Страховката суох айаннаатаххына, быччаччы тутан ылыахтара

Страховката суох айаннаатаххына, быччаччы тутан ылыахтара

08.10.2024, 17:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Эспэримиэн кэлэр сыл кулун тутар ыйыттан киирээри турар.

Кэлэр сыл кулун тутар 1 күнүттэн страховката суох массыынаны ыыта сылдьааччылары автоматическайдык түһэрэ турар камера көмөтүнэн булан ылар эспэримиэн саҕаланыаҕа, диэн rgrunews иһитиннэрэр.

Эспэримиэн буола турар кэмигэр ыстараап түһэрин түһүө суоҕа эрээри, сыыһа дьаһана сылдьалларын туһунан сэрэтии кэлиэ.

Автостраховщиктар Арассыыйатааҕы сойуустарын баһылыга Евгений Уфимцев этэринэн, билигин дойду иһигэр 36 мөл. суоппар баар, бу мантан полиһа суох 7-10% киһи айанныыр. Эспэримиэн кэмигэр ханна ОСАГО-та суох айанныыр суоппар элбэҕэ тахсан кэлиэ дииллэр.

Иккис өттүнэн, бу дьаһал албын ОСАГО-ны оҥорор түөкүттэри утары охсуһуу буолар.

ОСАГО-нан страховкаламмыт суоппардар дааннайдара Киин баан тэрилтэтигэр Национальнай страховой информационнай тиһиккэ (НСИС) бэриллибиттэр. НСИС салайааччыта Николай Галушин тиһик хайдах үлэлиэҕин кэпсээтэ. Кини этэринэн, камера айаннаан иһэр массыыналары хаартыскаҕа түһэрэр. Хаартыскаҕа баар массыына нүөмэринэн кини бас билээччитэ ОСАГО дуогабарын оҥорсубута көстөн таҕыстаҕына, хаартыска сотуллар. Оттон страховка дуогабарын оҥорсубатах буоллаҕына, страховкалааһын информационнай тиһигэр ыйытыы барар. Икки күн иһигэр страховкаламматаҕа чуолкайданнаҕына, ыстараап түһэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: