Степан Саргыдаев: «Улууспутугар үлэ-хамнас сөптөөхтүк ыытыллан, сайдыы аныгы олох тэтиминэн барар»
Чурапчы улууһа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар биир улахан улууһунан биллэр. Кэнники сылларга улууска элбэх үлэ ыытылынна. Бүгүн Чурапчы улууһа гаастаах, үчүгэй суоллаах-иистээх, элбэх саҥа дьиэ-уот, социальнай эбийиэк тутуллан, нэһилиэнньэтин ахсаана элбээн иннин диэки киэҥник хардыылаан иһэр. Бүгүн улуус сайдыытын туһунан Чурапчы улууһун баһылыгын Степан Саргыдаевы кытары кэпсэттибит.
— Степан Анатольевич, улууһуҥ олоҕун-дьаһаҕын, ситиһиитин туһунан кылгастык кэпсээ эрэ.
— Биһиги улууспутугар олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар сүрүн салааларга үлэ-хамнас сөптөөхтүк ыытыллан, сайдыы аныгы олох тэтиминэн барар. Статистика көрдөрөрүнэн, кэнники биэс сылга оройуон туруктаах буолуутун нэһилиэнньэбит бэйэтин айылҕатынан 999 киһинэн эбиллэн, тиһэх биэрэпис түмүгүнэн, Чурапчы улууһугар олорор дьон ахсаана 21955 киһиэхэ тэҥнэспитэ уонна үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтэ аччаабыта көрдөрөр. Ааспыт 5 сылга муниципальнай баалабай бородуукта 17 бырыһыан улаатан барыллаан ааҕыынан 7,3 миллиард солкуобайга тиийдэ. Ол курдук Чурапчы улууһа тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын кээмэйинэн өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар. 2023 сыл түмүгүнэн 1,8 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ. Былырыын оройуон олохтоох бүддьүөтүгэр 4,3 миллиард солкуобай кээмэйдээх дохуот киирбитэ, бу көрдөрүү 2019 сыл таһымыттан 18,6 бырыһыанынан улахан. Чурапчы улууһа тыа хаһаайыстыбатыгар ылар субвенциятын кээмэйэ биэс сыл иһигэр 297 мөлүйүөнтэн 431 мөлүйүөн солкуобайга диэри улаатта. Олохтоох бүддьүөттэн тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар анаммыт үбүлээһин кээмэйэ сыл аайы 20-чэ мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, быйыл 27,5 мөлүйүөҥҥэ таһаардыбыт.
— Тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх үлэ оҥоһулунна диэтиҥ, ынах сүөһүнү, сылгыны иитии хайдаҕый?
— Кэлиҥҥи сылларга улууспутугар ынах сүөһү ахсаана аччаан иһэрэ бэлиэтэнэр. Бу көстүү төрүөттэринэн сүөһү иитиитигэр өр сылларга үлэлээн кэлбит көлүөнэ сааһырыыта, ааспыт сылларга турбут кураан дьыллар буолаллар. Ол курдук 2024 сыл тохсунньу ыйын 1 күнүн туругунан бары көрүҥ хаһаайыстыбаларга 15146 ынах сүөһүнү, ол иһигэр 6244 төбө ынаҕы кыстатан турабыт. Сылгыбыт ахсаана – 16921 төбө. 2019 сылтан сылгы үөрүн дэриэбинэттэн тэйитэр, ынах мэччирэҥин, оттуур ходуһалары харыстыыр уонна ыраах учаастактары туһаҕа таһаарар сыалтан 9 сылгы баазата тутулунна. «Дьоҕус уонна орто урбаан итиэннэ биирдэм урбаан көҕүлээһинин сайыннарыы» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2019 сылтан үлэлиир «Агростартап» граҥҥа биһиги улуустан барыта 25 мөлүйүөн солкуобайдаах көмөнү 10 киһи ылла. Онтон «Дьиэ кэргэн фермата» диэн граны биэс сыл устата барыта 70 мөлүйүөн солкуобайдаах көмөнү 8 бааһынай хаһаайыстыба ылары ситистэ.
— Сир-уот боппуруоһа ханна да сытыытык турар, эһиэхэ хайдаҕый?
— Бүгүн улууспутугар арҕаа дойдулар санкцияларын усулуобуйатыгар социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн бигэ туруктаах буоларга, нэһилиэнньэни сибиэһэй бэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйатынан хааччыйарга улуус сири кытта үлэҕэ «Сир Ийэ» пилотнай бырайыага көдьүүстээхтик үлэлээтэ. Бырайыак чэрчитинэн барыта 66 мөлүйүөн солкуобайдаах үлэ барда. Ол курдук, «Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин» бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэ, улуус, хаһаайыстыба кыттыгас үбүлээһиннээх уопсайа 28 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллэн 15 тиэхиньикэ, ол иһигэр 3 МТЗ тыраахтар, 12 состоруллар тиэхиньикэ уонна 159 туонна күөх ыһыы сиэмэтин атыыластыбыт, 8 км күрүө уонна оту харайар 1 сарай тутуллуутун ороскуоттарын саптыбыт. Дулҕа-талах астарыытын бырагырааматын чэрчитинэн уопсайа 22 мөлүйүөн үптээх барыта 689 гектар сир оҥоһулунна. «Мелиоративнай үлэлэр» бырагырааманан 15 мөлүйүөннээх үлэ барда. Быйыл саас Хатылыга Бабаҕа уонна Одьулууҥҥа Таатта үрэххэ 10 мөлүйүөн солкуобай көрүллэн быһыттар тутуллубуттара. Ыытыллыбыт үлэ көдьүүстээҕэ нүөлсүтүллүбүт сиргэ от күүскэ үүнэн, 600 туоннаттан тахса оту ылбыттарыгар көһүннэ. Куоҕалы, Харыылаах уонна Бэрэ быһыттарын бырайыагын оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 5 мөлүйүөн солкуобай үп көрүлүннэ. Инникитин бу бырайыак өссө күүскэ үлэлээн миэстэтигэр оппутун булунууга, бэйэ оҥорон таһаарар олохтоох бородууксуйа элбииригэр улуус «Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы» бырагараамабыт чэрчитинэн олохтоох бүддьүөттэн 27,5 мөлүйүөн үп көрүллэн систиэмэлээх үлэ ыытыллара былааннанар.
— Эһиги улуускутугар национальнай бырайыактар хайдах олоххо киирэллэрий?
— Оройуон сайдыытын Стратегията туруорар сүрүн сыала-соруга национальнай бырайыактар уонна судаарыстыбыннай бырагыраамалар чэрчилэринэн олоххо киирэр. Чурапча улууһугар бу биэс сыл иһигэр 11 социальнай эбийиэк үлэҕэ киирбитэ, ол иһигэр 3 оҕо уһуйаана, 1 оскуола, уһуйааннаах 2 оскуола, 1 бибилэтиэкэ, 1 ФАП, 2 амбулатория, 1 успуорт саалата. Чурапчы улууһугар кэнники биэс сыл иһигэр барыта 26,0 тыһ. кв.м. иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киирдэ. Хаарбах дьиэлэртэн 1386 киһи көһөрүлүннэ. «Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраама утары үбүлээһинин улуус уонна нэһилиэктэр кыттыһан улаатыннараммыт урукку сылларга ортотунан 5-тии эдэр ыалы хааччыйар эбит буоллахпытына, быйыл 11 эдэр ыал дьиэлэннэ. Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы тустаах бырагырааманан биэс сыл устата 32 тулаайах оҕо Чурапчы нэһилиэгэр дьиэлэннэ.
— «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак төһө көдьүүстээҕий?
— Ааспыт сыл «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак бастакы сүһүөх звеноларын саҥардыы бырагырааманан Чыаппараҕа уонна Арыылаахха саҥа амбулаториялар үлэҕэ киирдилэр. Бүгүн өр сылларга ыра санаа оҥостубут саҥа баараҕай уонна аныгы тутуулаах таас балыыһабыт иккис уочаратын эбийиэгэ улуус олохтоохторо мэдиссиинэ билиҥҥи өҥөлөрүнэн туһанарга аанын арыйда. Маны таһынан судмедэкспертиза дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирэргэ бэлэм. Быйыл Дириҥ нэһилиэгэр саҥа амбулатория тутуллан киириэҕэ. Национальнай бырайыак чэрчитинэн «КамАЗ», «ПАЗ» оптуобус баазатыгар анал комплекстар, 11 «УАЗ» микроавтобус, обрудованиелар кэлбиттэрэ. Быйыл саҥа таас балыыһаҕа илин эҥэр улуустарга соҕотох сабыс-саҥа магнитнай-резонанснай томограф (МРТ) кэлэн турда.
— «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ күүскэ барбыт эбит.
— «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн 2019 сылтан саҕалаан «Точка роста» цифровой, гуманитарнай, естественнэй-научнай уонна технологическай хайысхалаах эбии үөрэхтээһин кииннэрэ улууспут 15 оскуолатыгар киирдэ. Быйыл эбии 5 оскуоланы хабан орто оскуолалар 100% хааччыллыахтара. Быйыл Хатылы орто оскуолатыгар киирэрэ былааннанар. «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» бырайыак чэрчитинэн Федотов аатынан МФСК-ҕа, Төлөй орто оскуолатыгар көҥүл тустуу спортивнай саалалара саҥардылыннылар.
Чурапчы улууһа биир уратытынан Арассыыйа Федерациятын тыатын сиригэр соҕотох үрдүк үөрэх кыһата – Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт федеральнай суолталаах судаарыстыбаннай института, орто анал үөрэх кыһата Чурапчытааҕы агротехническай колледж баара уонна ааспыт сылга Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж филиала аһыллыбыта буолар. Улууска уопсайа, үөрэх кыһаларын саалаларын учуоттаан туран, барыта 68 спортивнай эбийиэк баар, ол иһигэр 5 федеральнай суолталаах эбийиэк. Күн бүгүн Афанасий Кирикович Софронов аатынан спорт комплекса тутуллан үлэҕэ киириитэ нэһилиэк олохтоохторун бары араҥата чөл олохтоох буолалларыгар, спордунан дьарыктаналларыгар, бастыҥ ситиһиилэри көрдөрөллөрүгэр олук буолара саарбахтаммат. Инникитин биир улахан туруорар сыалбыт бассейн тутуута буолар. Маныаха «Харбааһын барыбытыгар» федеральнай бырагыраама олоххо киирбитэ биһиэхэ кыахтары биэрэр.
— Суол оҥоһуута эһиэхэ күүскэ барар, ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Мырыла – Даайа – Амма хайысхатынан сытар суол учаастагын тутуутугар 90 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллэн икки сыллаах 3 километр кэриҥэ уһуннаах суол тутуута, Хоптоҕо – Хадаар – Хайахсыт нэһилиэктэринэн ааһар «Абалаах» өрөспүүбүлүкэ суолталаах суол хапытаалынай өрөмүөнүн үлэлэрэ саҕаланнылар. Ааспыт сыл өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Чурапчы – Аллараа Бэстээх хайысханан оптуобус сырыыта олохтонно уонна удамыр сыанаҕа айанныыр кыахтанныбыт.
Чурапчыбыт нэһилиэгэ төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 375 сылын көрсө Ленин аатынан киин болуоссаппыт саҥалыы киэркэйдэ. Чурапчы нэһилиэгин иһинээҕи суоллары аспааллааһын ааспыт сылтан күүскэ барар. Ленин аатынан киин уулуссаҕа 1500 миэтэрэ, Спортивнай уулуссаҕа 450 миэтэрэлээх аспаал уурулунна.
— Олорор дьиэлэри гаастааһын бырагырааматынан төһө дьиэ холбонно?
— Күөх төлөҥҥө холбонуу – историяҕа киирэр түгэн, тыа сиригэр олох таһыма үрдүүрүн туоһута. Гаас киириэҕиттэн улууспутугар барыта 2372 дьиэ гаас ситимигэр холбонно. Ааспыт сыл Чурапчыттан Хатылыга диэри 7 биэрэстэ уһуннаах ситим тардыллан Хатылы нэһилиэгин 34 ыала гааска холбонно, Чурапчы Мурун-Тыымпыйа түөлбэтигэр 9-с пусковой комплекс үлэҕэ киирдэ. Быйыл 10- пусковой комплекс Спортивнай түөлбэҕэ киириэҕэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит социальнай гаастааһын бырагырааматынан былырыын барыта улуус үрдүнэн 562 дьиэҕэ күөх төлөн умайда. Кэлиҥҥи биэс сылга 6 хочуолунай тутулунна. Маны сэргэ гаас киирбэт нэһилиэктэригэр ыаллары киин ититиигэ холбуур сыаллаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбата» тэрилтэни кытта үс сыллаах эбии Сөбүлэҥ баттанна. Егор Борисов үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир дьаһаллар чэрчилэринэн Чурапчы нэһилиэгин Ярославскай аатынан уулуусса 1,5 км усталаах суолун аспааллааһын, Чурапчы – Сылаҥ хайысхатынан гаас ситимин тардыы үлэтин бырайыактааһын ыытыллара былааннанар.
— Оҕону, ыччаты иитии, эдэр ыалы өйөөһүн хайдаҕый?
— Улуус баһылыгын көҕүлээһининэн ыччат киинэ тэриллэн үлэлиир. 2023 сыл түмүгүнэн Чурапчы улууһа «Ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр уонна патриотическай иитиигэ бастыҥ муниципальнай оройуон» аатын ылла. Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылын көрсө дьиэ кэргэн олоҕун уйгутун үрдэтэр, бөҕө туруктаах буоларын ситиһэр сыаллаах 2024 сылы улууспутугар «Ыал саргытын» сылынан биллэрбиппит. Бу сыл чэрчитинэн анал бырайыак үлэлээн бастакытын оҕоломмут уонна оҕо иитэ ылбыт ийэлэргэ 50 тыһыынча суумалаах сэртипикээт салгыы бэриллэр буолла. Саха сиригэр бастакы элбэх өҥөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинэ Чурапчы улууһугар үлэҕэ киирдэ. Маны сэргэ улахан болҕомто аҕа оруолун күүһүрдүүгэ ууруллан, эр дьон түмсүүтэ тэриллэн үлэтин саҕалаата.
— Инники былааҥҥыт?
— Тутуу салаатыгар быйылгы соруктарбытынан Чурапчы нэһилиэгэр Бассейн тутуутун бырайыактааһын, Сылаҥҥа уонна Чурапчы Мурун Тыымпыйатыгар 75-тии миэстэлээх уһуйаан дьиэлэрин тутуу, улууспут саамай элбэх үөрэнээччилээх, баай устуоруйалаах, линвист-учуонай, саха алпаабытын төрүттээччи Семен Андреевич Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар эбии 315 миэстэлээх салҕааһыны тутуу, Ньидьили оройуонугар исписэлиистэргэ аналлаах уопсай дьиэ тутуллуулара, «Култуура» национальнай бырайыагынан Бахсы нэһилиэгэр кулууп дьиэтин тутуутун түмүктэниитэ буолаллар. Түгэнинэн туһанан, биһиги Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка уонна дойдубут бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа сөптөөх бэлиитикэни ыытаннар, тыа сирэ сайдар кэскиллэммитинэн махталбытын тиэрдэбит.
— Степан Анатольевич, киэҥ ис хоһоонноох кэпсээниҥ иһин махтанабын!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: