Степан Саргыдаев: «Эрэгийиэннэр сайдыыларыгар улахан болҕомтотун уурара чахчы көстөр»

Share

Бэҕэһээ Айсен Николаев Владимир Путины кытары кэпсэтэригэр Саха сиригэр национальнай бырайыактар оллоххо хайдах киирэллэрин туһунан отчуоттаабыта.

Ил Дархан ааспыт биэс сыл иһигэр бары судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан 329 бөдөҥ эбийиэк – мэдиссиинэ кииннэрэ, балыыһалар, оҕо уһуйааннара тутуллубуттарын эппитэ уонна Владимир Путиҥҥа өйөбүлүн иһин махтаммыта.

Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев санаатын үллэстэр:

— Владимир Путин Саха сиригэр ураты сыһыаннаах дии саныыбын. Кэлиҥҥи уон сылга Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэрин сайдыытыгар улахан болҕомтотун уурда, ол иһигэр биһиги Сахабыт сиригэр. Манна өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ куораттарын сайдыытыгар, ирбэт тоҥноох, ураты усулуобуйалаах сиргэ, маастар-былааны оҥотторон, туспа үбү-харчыны көрдөрөн өйөөһүнэ – бу сүрдээх улахан күүс-көмө буолар. Урукку даҕаны кэмнэргэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх социальнай эбийиэктэр тутуллалларыгар, инфраструктура, логистика сайдыытыгар улахан өҥөлөөх.

Бырамыысаланнаһы балысханнык сайыннаран, сиртэн хостонор баайтан киирбит нолуогу туһаныыга эмиэ өйөбүлэ улахан. Аны Владимир Путин бэйэтин көҕүлээһининэн тэрийбит национальнай бырайыактара олус көдьүүстээхтэрин олох көрдөрдө диэххэ наада. Аҥардас «Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыага тыа сирин дьоно-сэргэтэ доруобуйаларын эрдэттэн көрдөрөллөрүгэр, бэрэбиэркэлэнэллэригэр кыаҕы биэрдэ. Оттон оскуолалар, уһуйааннар тутуллууларын туһунан киһи этэ даҕаны барбат.

Биһиги улууспутугар хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата күүскэ үлэлиир. Саҥа дьиэҕэ көһөрүүнэн биһиги бастыҥнар ахсааннарыгар киирэбит. Кэнники уон сылга 2110 ыал олорор усулуобуйатын тупсарда, ол эбэтэр 813 кыбартыыра, 36 мэндиэмэннээх таас дьиэ киириитэ тыа сиригэр олус улахан суолталаах. Онон дойду бэрэсидьиэнэ бары хайысхаҕа, эрэгийиэннэр сайдыыларыгар улахан болҕомтотун уурара чахчы көстөр дии саныыбын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

4 часа ago