Степан Саргыдаев: «Өлүөнэ муостатын тутуу хотугу кыраайга историяҕа киирэр улахан ситиһии»

Share

Өлүөнэ эбэни туроруур муостаны тутуу хотугу сиргэ историяҕа киирэр улахан ситиһии буоларын сэргэ, элбэх көлүөнэ дьон баҕа санаатын туолуутунан буолуоҕа.

Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев санаатын үллэстэр.

«Саха сирин бары олохтоохторо 2023 сыллаахха сайын дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Муостаны тутуохпут» диэбитигэр, үйэ тутуута сотору саҕаланыаҕын иһитиннэрбитигэр олус үөрбүттэрэ. Өлүөнэни туоруур муостаны тутуу хотугу кыраайга улахан ситиһии, ордук өрүс уҥуор олорор улуустарга, биһиэхэ. Ону сэргэ, элбэх көлүөнэ дьон ыра санаата туолуо. Бу, биллэн турар, биһиги улуустарбыт социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар улахан сабыдыаллаах буолара саарбахтаммат. Хас үйэ биһиги биир дойдулаахтарбыт суол алдьаммыт кэмигэр ыарахаттары көрсөллөрүй?! Холобур, эмп-томп ылаары, доруобуйатын көрдөрүнээри, мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйан, тыа сирин олохтооҕо айаныгар балачча элбэх харчыны төлүүр. Оттон олоххо-дьаһахха наадалаах малы-салы, эми-тому улуустарга тиэрдии хайдаҕый? Муоста суоҕуттан кыһалҕа олус элбэх.

Өлүөнэ муостата судаарыстыбаннай суолталаах, олохтоох бүддьүөт экэниэмийэлэниэ, эрэгийиэн нэһилиэнньэтигэр тырааныспар кыаллымтыа, табыгастаах буолуоҕа. Биһиги, чурапчылар, муоста тутулларын тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэбит. Бу улахан бырайыак олоххо киирдэҕинэ, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар саарбахтааһын суох», — диэтэ улуус баһылыга.

Степан Саргыдаев Чурапчы улууһун бары олохтоохторун ааттарыттан РФ Бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархан Айсен Николаевка махтанна уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун өр күүппүт ыра санаалара туолбутунан, бэлиэ күнүнэн — Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста бастакы сыбаайата түспүтүнэн эҕэрдэлээтэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Саһарбыт страницалар: 80 сыл анараа өттүгэр

80 сыл анараа өттүгэр, ыам ыйын 9, 10 күннэригэр, “Кыым” хаһыакка тугу суруйбуттарай? Бу суруйуулары…

12 минут ago
  • Култуура
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Кэнникинэн оҕолор эрэпэтииссийэ хаһан буолар?” — диэн бэйэлэринэн ыйыталлар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1995 сыллаахха ийэлээх аҕатын мэтириэтин тутан параакка хаампыт учуутал

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уола Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттар

Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх  параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…

2 часа ago
  • Сүрүн

ХААРТЫСКА: Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…

3 часа ago