Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылынан өйдөбүнньүгэр сибэккилэри уурдулар

Share

Бүгүн, сэтинньи 9 күнүгэр, саха норуотун чаҕылхай уола, уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылынан өйдөбүнньүгэр сибэккини ууруу өрөгөйдөөх түгэнэ буолла.  

Хаартыска: Саргын Скрябин, СИА.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников мустубут дьону бу дьоһун күнүнэн эҕэрдэлээтэ, Саха сиригэр судаарыстыбаннас төрүттэнэр кэмнэригэр Степан Аржаков ойуччу ураты өҥөлөөҕүн   кичэйэн бэлиэтээтэ.

“Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр автономия олохтонуутугар Степан Максимович Аржаков ойуччу улахан өҥөлөөх. Кини Наркомнацка анал Саха сиринээҕи салааны тэрийэргэ этии киллэрбитэ, бэйэтэ ону салайбыта. Бу салаа улахан бэлитиичэскэй уонна быраап өттүнэн суолталаах буолан, Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ыларыгар улахан оруолу оонньообута. Төрөөбүт сиригэр эргиллэн кэлэн баран, кини хас да министиэристибэни салайбыта, САССР Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ этэ, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтэ сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитэ”, — диэтэ кини.

Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэли үйэтитэргэ улахан үлэ барбыт. Вице-премьер Степан Аржаков биир дойдулаахтарыгар – Бүлүү улууһун олохтоохторугар үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин махталын биллэрдэ, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Атах тэпсэн олорон, кэпсэтиэх»: эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев

Сотору кэминэн кэнсиэртээри сылдьар, көмүс куоластаах Иоганн Матвеев "Атах тэпсэн олорон, кэпсэтиэх" биэриигэ ыалдьыттыыр. Кини…

5 секунд ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Танда быһыйа Анатолий Заболоцкай

Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ, “Саха – Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, Уус…

30 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин байыаһа Айсен Николаевка байыаннай дьайыыттан аҕалбыт дронун туттарда

Бэҕэһээ Айсен Николаев уоппускатыгар дьиэтигэр кэлбит «Чех» диэн позывнойдаах  байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта көрүстэ диэн…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эмис соботунан аатырар Ньидьили эбэҕэ алыһар, сордоҥ тоҕо эмискэ элбээтэ?

Соторутааҕыта социальнай ситимнэринэн тарҕаммыт видеоттан эбэ аттыгар баар нэһилиэктэр эрэ буолбакка, Ньидьили соботун сөбүлээн сиир…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Дьокуускайга оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара

Киин куорат саҥа маршрутнай ситимин бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрии чэрчитинэн, оптуобус 10 маршрутунан – 2-с,…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Урбаанньыт тиэхиньикэ сакаастаары, 3,2 мөл. солк. маппыт…

Дистанционнай түөкүттэр хабаларыгар киирии  түбэлтэтэ күннэтэ тахса турар. Ол курдук, бу күннэргэ Дьокуускай полициятын дьуһуурунай…

2 часа ago