Салгыы
Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэннэ

Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэннэ

08.11.2024, 20:54
Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар саха биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа буолан ааста.

Үөрүүлээх тэрээһин П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыстарын устуоруйа кэрэһитэ буолбут, Саха автономиятын турууласпыт чулуу дьоммут кэс тылларын ааҕыытыттан саҕаланна. Ол кэннэ тута Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйдөрүн ырыалара дуорайда.

Тэрээһини аһарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы, Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Георгий Михайлов саха биир бастыҥ киһитэ, өрөспүүбүлүкэ төрүттэнэригэр үтүөтүн бэлиэтээтэ.

«Саха норуотун чулуу уолаттарын П.А. Ойуунускай, М.К Аммосов, И.Н.Барахов уонна С.М. Аржаков ааттара Саха автономията, судаарыстыбата олохтонуутун кытары ыкса ситимнээх. Бүлүү улууһун баһылыгар Сергей Винокуровка уонна кэмитиэт чилиэннэригэр С.М.Аржаков үбүлүөйдээх тэрээһинигэр уонна үйэтитиигэ сыралаах үлэлэрин иһин махтанабын. Саха сирэ инники сайдыытыгар өссө да күүскэ үлэлииргэ ыҥырабын», — диэтэ кини.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев: «Степан Аржаков биир санаалаахтарын кытта  автономияны туруорсубуттара. Сэбиэскэй былааһы төрүттэһэригэр кини баара-суоҕа 19 саастаах этэ. Кини ол кэмнээҕи өрөспүүбүлүкэ салайааччыларыттан бастакынан экэнэмиичэскэй үрдүк үөрэҕи ылбыт киһинэн буолар. Степан Аржаков ыар дьылҕаламмыта, репрессияланан хаайыыга ууруллубута. Аҕа дойду сэриитин ыар дьылларыгар, 1942 с. ытыллыбыта. Бүлүү улууһун дьоно-сэргэтэ, маннык Степан Аржаков курдук саха норуота киэн туттар, биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэли бэлэхтээбитинэн махтанан туран эҕэрдэлиибин!», – диэн бэлиэтээтэ.

Бэлиэ күн үөрүүлээх мунньаҕар сүрүн дакылааты Бүлүү улууһун баһылыга  Сергей Винокуров оҥордо. Кини Степан Аржаков олоҕун, үлэтин, Саха сиригэр оҥорбут үтүөтүн кэпсээтэ.

«Бүлүү улууһун олохтоохторун, уопсастыбаннаһын, бэтэрээннэрин аатыттан судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтоноругар үлэлээбит Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 үбүлүөйдээх сылынан эҕэрдэлиибин! Степан Аржаков аата Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Васильев ааттарын кытары тэҥҥэ киэн тутта ааттанар. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ уонна улуус уопсастыбаннаһа биир дойдулаахтарын кэриэһин үйэтитэллэр, онуоха элбэх үлэ оҥоһуллар. Үүнэр көлүөнэ ону өйдүү-саныы сылдьыа, норуоппут чулуу уола Степан Максимович Аржаков норуотун туһугар үтүө холобур буолуоҕа!», — диэтэ Сергей Винокуров.

Тэрээһин биир үөрүүлээх түгэнинэн  Степан Максимович Аржаков аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни туттарыы уонна Бүлүү улууһун, Саха сирин сайдыытыгар үтүөлэрин, кылааттарын иһин бастыҥ үлэлээх дьону наҕараадалааһын буолла.

Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүнэн Арассыыйа Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Федот Тумусов, СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин э.т., Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин, Национальнай архыып дириэктэрин солбуйааччыта Наталья Малышева, Бүлүү улууһун ыччатын аатыттан “Саха сирэ, иннибит диэки!” өрөспүүбүлүкэтээҕи каадыр куонкуруһун кыайыылааҕа Александр Ермолаев тыл эттилэр.

Үөрүүлээх тэрээһини СӨ норуодунай артыыһа Александр Емельянов «Сахам сирэ барахсан», СӨ норуодунай артыыһа Аскалон Павлов «Бастыҥ киһи» ырыаларынан киэргэттилэр.

Төһө да дьыл-хонук ааспытын иһин саха чулуу уола Степан Максимович Аржаков  аата үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана, олорбут олоҕо, охсуһуута өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатын умнуллубат биир чаҕылхай  кэрдииһэ буола туруоҕа диэн тылларынан үөрүүлээх мунньах түмүктэннэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 ноября
  • -14°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 85% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: