Степан Саргыдаев: «Дьоруой үрдүк аатын ылыы — бука барыбыт киэн туттуута»
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэлиэтиир дьоро күҥҥэ Саха сириттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт буойуттартан аан бастакынан «Боотур» этэрээт хамандыыра Александр Колесов Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылар чиэскэ тиксибитинэн ис сүрэхпиттэн киэн туттан туран, итиитик эҕэрдэлиибин!
Ааспыт сыл балаҕан ыйыгар буолбут ыарахан киирсиилэргэ Александр үйэлэргэ устуоруйаҕа киирэр хорсун быһыыны көрдөрбүтэ. Бу уустук аныгы байыаннай эпэрээссийэҕэ саха норуотуттан бастакынан Дьоруой үрдүк аатын ылыы — бука барыбыт киэн туттуута, өрөспүүбүлүкэ уонна дойдубут устуоруйаларыгар умнуллубат албан аат. Александр Гаврильевич бу чыпчаал ааты сэргэ «Золотая Звезда» мэтээл оһуобай бэлиэтинэн наҕараадаланна. Маннык туохтан да чаҕыйбат хорсун, хоодуот буойуттардаах дойду кыайыы-хотуу аргыстаах, инникигэ тулхадыйбат бигэ эрэллээх! Сахабыт сирин чулуу Ньургун Боотурдарыгар уруй, айхал буоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: