Дойду үрдүнэн үүнэр көлүөнэ ыччаты патриотическай иитии күүһүрэр. Бу күннэргэ патриотическай иитиигэ Чурапчы улууһа субсидия үбүн ылыыга куонкуруска кыттан кыайбытын туһунан улуус баһылыга Степан Саргыдаев бу курдук иһитиннэрэр.
— Биһиги улууспут социальнай бэлиитикэ хайысхатынан патриотическай иитиигэ туһаайыллыбыт «Саха сирин ыччата» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыайда. Онон Чурапчы улууһа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 3866593 солкуобай суумалаах субсидияны ылар буолла. Куонкурус ыччат судаарыстыбаннай бэлиитикэтин уонна нэһилиэнньэ ортотугар патриотическай иитиини олоххо киллэрэр үлэни ыытыыга субсидия үбүн ылар иһин ыытылынна. Биһиги улууспут куонкуруска биллэриллибит бары 10 хайысханан ситиһиилээхтик кытынна.
Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан 2023 сылтан 10 хайысхалаах куонкурус биллэриллэн, ким кыайыылаах субсидияны ылан, куонкурус усулуобуйатын быһыытынан ыччат судаарыстыбаннай бэлиитикэтин уонна нэһилиэнньэ ортотугар патриотическай иитиини олоххо киллэрэр үлэни ыытыыга үлэлиэхтээх. Онон ити хайысхаларынан биһиги улууска ыччат судаарыстыбаннай бэлиитикэтин уонна нэһилиэнньэ ортотугар патриотическай иитиини сэргэ устудьуоннар этэрээттэрин, волонтердар хамсааһыннарын, «ЮНАРМИЯ» хамсааһыны, оҕолор уонна ыччаттар Арассыыйатааҕы хамсааһыннарын, саастарын ситэ илик оҕолор сынньалаҥнарын тэрийиини, чөл олоҕу тутуһууну, ыччат араас таһымнаах уопсастыбаннай үлэлэргэ көхтөөх кыттыытын, «БАРЫ БИИРГЭ!» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабын үлэтин тэрийиини өйүүр, тэрийэр үлэ күүскэ барыаҕа.
Билигин дойду үрдүнэн үүнэр көлүөнэ ыччаты патриотическай иитии күүһүрэр. Маннык кэмҥэ Чурапчы ыччата барыга көхтөөх, ыарахаттартан чаҕыйбат, кэрэни кэрэхсиир, үтүөҕэ тардыһар. Онон оҕолор уонна ыччаттар улууспут, өрөспүүбүлүкэбит уопсастыбаннай олохторугар, патриотическай үлэни ыытыыга саамай көхтөөх кыттыыны ылыахтара, иилэһиэхтэрэ-саҕалаһыахтара диэн улахан эрэллээхпин!
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…