Степановтар харыларын ньыппарынан…

Степановтар харыларын ньыппарынан…

19.08.2023, 11:00
Саҥа тыраахтар абырыыр. Хаартыска Степановтар дьиэтээҕи архыыптарыттан.
Бөлөххө киир:

Сургуулук Үөһээ Бүлүү улууһун биир саамай кытыы нэһилиэгинэн буолар. Улуус кииниттэн 150 км хоту сытар. 500-чэ нэһилиэнньэлээх сэлиэнньэ. Манна «Сургуулук» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай өҥөнү оҥорор кэпэрэтиип үрдүк таһаарыылаахтик үлэлиир.

Кэпэрэтиип 2021 сыллаахха бастаан 6 чилиэннээх үлэтин саҕалаабыт. Салайааччынан Александр Степанов хаһаа­йыстыба чилиэннэрин уопсай мунньаҕынан талыллыбыт. Александр Федорович хаһаа­йыстыбатын кэргэнэ Чена Васильевналыын  иккиэн эрэ көрөллөр. Степановтар элбэх оҕолоохтор, хантан даҕаны харчы кэлэн түһэрин кэтэспэккэ, харыларын күүһүнэн ыал буолуохтарыттан ынах сүөһүнү ииттэн, этинэн, үрүҥ аһынан бэйэлэрин уонна оҕолорун хааччыйан олороллор. Билигин ыал аҕа баһылыга уолаттарын кытары оттуу сылдьар, ийэлэрэ сүөһүлэрин көрөр.

Чена уонна Александр Степановтар. Хаартыска Степановтар дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Үлэһит дьиэ кэргэн

Степановтар тыа ыалын сиэринэн сарсыарда 5-6 чаастан туран хамсанан бараллар. Күннэрэ ынах хомуйуутуттан саҕаланар, сарсыардааҥҥы ыам кэннэ, ньирэй аһатан баран, 8 чаастан үүт туттараллар. Дьиэ хаһаайына үүтүн туттараат оттуу ыстанар. Быйыл, хата, халлаан туран биэрэн, оттооһун үчүгэй эбит. Оттон улахан дьиэ кэргэн хаһаайката дьиэ ис-тас үлэтин таһынан, дьонугар хоточчу ас астыыр, оҕолорун, сиэннэрин көрөр, отчуттара киэһэ 8-9 чаас эргин кэлэллэрин кэтэһэр.

«Саас аайы, ыам ыйтан собуокка үүт туттарабыт, күҥҥэ иккитэ ыыбыт. Иллэрээ сыл аппараат ылынаммыт, са­­йынын ыырга сынньалаҥ буол­ла. Кэргэним бастаан тэрилтэ баарын саҕана ыанньыксыт­таабыта, онтон  ыһыллыбытын кэннэ иккиэн үлэтэ суох хаалбыппыт. Ол эрээри биһиги ыал буолуохпутуттан кэтэх хаһаа­йыстыбалаах буоламмыт, мэлдьи үлэ үөһүгэр сылдьабыт», – диэн кэпсиир ыал ийэтэ.

Чена Васильевна дьиэ кэргэнин туһунан маннык кэп­сиир: «Кэргэммин кытта 1994 сыллаахха саас, муус устарга Кырыкый уонна Сургуулук култууратын үлэһиттэрэ саас­таах дьоҥҥо анаан суорумньу тэрийбиттэригэр билсибиппит. Билсиһии саастаах дьоҥҥо диэн этэ эрээри, дьолбут быатыгар буолуо, эдэркээн – 20, 21 саастаах дьон тиийбиппит. Онно көрсөн ыал буолан, билигин 5 оҕолоохпут, 3 сиэннээхпит. Улахан уолбут Валерий куоракка ыал, биир уоллаах, кыыспыт Анджела Бүлүүгэ ыал буолан олорор, икки оҕолоох. Айанат диэн уолбут Жатайга судостроение үөрэҕэр үөрэнэр, быйыл 3-с куурус буолла. Арсеммыт 8-с кылааска таҕыста, кыра уолбут Леон – уһуйаан иитиллээччитэ. Кэргэним хаһаайыстыбабыт тутаах киһитэ буолан, иллэҥэ да суох. Ардыгар дьаһалта уу баһар массыынатынан саҥа тутулла турар оскуола-уһу­йааҥҥа уу баһан таһар. Мин бириэмэлэннэхпинэ иистэнэбин, дьиҥинэн, сөбүлүүр дьарык даҕаны баар бөҕө буоллаҕа дии, ол гынан баран, хаһаайыстыбалаах киһиэхэ иллэҥ да суох курдук.

Уопсайа 60 туонна отунан холкутук кыһыны туоруубут, ону таһынан саас 4,5 туонна кур оту эбэһээт хаалларабыт диэн кэпсиир хаһаайка.

Былааннара элбэх

От үлэтин үгэнэ. Хаартыска Степановтар дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Хаһаайыстыбаларыгар сү­рүн­­нээн ынах сүөһүнү иитэл­лэр, билиҥҥи туругунан 54 төбө сүөһүлээхтэр, ол иһигэр ыанар ынаҕа 14, биир атыыр оҕустаахтар, биир үлэһит оҕус­таахтар уонна биир соҕотох аттаахтар. Ньирэйдэрэ эмиэ 14, онтон борооскулары кытта тыһаҕастара 20-лэр.

Уопсайа 60 туонна отунан холкутук кыһыны туоруубут, ону таһынан саас 4,5 туонна кур оту эбэһээт хаалларабыт диэн кэпсиир хаһаайка.

«Бачча кэпэрэтиип тэринэн баран, өссө да былааммыт киэҥ,  аны саҥа хотон туттубут киһи диэн баҕа санаалаахпыт, бырайыакпыт уонна хотон туттар сирбит бэлэм. Эһиил кыаллар буоллаҕына, үп-харчы көһүннэҕинэ, хотон тутуутугар киирсиэхпит. Билиҥҥи хотоммутун кэргэним бэйэтэ туппута, сыл аайы кыралаан ньирэй атыылаһаммыт, ынах сүөһүбүт ахсаанын сыыйа-баайы элбэтиэхпит. Тыа сиригэр хаһаа­йыстыбалаах эрэ киһи олорор кыахтаах. Нэһилиэкпит, улуус дьаһалталара даҕаны хаһаа­йыстыба тэринэр дьону сөптөөхтүк өйүүллэр. Быйыл биһиги нэһилиэктэн икки хаһаа­йыстыба тиэхиньикэҕэ тигис­тэ. Онон үөрүүбүт үгүс, былаам­мыт киэҥ», – диэн этэр улахан дьиэ кэргэн Далбар хотуна.

Дьиэ кэргэн хаһаайыстыбата. Хаартыска Степановтар дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Саҥа тиэхиньикэ абыраата

Быйыл Степановтар Үөһээ Бүлүү ыһыаҕын кэмигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуустан саҥа тыраахтары ылбыттара. Үөрүү-көтүү үктэллээх, саҥа тиэхиньикэлэригэр олорон Сургуулукка сүүрдэн барбыттара.

«Саҥа тыраахтар ылынарбытыгар улуустааҕы тыа хаһаа­йыстыбатын управлениетын салайааччыта Сергей Иванов уонна улууспут дьаһалтата сүрдээҕин көмөлөспүттэрэ. Уопсайа улуус үрдүнэн 9 ты­­раахтар уонна 2 рулоннай пресс­-подборщик кэлбитэ, ити тиэхиньикэлэри аҕалыы 80% улуус­пут уйуммута. Биһиги Тыа хаһаайыстыбатын ми­­нистиэристибэтигэр ыытыллар «Возмещение затрат сельхозтехники» субсидияҕа кыттаммыт, онно хапсаммыт, тыраахтарбыт 50% субсидия быһыытынан биэрбиттэрэ. Былырыын тыраахтарбыт суох эрдэҕинэ, нэһилиэкпит баһылыга Алексей Тарасов дьаһалта тыраахтарын биир сыл уларсан, сүрдээҕин көмөлөспүтэ. Онон баһылыкпытыгар Алексей Алексеевичка махталбыт муҥура суох», – Чена Васильевна кэпсиир.

Тыраахтарбыт саҥа-саҥа курдук наһаа үчүгэй, бэйэбит тиэхиньикэлээх  буоламмыт оттуурбутугар үөрэ-көтө барабыт, оҕолор даҕаны настарыанньалара көтөҕүллэн сылдьар диэн хаһаайыстыба аҕа баһылыга үөрбүтүн биллэрэр.

Сир чугаһынан суох

Бачча элбэх төбөнү аһатыахха диэтэххэ, элбэх от отто­нуон наада, онуоха сиргит-уоккут баар дуо диэн ыйыталаһабын. Ханна да буоларын курдук, оттуур сир чугаһынан суох эбит. Сорох сири түүлэһэбит, сороҕун дьон сиригэр кыттыһабыт диэн эттилэр.

Өлгөм үүнүүлээх саамай улахан сирдэринэн Ыйылас Кубалааҕа буолар. Манна хоно сытан оттууллар. Урут тыраахтардара суох эрдэҕинэ, барытын илиинэн оттууллар эбит, оттон быйыл саҥа тиэхиньикэлэнэн абыраммыттар. Аны манна эбии рулоннай прессподборщик, от мустарар (ворошилка), куун ылыммыттар, онон быйыл күүстээхтик оттуур былааннаахтар, онуоха күннэрэ даҕаны туран биэрдэ.

Хаһаайыстыбабытыгар оттуурбутугар, сайын аайы оҕолорбут барахсаттар кэлэн көмөлөһөллөр, онтон атын, хайдах даҕаны бэйэбит оттуур кыахпыт суох диэн аҕа баһылык санаатын үллэстэр.

Бу маннык тыа сирин уйгулаах олоҕо түстэнэр. Бэйэтэ хаһаайыстыбалаах киһи хаһан даҕаны эстэн-быстан биэриэ суоҕа. Степановтар дьиэ кэргэттэрин курдук, дьиэ кэргэнинэн тэринэн үлэлиир хаһаайыстыбаны хайҕыахха эрэ сөп. Оҕолорун, ыччаттарын тэҥҥэ илдьэ сылдьан, үлэҕэ үөрэтэн, тыа ыалын сиэринэн сүөһү ииттэн, хаһаайыстыба тэринэн, хары күүһүнэн үлэлээн-хамсаан, ньир-бааччы олороллор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: