Салгыы
Стручковтар Арассыыйатааҕы «Бастыҥ дьиэ кэргэн» күрэскэ кыайдылар

Стручковтар Арассыыйатааҕы «Бастыҥ дьиэ кэргэн» күрэскэ кыайдылар

15.09.2023, 11:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Томпо улууһун Тополинайыгар олорор Стручковтар дьиэ кэргэттэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бастыҥ дьиэ кэргэн» куонкуруска «Семья — хранитель традиций» номинациятыгар кыайда. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

«Түөрт оҕолоох көс ыал Варвара Андреевна уонна Дмитрий Семенович Стручковтар — удьуор табаһыттар, өбүгэлэрин төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьар уонна оҕолоругар, сиэннэригэр тиэрдэр соруктаахтар. Кинилэр өссө төгүл дакаастаатылар: Саха сирин баайа, модун күүһэ — бигэ туруктаах дьиэ кэргэттэригэр, үлэһит, сиэрдээх дьонугар» диэн кини телеграм-ханаалыгар суруйда.

Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска 86 эрэгийиэнтэн 384 дьиэ кэргэн кыттыбыт. Маннык улахан куонкуруска кыайыы — улахан ситиһии.

Стручковтар бу иннинэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көс ыал-2023» күрэскэ кыайбыттара. Ону тэҥэ, ыал ийэтэ Хотугу норуоттар бэһис оонньууларыгар табанан наарталаах сүүрдүүгэ бастаабыта.

Ону тэҥэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бастыҥ ыал-2023» куонкуруска «Семья — хранитель традиций» номинацияҕа Саха сириттэн төрүттээх Кузьма Николаевич уонна Татьяна Валериановна Юзвиктар дьиэ кэргэттэрэ эмиэ кыайбыта. Кинилэр Ленинградскай уобаласка көһөн олороллор, педагогическай династия утумнааччылара буолаллар. Хос эбэлэрэ Александра Винокурова — Халыма бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ диэн СИА суруйар. 

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: