Степан Саргыдаев: «Өлүөнэ муостатын тутуу хотугу кыраайга историяҕа киирэр улахан ситиһии»
Өлүөнэ эбэни туроруур муостаны тутуу хотугу сиргэ историяҕа киирэр улахан ситиһии буоларын сэргэ, элбэх көлүөнэ дьон баҕа санаатын туолуутунан буолуоҕа.
Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев санаатын үллэстэр.
«Саха сирин бары олохтоохторо 2023 сыллаахха сайын дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Муостаны тутуохпут» диэбитигэр, үйэ тутуута сотору саҕаланыаҕын иһитиннэрбитигэр олус үөрбүттэрэ. Өлүөнэни туоруур муостаны тутуу хотугу кыраайга улахан ситиһии, ордук өрүс уҥуор олорор улуустарга, биһиэхэ. Ону сэргэ, элбэх көлүөнэ дьон ыра санаата туолуо. Бу, биллэн турар, биһиги улуустарбыт социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар улахан сабыдыаллаах буолара саарбахтаммат. Хас үйэ биһиги биир дойдулаахтарбыт суол алдьаммыт кэмигэр ыарахаттары көрсөллөрүй?! Холобур, эмп-томп ылаары, доруобуйатын көрдөрүнээри, мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйан, тыа сирин олохтооҕо айаныгар балачча элбэх харчыны төлүүр. Оттон олоххо-дьаһахха наадалаах малы-салы, эми-тому улуустарга тиэрдии хайдаҕый? Муоста суоҕуттан кыһалҕа олус элбэх.
Өлүөнэ муостата судаарыстыбаннай суолталаах, олохтоох бүддьүөт экэниэмийэлэниэ, эрэгийиэн нэһилиэнньэтигэр тырааныспар кыаллымтыа, табыгастаах буолуоҕа. Биһиги, чурапчылар, муоста тутулларын тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэбит. Бу улахан бырайыак олоххо киирдэҕинэ, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар саарбахтааһын суох», — диэтэ улуус баһылыга.
Степан Саргыдаев Чурапчы улууһун бары олохтоохторун ааттарыттан РФ Бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархан Айсен Николаевка махтанна уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун өр күүппүт ыра санаалара туолбутунан, бэлиэ күнүнэн — Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста бастакы сыбаайата түспүтүнэн эҕэрдэлээтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: