Салгыы
Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар

Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар

Ааптар:
08.11.2024, 16:00
Хаартыска: history-yakutia.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтообут саха интеллигенциятын инники күөҥҥэ сылдьар ыччаттарыттан биирдэстэрэ Бүлүү уола Степан Аржаков буолар. Кини 1899 с. сэтинньи 9 күнүгэр Александра уонна Максим Ильич Аржаковтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.

Онон оҕо эрдэҕиттэн олох ыарахаттарын этинэн-хаанынан билэн улааппыт оҕо, Бүлүүтээҕи церковнай оскуоланы бүтэрэн, аны үрдүкү начальнай училищены үөрэнэн бүтэрэн, үөрэххэ тардыһыытын күүһүнэн салайтаран 1915 с. Якутскайдааҕы учительскай семинарияҕа үөрэнэ киирэр. Бу семинарияҕа кини доҕотторун Степан Гоголевы, Исидор Ивановы кытта бииргэ үөрэнэллэр. Кинилэри кытары үөрэҕин биир сыл, үбүнэн өйөбүлэ суох буолан, тохтото сылдьыбыт Максим Аммосов үөрэммитэ. Студент олоҕо ханна да, хаһан да ыарахана. Степан Аржаков  доҕорун Исидор Ивановтуун (Барахов) кыттыһан ыалга хос куортамнаһан олороллор. Уолаттар стипендийэ сыыһа тиийбэтиттэн, куортамнарын төлөһөөрү үөрэхтэрин быыһыгар үлэлээн харчы киллэринэр эбиттэр. 1916-17 сыллардаахха учууталлар семинарияларын, реальнай училище, женскэй гимназия, духовнай семинария үөрэнээччилэрин түмэр политсыылынай Ем.Ярославскай кистэлэҥ куруһуога үлэлээбит. Бу куруһуок ыраахтааҕы былааһа норуокка батталлааҕын, атын киһи-киһини баттаабат, атаҕастаабат, бары тэҥ бырааптаах норуот туһугар уопсастыба тэриллиэн сөбүн өйдөтөр, Маркс үөрэҕин сырдатан эдэр интеллигенция ортотугар күүстээх үлэни ыытар. Бу куруһуоктан республика эдэр салайааччылара үүнэн тахсыбыттара: Барахов, Аммосов, Ойуунускай, Степан Аржаков.

Уолаттар семинарияны бүтэрэр сыллара 1918 сыл, бүттүүн Россия үрдүнэн политическэй аймалҕаннаах, былаас уларыйыытын кэмэ этэ. Ол курдук Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайан, сэбиэскэй былаас Россия үрдүнэн кимиэллээхтик хаампыт кэмэ этэ эрээри, Саха уобалаһа ону билиммэккэ, сэбиэт былааһын өйөөччүлэри тутаттаан хаайталыы олоро кэмнэрэ. Үөрэҕин бүтэрээт Степан Аржаков дойдутугар Бүлүүлүүр. Кини Якутскайга 1918 с. кулун тутар 8 күнүгэр тэриллибит депутаттар рабочай сэбиэттэрин сорудаҕынан Бүлүүтээҕи депутаттар рабочай сэбиэттэрин — совдеп тэрийэр. Якутскайга сэбиэт былааһа олохтоммутун кэннэ, Центросибирь кинини Бүлүү улууһугар сэбиэт былааһын олохтуур комиссарынан аныыр. Аржаков доҕотторунаан Гоголевтыын, Поповтуун, Харлампиевтыын совдепка тирэҕирэн сэбиэскэй былааһы билиммэт Бүлүү бөлөх улуустарынааҕы земскэй управаны кытары утарыта турсуулара саҕаланар. Ити кэмҥэ Центросибирь Аржакову сэбиэт былааһын Бүлүү уеһыгар олохтуурга комиссарынан аныыр.  Аржаков сэбиэскэй былааһы олохтуур соругун толорбутунан барар. Сэбиэт былааһын утары үлэлиир Уобалас сэбиэтин бэрэстэбиитэллэрин былааһын кытары аһаҕас охсуһуу саҕаланар. Степан Максимович бу эппиэттээх, тыҥааһыннаах кэмнэргэ саамай тыын боппуруоһу — сир боппуруоһун уталыппакка сорунуулаахтык быһаарбыта. Ол курдук, нэһилиэктэринэн тэриллибит рабочайдар сойуустарын көмөлөрүнэн  Бүттүүн Арассыыйатааҕы бааһынайдар сийиэстэрин уурааҕар олоҕуран, аах быһыытынан бэриллибит уонна уһун кэмҥэ арендаҕа баайдар ылан олорор сирдэрин тутаттаан ылбыта уонна   киһи ахсаанынан үллэриини саҕалыыр дьаһаллары биэрбитэ. Итинник быһаарыныылар кыаммат дьадаҥы дьон сэбиэт былааһын өйөөһүннэрин, норуот былааһа буоларын өйдөөһүннэригэр улахан олук буолбута.

Колчак былааһа 1918 с. совдеп салайааччыларын Аммосовы, Аржаковы уо.д.а. хаайбыттара.Ол эрэн түрмэҕэ да сытталлар иннилэрин биэрбэтэхтэрэ. Доҕотторун көмөлөрүнэн сибээс быстыбатаҕа, Колчак былааһын утары сэбилэниилээх бастаанньаны бэлэмнээһиҥҥэ Степан Аржаков эмиэ биир салайааччы быһыытынан үлэлээбитэ. Подпольеҕа хаалбыт Барахов, Редников, Аржаков, Александр Попов, Степан Васильев, Щергин уо.д.а. нэһилиэк ортотугар өйдөтөр үлэни ыыталлара, бастаанньаҕа бэлэмнэнэллэрэ, кистэлэҥ хаһыаттары таһаараллара, хаайылла сытар доҕотторун кытары сибээһи олохтууллара, бойобуой дружиналар диэн ыччаттары сэбилэниилээх бөлөхтөрүн тэрийбиттэр. Бу бөлөхтөргө бэйэлэрэ гранаталары бэлэмнииллэр, сэриилэһэргэ үөрэтиһэллэр эбит. Ол курдук бастаанньаны бэлэмнээн Иркутскайтан кэлиэхтээх 300 киһилээх уонна 100 киһилээх Стоянович этэрээттэрин кытары сэбиэт былааһын өйүүр телеграф үлэһиттэрин көмөтүнэн билсэн, бэлэм олорбуттар. 1918с. бэс ыйын 30 күнүгэр борохуотунан кэлбит кыһыл этэрээтин кытары, бэлэм олорбут куорат иһинээҕи дружиналар үс эрэ чаас сэриилээн куораты ылаллар. Ити курдук Сэбиэт былааһа  иккистээн олохтонор.

Степан Аржаков туһунан, кистэлэҥ куруһуоктан доҕордоспут үөлээннэхтэрэ Н.Н.Захаренко: «Во всей его представительной внешности чувствовалось уверенность, солидность. … Он был сдержан, тактичен, неизменно вежлив. … Это был бесстрашный  и смелый революционер, который с завидным хладнокровием выходил победителем в сложнейших ситуациях, в кготорых оказывался в годы борьбы за советскую власть в Якутии», — диэн ахтар «Эти прекрасные люди» кинигэтигэр. Дьэ чахчы халбаҥнаабат большевик, эр санаалаах, хорсун байыас Саха сирин губревкомун уонна губбюротун чилиэнэ Степан Аржаков салалтаҕа да, доҕотторун ортотугар да убаастанар, сыаналанар киһи буоларын Губревком 1921 с.сэтинньитигэр Аржаковка Губревком Майанан, Амманан, Нельканынан үрүҥ-банданы кытары охсуһар I оһуобай этэрээтин толору боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин быһыытынан биэрбит дастабырыанньата өссө чиҥэтэр. Онно: «Тов.Аржакову предоставляется право самостоятельно разрешать все вопросы, связанные с советским строительством, также все земельные, продовольственные и административные, распускать и назначать волсельревкомы, судить преступников по должности до применения высшей меры наказания включительно, смягчить или освобождать от продналога общества, оказывающие исключительную помощь отряду или попавшие в тяжелое положени от стихийных бедствий. ..»- диэн (НА РС(Я). Ф.П. -2. Оп.3. Д.23. Л.11.) баар. Сүрдээх буолбат дуо.

1920 с.атырдьах ыйыгар Аржаков Москваҕа, Свердлов аатынан Коммунистическай университекка алта ыйдаах партийнай курска үөрэнэ барар. Ити кэмҥэ ахсынньыга буолбут VIII Бүттүүн Россиятааҕы Сэбиэттэр сийиэстэригэр Саха сириттэн делегат быһыытынан кыттар. Ити үөрэнэр кэмигэр Степан Максимович Наркомнацка саха отделын тэрийэр уонна сэбиэдиссэйинэн ананар. Киниэхэ Саха сиринээҕи губбюро сорудаҕа — автономия боппуруоһугар үлэлэһии этэ. Ол курдук Саха автономиятын Проегын оҥорууну Наркомнацколлегиятын председатэлэ Сталин сорудахтыыр. Ити Проегы Барахов уонна Ойуунускай оҥорон ыыталлар. 1921 с.ыам ыйын 16 күнүгэр буолбут Наркомнац коллегиятыгар Саха уобалаһыгар автономияны биэрии туһунан боппуруос көрүллүүтүгэр Аржаков уонна Плич кыттыыны ылбыттар, дакылаат оҥорбуттар. Бу сүрдээх улахан боппуруоска кыттыы этэ. 1921 с. Степан Аржаков үөрэҕин бүтэрэр Саха сиринээҕи партия губкомун дьаһалыгар ыытыллар.

1921с.алтынньы 14 күнүгэр, Саха АССР Конституциятын, үлэһит быраабын уонна эбээһинэһин туһунан сүрүн докумуону Декларацияны оҥорууга уонна Саха сирин территориятын быһаарыыга комиссия тэриллэр. Бу хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн губревком бэрэссэдээтэлэ П.А.Ойуунускай, чилиэннэринэн Ст.М.Аржаков, Г.Ефимов, С.Донской,Л.Тверской ананллар.

Бу дьыл алтынньы 23 күнүгэр бу комиссия мунньаҕар маннык боппуруостары көрбүттэр уонна быһаарбыттар:

Протокол заседания комиссии по выработке Конституции ЯАССР. 23 октября 1921г.

Присутствуют: председатель Слепцов-Ойунский, члены: Ефимов, Донской и Аржаков.

Обсуждали:1. О декларации прав, обязанностей трудящихся ЯАССР.

Постановили: Принять проект Декларации, предложенный т.Слепцовым-Ойунским без изменения.

Обсуждали: 2.О краевом ревкоме.

Постановили: Переговорить по данному вопросу с Губбюро РКП.

Обсуждали: 3. Проект конституции, составленный Слепцовым, Ис.Ивановым и Агеевым, принимается с некоторыми изменениями.

 

                                       Председатель П.Слепцов-Ойунский

                                       Члены С.Аржаков, С.Донской, Г.Ефимов.

 (НА РС(Я), Ф.49. Оп.3. Д.20. Л.4. Подлинник.

1922 с.ахсынньы 27 күнүттэн 1923 сыл тохсунньу 19 күнүгэр дылы Бүтүн Саха сиринээҕи Бастакы Тэрийэр сийиэс (Первый Учредительный  съезд) үлэлиир. Бу сийиэс быһаарыытынан тохсунньу 21 күнүгэр бастакы сессия үлэлиир. Совнарком тэриллэр. Совнарком бэрэссэдээтэлинэн И.Н.Барахов, солбуйааччытынан С.Н.Донской-I талыллаллар. Ис дьыала народнай комиссарынан Ст.М.Аржаков талыллар. Аржаков өссө Саха сиринээҕм ЦИК иһинээҕи ГПУ отделын начальнигынан ананар. Бу үрдүк дуоһунастарга Степан Аржаков талыллыыта мээнэҕэ буолбатах этэ. Кини тирээн турар тыйыс балаһыанньаларга даҕаны ымыттыбатын, эппиэтинэһи сүгэртэн чаҕыйбакка быһаарыныы ыла охсорунан, киэҥ далааһыннаах салайааччы хаачыстыбаларынан, дьоҥҥо бары болҕомтолоох, оннооҕор былааһы утары саа-саадах туппут дьоҥҥо тулуурдаах. сымнаҕас сыһыаннаах киһи этэ диэн ахталлар эбит билэр дьон.1922 с.тохсунньу — муус устар устатын тухары барбыт Амма осадатын кэмигэр оһуобай отдел начальнига Степан Аржаков гарнизон политругун быһыытынан сылдьыбыт. Ити кэмнэр тустарынан Н.Н.Захаренко: «…Он (Аржаков) много сделал для скорейшей ликвидации мятежа антисоветчиков, как чрезвычайный уполномоченный губревкома и обкома партии с широкими правами в военной полосе восточных улусов Якутского округа. Он вспоминал о том, что малочисленныйгарнизон Амги не мог рисковать такой операцией, как самостоятельный прорыв окружения. Он подчеркивал, что положение было исключительнотрудным, однако небольшой гарнизон Амги был на редкость спаян, стоек и уверен в победе. И все же надо было иметь присущую Аржакову несгибаемую волю большевика, твердость и исключительное самообладание, чтобы в дни многомесячной осады вдвое превосходящихсил врага организовать школу по ликвидации неграмоьности. выпускать свою газету. поддерживать железную дисциплину и стойкость в осажденном гарнизоне», — диэн ахтар 1978. Якутскайга тахсыбыт «Эти прекрасные люди» кинигэтигэр. Онон Ис дьыала наркомунан Аржаков талыллыыта оруннаах этэ.

1923с.Саха АССР ЦИК састаабыгар талыллар.1924с.бэс ыйыттан ахсынньыга диэриСовнарком бэрэссэдээтэлэ.1924с.- Нарком внутренней торговли.1926с. С.М.Аржаков А.И.Рыков аат.Москватааҕы промышленно-экономический институтка үөрэнэ киирэр.1930с.бүтэрэр.1927с. XIII Бүттүүн Россиятааҕы уонна IV Бүттүүн сойуустааҕы Сэбиэттэр сийиэстэригэр совещательнай куоластаах делегатынан кыттар.1930 с. С.М.Аржакову республика салалтатаснабжения наркомунан аныыр. Ити кэмнэргэ VII Бүттүүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр сийиэстэригэр Аржаков «О путях развития транспорта» диэн дакылаатынан сийиэс транспот проблемаларын быһаарар дьаһаллары ылар.1932с. тохсунньу 14 күнүгэр земледелия наркомунан ананар.Бу сылларга холкуостары, МТС-тары тэрийии, бөҕөргөтүү курдук күүстээх үлэлэри ситиһиилээхтик тэрийэр. 1934 с. VIII Бүттүүн Саха сиринээҕи сийиэскэ нарком Аржаков «О развитии и улучшения животноводства» диэн дакылаат оҥорор. Ити сийиэскэ С.М.Аржаков ССРС ЦИК Национальностарын Сэбиэтигэр чилиэнинэн ананар. 1937с. Саха АССР Совнаркомун председатэлинэн бигэргэнэн. 1938 с. ити үрдүк дуоһунаһыттан уһулаллар, партияттан таһаараллар. 1939 с. олунньу 5 күнүгэр Степан Максимович тутллан хаайыллар. 1941с. ыам ыйын 17 күнүнээҕи ССРС НКВД оһуобай быһаарыытынан аҕыс сылга лааҕырга приговорданар.  Иккистээн сууттанан 1942 сыллаахха ыам ыйыгар ытарга уураахтанар. 1956 с. Саха АССР Верховнай суутуну уурааҕынан сырдык аата төннөрүллүбүтэ.

                                    Копыленко С.Д.

                                И.Н.Барахов аат. СР государственноһын музейын салайааччыта.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: