Судаарыстыба баһылыга “Баҕа санаа харыйата” аахсыйаны саҕалаата

Share

Ахсынньы 5 күнүгэр буолбут #МЫВМЕСТЕ пуорумҥа сылдьан, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойдуга ыытыллар «Баҕа санаа харыйата» диэн аахсыйаны саҕалаата.

Бу аахсыйа — «Бастакылар хамсааһыннара» Арассыыйа ыччата өйүүр үтүө санаа тэрээһинэ.   «Манеж» Киин быыстапкалыыр саала Саҥа дьыллааҕы харыйатыттан судаарыстыба Аҕа баһылыга үс оҕо баҕа санаата суруллубут аккырыыккатын талла. Бэрэсидьиэн Владимир Путин толоруохтаах баҕа санаа аахсыйатын бастакы кыттыылааҕынан Белгородскай уобаластан  уон саастаах Маргарита Руцинская буолла. Кини авиатренажер пилота буолар дьикти баҕа санаалаах  эбит. Москва уобалаһыттан уон икки саастаах Таисия Леонова Игорь Моисеев аатынан норуот үҥкүүтүн ансаамбылын эрэпэтииссийэтигэр сылдьар кыахтанна.  Судаарыстыба баһылыгын көмөтүнэн, Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэттэн уон биэс саастаах Арина Порхал Санкт-Петербурга кэлиэн баҕарара. Бу оҕолор баҕа санаалара  Арассыыйа бэрэсидьиэниттэн бэлэх быһыытынан туолар кыахтанна.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Баҕа санаа харыйата” Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһиҥҥэ кыттыыта үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, кини 2018 сылтан ыла 18 оҕо Саҥа дьыллааҕы баҕа санаатын толордо.

Салгыы судаарыстыба баһылыга кимнээх ханнык баҕа санааларын толорбутун https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3475620 сигэнэн ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago