Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит. Ол курдук, биир сүрүн тэрээһин Дьокуускайга сэтинньи 8 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатырыгар уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа буолан ааспыта. Ону тэҥэ, манна аналлаах тустаах тэрээһиннэр төрөөбүт дойдутугар, Бүлүүгэ, ыытылыннылар.
Оттон бэҕэһээ, сэтинньи 22 күнүгэр, саха чулуу уола Степан Аржаков таһаарыылаахтык үлэлээбит сиригэр, дойдубут тэбэр сүрэҕэр, Москва куоракка, РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүн тэрээһинэ бэрт сэргэхтик буолан ааста. Тэрээһин төгүрүк остуол киэбинэн ыытыллыбыта уратытык көһүннэ. Кэлбит дьон Степан Аржаков туһунан бэрт иһирэхтик эттилэр, кини Сахабыт сирин туһугар тугунан да кэмнэммэт өҥөтүн бары биир санаанан аҕыннылар.
Төгүрүк остуолу РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов эҕэрдэ тылынан аста. «Степан Аржаков Москва куоракка олорбута, үлэлээбитэ. Онон бу түмүктүүр тэрээһин манна ыытыллыбыта элбэҕи кэрэһилиир. Степан Максимович төрөппүттэрэ боростуой үлэһит дьон этилэрэ. Ол иһин боростуой дьон олохторун-дьаһахтарын ис-иһиттэн билэрэ-көрөрө. Итинтэн сиэттэрэн, кини сахатын норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн ылсан туран күүскэ үлэлээбитэ. Сахабыт сирэ сайдарын туһугар Максим Аммосовтыын, Платон Ойуунускайдыын, Исидор Бараховтыын биир санаанан салайтаран элбэҕи олоххо киллэрбиттэрэ. Кинилэр үлэлэлэрин өссө да уһуннук үөрэтиэхпит, өссө да элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт», — диэн эттэ.
Сүрүн дакылааты Степан Аржаков төрөөбүт дойдутуттан анал дэлигээссийэни салайан кэлбит, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров оҥордо. Санатар буоллахха, кини сэтинньи 8 күнүгэр Дьокуускайга Сергей Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах уопсастыбаннас мунньаҕар бар дьон иннигэр саха чулуу уола оҥорбут, ситиспит үтүө дьыалатын, үлэтин архыып докумуоннарынан ытаһалаан, бары өттүнэн сөптөөх уонна саҥа чахчылары кэпсиир, билиһиннэрэр улахан дакылааты оҥорбута. Дакылаат кэнниттэн ытыс тыаһа өр уҕараабатаҕа элбэҕи этэр.
Бу тэрээһиҥҥэ Сергей Николаевич дакылаатыттан быһа тардан, сүрүн-сүрүн диэбиттэрин уонна барыта архыып тулхадыйбат докумуоннарынан туоһуламмыт чахчыларынан ытаһалаан кэпсээбитин кэлбит ыалдьыттар сөҕө-махтайа иһиттилэр. Саха чулуу уолаттарыттан биирдэстэрэ Степан Аржаков Сахабыт сирин инникитин, сайдыыга туһуланар акылааты түһэрсибитин билэн-көрөн киэн туттуохтарын тутуннулар.
Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров Степан Максимович Аржаков аатын үйэтэтиигэ үтүөлэрин иһин Степан Аржаков аатынан Бочуоттаах бэлиэлэри Степан Аржаков хос сиэнигэр Михаил Сергеевич Аржаковка, сиэнигэр Юлия Олеговна Усикка уонна РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотовка үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаата.
Салгыы Степан Максимович Аржаков уола Галилей Степанович Аржаков аудионан эҕэрдэтин Новосибирскай куоракка олорон, «Биһиги аҕабыт сырдык аатын үйэтитиигэ сүҥкэннээх үлэни ыыта сылдьаргытынан мин биир бэйэм олус астынабын, киэн туттабын. Ону тэҥэ, ол сылларга, ол кэмнэргэ Саха сирэ элбэҕи ситиспитэ, онно Степан Максимович Саха сирэ автономияны ылынарыгар кылаата улахан. Барыгытын ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, бары үтүөнү баҕарабын», — диэн эҕэрдэлээбитин мустан олорооччулар олус долгуйан иһиттилэр.
Харда тылы Степан Аржаков хос сиэнэ Михаил Сергеевич Аржаков уонна сиэнэ Юлия Олеговна Усик эттилэр, кинилэр Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтигэр, олохтоохторугар уонна чуолаан улуус баһылыга Сергей Винокуровка саха чулуу уола Степан Аржаков сырдык аатын үйэтитиигэ сүҥкэннээх үлэни ыыппыттарыгар уонна ыыта сылдьалларыгар ис сүрэхтэн махтаналларын биллэрдилэр.
Төгүрүк остуолга Москва куоракка баар Арассыыйатааҕы социальнай-бэлитиичэскэй судаарыстыбаннай архыып (РГАСПИ) дириэктэрин солбуйааччы Марина Сергеевна Астахова уонна сүрүннүүр исписэлиис Людмила Анатольевна Лыкова анаан-минээн кытта кэлбиттэрэ элбэҕи кэрэһилиир. Архыып исписэлииһэ Людмила Анатольевна «Биһиги бу тэрээһиҥҥэ ыҥырыллан кэлбиппититтэн олус астынныбыт да, үөрдүбүт да. Улуус баһылыга Сергей Николаевич Винокуров бары өттүнэн сөптөөх, тугунан да солбуллубут архыып докумуоннарыгар олоҕуран аттарыллан оҥоһуллубут дакылаатын тыыммакка да кэриэтэ олорон, сөҕө-махтайа иһиттибит. Уопсайынан, архыып оруола олус улахан, устуоруйаны кырдьыктаахтык көрдөрүүгэ саамай улахан оруолу архыып ылар. Ону дьэҥкэтик өйдүөх тустаахпыт. Биһиги архыыппытыгар буолан ааспыт устуоруйаны кырдьыктаахтык көрдөрөр докумуоннар барылара сыа-сым курдук хараллан сыталлар. Олор ортолоругар саха норуотун биир чулуу уолун Степан Максимович Аржаков туһунан кэрэһилиир докумуоннар эмиэ бааллар. Ону төһө баҕарар кэлэн көрүөххүтүн, туһаныаххытын сөп. Биһиэхэ анаан-минээн кэлэн ыалдьыттааҥ, биһиги ааммыт эһиэхэ өрүү аһаҕас. Мантан инньэ бииргэ үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырабыт», — диэн эппитин кэлбит дьон үөрэ, сэргии иһиттилэр.
Салгыы төгүрүк остуолга Бүлүү улууһугар кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ Николай Харлампьев бэрт сэргэх дакылааты оҥордо. Кини чуолаан Степан Аржаков туһунан тахсыбыт кинигэлэр тустарынан кэпсээтэ. Анал слайда көмөтүнэн ол кинигэлэр тахсыбыт хроникаларын барытын сиһилии иһитиннэрдэ. Ол курдук, кэлиҥҥэ кэмҥэ «Степан Максимович Аржаков” уонна “Дети С.М.Аржакова. Достойной дорогой отца” диэн кинигэлэр тахсыбыттарын туһунан кылгастык кэпсээтэ.
Тэрээһини ураты күүстээх куоластаах Мария Белоцерковская «Саха сирэ» диэн ырыатынан уонна уопсай өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
Дьыл-хонук бириэмэни күүппэккэ биир кэм иннин диэки сыыдамнык айанныыр. Ол да буоллар, саха чулуу уола Степан Максимович Аржаков аата үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ быралыйар быдан дьыллары уҥуордаан олорбут олоҕо, сайдыы туһугар сырата өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар көмүс буукубанан суруллан, саха дьонун хас биирдиибит сүрэҕэр баар буола турарыгар бары эрэллээхпит. Бүгүҥҥү кэпсэтии чулуу киһибит Степан Аржаков олоҕо уонна Сахатын сиригэр оҥорбута өссө дириҥник үөрэтиллэригэр өссө биир саҕаҕы, өссө биир акылааты түстээтэ.
Эбии этэр буоллахха, Дьокуускайга сэбиэт былааһа олохтоммутун кэнниттэн Центросибирь Степан Аржакову Бүлүү улууһугар сэбиэт былааһын олохтуур хамыһаарынан анаабыта кини чахчы улахан салайааччытын туоһулуур. Бу туһунан И.Н.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын мусуойун салайааччыта Светлана Копыленко суруйуутун билсиҥ.
Сиһилии манна киирэн ааҕыҥ: https://sakha-sire.ru/stepan-maksimovich-arzhakov-tereebyte-125-sylygar/
Степан Аржаков сири оҥоруу наркомунан 1932-1937 сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбит. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сүҥкэннээх үлэни ыыппытын туһунан суруналыыс Раиса Сибирякова «Нарком Степан Аржаков”, “Нарком Степан Аржаков – 2”, “Нарком Степан Аржаков-3” диэн суруйууларыгар сиһилии билсиҥ.
Сиһилии манна киирэн ааҕыҥ: https://sakhaparliament.ru/uopsastiba/23475-narkom-stepan-arzhakov
https://sakhaparliament.ru/uopsastiba/23642-narkom-stepan-arzhakov-2
https://sakhaparliament.ru/uopsastiba/23694-narkom-stepan-arzhakov-3
Александр Тарасов.
Дьокуускай – Москва.
Диана Новгородова, Александра Яковлева хаартыскаларга түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: