  П.Х. Староватов 1938 сыл­лаахха ыыппыт үлэтин ырытан баран, бэйэтин наркомугар Самохваловка суруйбут суругун бэлиэтиир. Онно: «Түҥ, Чуона, Кэмпэндээйкэ өрүстэргэ П.Х. Староватов алмаас көстөрүн туһунан рукопистарын алмааска сыһыаннааҕы миэстэтигэр бэрэбиэркэлииллэригэр анаан Геология дьыалаларыгар кэмитиэтигэр  ыыттыбыт, оттон рукопиһы барытын Бүтүн Сойуустааҕы геологическай пуондаҕа киэҥник туһаналларыгар анаан биэрдибит», – диэн суруллубут. Дьэ, ити иһин кинигэ ааптара Саха сирин арҕаа өттүгэр алмааһы булуу устуору­йатын туһунан литератураҕа П.Х. Староватов аата киллэриллибэтин, тумнулларын туһунан абаран-сатаран бэлиэ­тиир уонна кини П.Х. Ста­роватов Бүлүү ал­­маастаах сирдэрин тустарынан бастакы эппит уонна итиннэ геологтар болҕомтолорун тарпыт киһинэн билиниллэрэ наадатын ыйар.

П.Х.Староватов эдэр эрдэҕинэ

П.Х. Староватов «Бүлүү салаалара уонна кинилэр суол­талара» диэн үлэтин бүтүүтүгэр «Добавление» диэн аат­таан эбии суруйбут. Онно: «Түҥ өрүскэ, Бүлүү атын да салааларыгар алмааһы булуохха сөбүн туһунан боппуруоһу көтөхпүтүм», — диэн суруйар уонна ити М.А. Кротов туһаммыт холобурдарын аҕалтыыр. Кини салгыы Березкин диэн уол итинник тааһы булбутун аҕыйах муунта эриэхэҕэ албыннаан ылбыттар диэн эмиэ бэлиэтиир. «Икки сыл­лааҕыта Түҥҥэ олоро сылдьыбыт кулаак малын уоппустуу сылдьан алмааһы булбуттар. Уонна мин Марха Хорулатыгар күөх туойу буллум, итинник туой Капландияҕа алмаас­таах боруодаларга баара биллэр. Ити алмаас Түҥҥэ баар биир бэлиэтэ буолуон сөп», – диэн суруйбут.

Профессор В.Трофимов: “Ваш отец был прав!”

Бүлүү куоракка  П.Х. Староватов сиэнэ Ю.А. Павлов диэн учуутал олорон ааспыта. Кини эһэтин аатын сүгэр кы­­раайы үөрэтэр түмэл  саҥа дириэктэригэр  С.В. Ивановка эһэтин кырыы дьааһыгын, иһитин-хомуоһун, тутта сылдьыбыт малларын уонна бу мин бэрийэ олорор докумуоннарбын биэртэлээбитэ. Ол докумуоннартан биирдэстэригэр Николай Петрович Староватов суруга баар этэ, ахсынньы 12 күнэ диэн бэлиэтэммит, сыла суох.

«Дорогой папа!

Спешу сообщить тебе одну важную вещь. В 1938 г., приезжая в Ленинград, ты сообщил мне и известному специалисту профессору В.А.Трофимову о находке одного очень ценного камня (название писать нельзя) в пределах левобережья р. Лены и Оленска. Профессор, с которым я встречался до того на севере, в Карелии, встретил твое сообщение с иронией. Он знаток, совершил экспедиции в разные районы Союза, написал работы по таким камням, изучил иностранную литературу по Ю. Африке, Бразилии, Индии и т.д. Годы прошли. Я встретил его недавно, дней 12 назад, и напомнил ему о прежнем твоем сообщении.

Он схватил меня за плечо и быстро сказал: «10 лет назад я ошибался, человек думает, что он все может знать, Ваш отец был прав! Мною изучена вся литература по северному водоразделу р. Вилюя, получены некоторые коллекции и я вижу, что эта находка могла быть достоверной».

Профессор Трофимов выезжает с экспедицией в Якутию, посетит Вилюйск и Сунтар и очень хочет познакомиться лично с тобой…»

Николай Петрович Староватов 1903 сыллаахха төрөөбүт уонна геолог идэтин баһылаан, Украинанан, Горнай Алтайынан, Тянь-Шанынан, Сибииринэн, Кольскай тумул арыынан элбэх экспедицияларга сылдьыбыт. Ленинградтааҕы Киин научнай-чинчи­йэр геологическай институкка үлэлээбит. 1953 сыллаахха Киргизиятааҕы геологическай управлениеҕа инженер-геофизигинэн үлэлээбит. Кини өссө биир, алтынньы 7 күнүнээҕи (сыла суох) суругар ааҕабыт:

«Ты мне совершенно не пишешь, насколько полезна оказалась тебе посланная литература. Относительно месторождений Бельгийского Конго – книг сейчас нет, но мне обещали в киоске одну новую книгу по минеральным ресурсам Африки, где есть эти сведения. Могу достать книгу о некоторых месторождениях Австралии. У меня есть старая, но очень полезная книга Обручева «Полевая геология». Нужна ли тебе?..»

Бу суруктартан көстөрүнэн, Петр Хрисанфович оччотооҕуга алмаас онно эрэ үөскүөҕүн курдук сананыллар сирдэр геологическай тутулларын үөрэппитэ чуолкай эбит. Николай Петрович өссө биир суругар тохтуоҕу баҕарыллар. Муус устар 30 күнэ (сыла суох).

«…Изучая геологическую литературу за годы 1910-
40-х  в библиотеке Института я нашел в журнале «Разведка недр» 1937-38 гг. данные о тебе: что известный краевед
П.Х. Староватов представил объемистую тетрадь с большим количеством важных сведений, но Госплан Якутии обра­щает на это сравнительно малое внимание, используя лишь часть. Там рекомендовалось издать все твои труды и статьи, рассеянные в разных местах, в централизованном порядке. Это было почти 12 лет назад!..»

1944 сыллаахха БСКП (б) Киин Кэмитиэтигэр суруйбут суругар П.Х.Староватов:

«Моя работа, против которой возражала тогда Академия, исправленная и напечатанная в «Правде» за 1932 г. №171, от 21 июня, подтвердилась 10 лет спус­тя на 100 процентов: нефть обнаружена в нескольких точках… Питаю надежду, что подтвердится и моя засекреченная и сданная в фонды Главгеологии работа…»

Бу, саарбаҕа суох, ал­­маас туһунан үлэтин этэр буо­луохтаах. 1948 сыллаахха муус устар 18 күнүгэр кини Киин Кэмитиэккэ эмиэ суруйбут эбит. Ол докумуон «Краевед П.Х. Огароватов» диэн хомуурунньукка киирэ сылдьар. 1939 сыллаахха Чыбыыда үрэх баһыгар ньиэби көрдүү сылдьан, бэрт дьоҕус маҥан кумаҕы суулаан аҕалбытын инженер Дмитриев уонна биир кыыс буолан бэрт мөлтөх микроскобунан көрөн чинчийбиттэрин туһунан кэпсиир. Итиннэ хас биирдиилэрэ биирдии кытархайдыҥы өҥүнэн оонньуур чаҕылыҥнас бэлиэлэри (знактары) көрбүттэр. Ол кумаҕы суулаан, аак оҥорон, Киин лабораторияларга ыыппакка хаалбыттарын кэмсинэн суруйбут.

“Дьэ, бу баар – баай диэн. Сыаннай кристалл…“

– 1939 сыллаахха Ньурба тыатыттан кэлбит, бэрт аҕы­йах тылы нууччалыы билэр, училищеҕа бастаан кэлбит оҕолор Староватов мусуойун бэркэ дьиктиргээн, сонурҕаан көрөр этибит, – диэн норуот хаһаа­йыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өр сылларга Бүлүүгэ бэтэрээннэр сэбиэттэрин  салайбыт А.И. Николаев кэпсиир. – Онно нуучча оҕонньоро уу сахалыы кэпсиирин сөҕөрбүт. Онтон аармыйаттан кэлэн баран сылдьыбыппар, эрбэх саҕа дьэҥкир тааһы ханнык эрэ сабыылаах стеллаж түгэҕиттэн аҕалан көрдөрбүтэ. Ол тааһын иһигэр, күн уотугар уурдаҕына, ураты сырдыктык чаҕылыйар биир миэстэлээх этэ, аны туран тааһын эргичиҥнэттэҕинэ, ол чаҕылыйар сирэ кыһыл, күөх өҥүнэн оонньоон ылара. «Дьэ, бу баар – баай диэн. Саамай сыаннай кристалл», – дии-дии астынар буолара, ол эрээри аатын алмаас эҥин диэн эппэт этэ. Туттаран эҥин көрдөрбөт. Ол кылабачыйар эрбэх саҕа тааһын ханнык эрэ кырыытыгар хатана сылдьар быһыылаах этэ. Оччолорго (1946 с.) Амакинскай эспэ­дииссийэ кэлэн үлэлии сылдьара, ол гынан баран, алмааһы эрэ көрдүүллэр, тугу эрэ көрдүүллэр, биһиги билбэт этибит. Оттон Петр Хрисанфович, аны санаатахха, ол алмааһы булан тутан олорор быһыылаах этэ.

Афанасий Иннокентьевич 1951 сыллаахха Эдьигээҥҥэ үлэлии барар буолбутугар, П.Х. Старо­ватов түмэлигэр ыҥыран анаан-минээн кэпсэппит. Онно Ленаҕа түһэр Мууна диэн үрэх Эдьигээҥҥэ баарын, онно улахан сир баайа баарын, алмаас да онно баар буолуохтаах диэн сабаҕалыырын туһунан кэпсээбит. Афанасий Иннокентьевич этэринэн, кэлин оруобуна ол Муунаҕа алмааһы булбуттара эбитэ үһү. Амакинскай эспэдииссийэ үлэлээбит. Билигин разработкаламмакка сытар эбит. Ол курдук, Эдьигээн баайа манан, маннык сирдэргэ баар диэн, таас чох эҥин ханан сытарын туһунан кэпсээбит.

Сатаатар, тус олоҕо ыарахана…

Бу бэйэтин кэмин мэлдьи урутаан испит, ол иһин өрүү өйдөммөт, билиниллибэт буоларга күһэллибит киһи тус олоҕо эмиэ олус ыарахан эбит.

Аччыгый уола Илья Староватов – кыһыл ар­­меецтар оскуолаларын сэбиэ­диссэйэ, хоһуун буойун, разведчик, Бүлүү куорат оборонатын кирбиитигэр 1922 сыллаахха бандьыыттар буулдьаларыттан өлбүтэ. Улахан уола Николай Староватов кэргэттэрэ Ленинград оборонатын кэмигэр суорума суол­ламмыттар. Ити туһунан кини өрөспүүбүлүкэ  борокуруоругар 1944 сыл олунньу 6 күнүнээҕи суругар ахтар. Онно Үлэ Дьоруойа буолбут докумуон­нарын уонна Ленин уордьаныгар түһэриллибит хадатаа­йыстыбалара биллибэт бири­чиинэлэринэн сүппүттэрин биллэрэр. Олохтоох былаас­тар ки­­ниэхэ биир да нолуокка чэпчэтии оҥорботторун бы­­һаарсалларыгар көрдөһөр.

Оччотооҕуга олус кыра хамнастаах киһини нолуогунан улаханнык кыһарыйбыттар быһыылаах. Эмиэ ол иһин олохтоох былаастарга («товарищу Никитину») 1942 сыл тохсунньу 21 күнүгэр маннык суруйар: «…Я и жена – инвалиды последней группы, дочь Юлия после родов последнего ребенка потеряла способность писать правой рукой (легкий паралич), можно излечить по окончании войны, инвалид 2 категории. Вторая дочь Сусанна (полное исхудание и порок сердца), кроме того, 4 детей (внуки) – 3 мальчика и девочка. Мне объявили, что закон о правах и преимуществах Героев Труда отменен (когда? кем?) и обложили основательно налогом…»

Бу суругар Петр Хрисанфович инчэҕэй кумахтаах дьааһыкка кумааҕы формаларын оҥорон, олус түргэнник 20 тыһыынча буулдьаны кутан Бүлүү оборонатыгар кыайыылаах тахсыбыттарын ахтыбыт уонна ол оҥорбут форматын уруһуйдаан көрдөрбүт.

Өскөтүн бу кылгас бэлиэтээһиннэргэ мин П.Х. Староватовы Сахабыт сирин чахчы биир уһулуччу киһитэ төрөөн ааспытын туһунан билиһиннэрбит эбит буол­лахпына, санаабын толорбут эбиппин диэм этэ.

Бүлүү куорат дьокутааттара Староватов аатын биир саҥа уулуссаҕа иҥэрдилэр.

Аныгы Староватовтар бааллар

«Муус болгуоҕа бохсуллан» сыппыт норуот уһуктар кэмигэр, саҥа олоххо бэйэтин суолун тобулунар түгэнигэр үйэлэр мөҥүөннэриттэн өлбөт-сүппэт ыйаахтаах улуу норуот сыдьаана – биһиги, сахалар, Кулаковскай, Ойуунускай курдук бөлүһүөктэри, Ксенофонтов курдук учуонайдары, Аммосов, Барахов, Аржаков курдук тэрийэр, салайар талаан­нары, Староватов курдук норуот кэскилин түстээбит уһулуччулаах дьоннору таһаартаабыт эбиппит. Билигин эмиэ саха омуга өбүгэлэрин үгэстэригэр, сайдыылаах кэмҥэ ситиһиилэригэр тирэҕирэн, өрө кэбэн, бэйэтин билинэн, кыаҕын-­уоҕун көрүнэн эрэр кэмигэр олоро­бут. Онон биһиги да күннэрбитигэр Кулаковскайдар, Ксено­фонтовтар, Староватовтар бааллара буолуо, ол инициативалаах энтузиаст дьоннорбутун эрдэ таба көрөн, өйөөн-­убаан көмөлөспөт да буоллахпытына, саатар, кинилэргэ мэһэй буол­бакка, суолу-ааны арыйа са­­таан, сыһыаннаһыа этибит…

Дьиҥинэн даҕаны, аҥаардас ити сиртэн хостонор араас баайбытын да ылан көрөр буол­лахпытына, барытын кэриэтэ саха дьоно, бэйэбит дьоммут булбуттара. Көмүһү –
М.П. Тарабукин, сүлүүдэни – В.Н. Захаров, алмааспытын эмиэ саха дьоно – Ньурба, Сунтаар, билиҥҥи Мииринэй оройуонун төрүт олохтоохторо сирдьит буолан, мындыр өйдөрүн күүһүнэн сүбэ-­ама биэрэн, көмөлөһөн булбуттара. Ити туһунан Сунтаар Кириэстээҕэр соҕотоҕун хасыһан (Мииринэй бэртэрэ былдьасыһар курдуктар), ал­маас туһунан бэртээхэй  тү­­мэли тэрийбит эҥгузиаст-­учуутал Марфа Христофоровна Конобулова алмааһы булууга олохтоох саха дьоно киллэрбит кылааттарын түмэн көрдөрөр баҕалаах үлэлиир. Кини: «1965 сыллаахтан кистэлэҥтэн тахсыбыт докумуоннары быһа Москваҕа ыыта олороллор, саатар, биһиги өрөспүүбүлүкэбит Киин архыыбыгар даҕаны ыыппаттар, – диэн муҥатыйар. – Хаһан эрэ бу сир  устуоруйаҕа ахтыллыаҕын, аатырыаҕын кинилэр өтө көрөллөр, оттон ол саҕана биһиги норуоппут бэ­­рэстэбиитэллэрэ туох көмөнү оҥорбуттара ахтыллыа дуо?» – диэн хараастар.

Үөһээ Бүлүүгэ оро­йуон дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччынан, бырамыысыланнас салаа­тын сэбиэдиссэйинэн горняк идэлээх Г.А. Степанов үлэлиир. Кини бу икки сыл иһигэр араас институттары, учуонайдары, ГОК-тар салайааччыларын кытта сибээстэһэн, төрөөбүт оройуонун сиртэн хостонор баайдарын туһунан дьоһун­наах матырыйаалы хомуйан эрэр. Урут П.Х.Староватов Бүлүү сүнньүн биэс оройуонун экэниэмикэтин статистическай сибидиэнньэлэрин хомуйбут докумуона баар. Онно этиллэр санаа­ны бу Георгий Алексеевич эмиэ маннык диэн этэр: «Таас чоҕу, тууһу, гравийы кыраман ыраах дойдулартан тиэ­­йэн аҕала сатыыбыт. Дьиҥэ, ити барыта бэйэбитигэр баар эбээт. Тутуу матырыйаала, гиипсэ, өстүөкүлэ оҥорорго үтүөкэннээх кумах эҥин барыта баар. Бары түмсэн, үппүтүн-кыахпытын холбоон, суол-иис оҥостон үлэлиэхпитин эрэ наада», — диир.

Көстөрүн курдук, староватовтар билигин да бааллар. Кинилэри буларга, иитиэх­тээн таһаарарга, П.Х. Староватов сырдык аатын үйэтитэр үлэлэр наада буоллулар. 70-с сыллардаахха ньиэби, гааһы көрдөөччүлэр бөһүөлэктэрэ Кыһыл Сыыр Сэбиэтэ «Староватовскай» диэн ааттанара. Ол эрээри ити аат 1978 сыллаахха тахсыбыт административнай-территориальнай арахсыы туһунан ыйынньыкка суох оҥоһуллубут этэ. Кэлин Крымтан оҕу­руотчуттары олохсутар Тойон Хонууга үөскүөхтээх бөһүөлэги «Староватово» диэн ааттаабыттара да, ити бөһүөлэк өнү­йэр кэскилэ көстүбэт. Бу мин кинигэм биһирэмигэр (презентациятыгар) дьон этиитин ылынан, Бүлүү куорат дьоку­тааттара Староватов аатын биир саҥа  уулуссаҕа  иҥэрдэ. Кини уола Илья куорат оборуонатыгар сырдык тыына быстыбыт сиригэр сулумах су­­лустаах баҕана умнуллан турар. П.Х.Староватов билигин даҕаны суолталарын сүтэрэ илик үлэлэрэ, уһулуччу чуолкайдык, иҥэн-тоҥон оҥоһуллубут ис­­хиэмэлэрэ, тус бэйэтин дьыалалара, суруктара бэчээккэ тахсыбакка, норуокка салгыы туһа­лаабат буолар дьылҕаламмыттар.

Николай Крылов,

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,

СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -24°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: