Ааспыт нэдиэлэҕэ Арассыыйа предпринимателлэрин күнүн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ Урбаан нэдиэлэтэ буолан ааста. Онно өрөспүүблүкэ салалтата кэлиҥҥи биэс сыллаах түмүгү таһаарда.
Өрөспүүбүлүкэҕэ “Дьоҕус, аччыгый биисинэһи уонна биирдиилээн урбаанньыт көҕүлээһинин өйөөһүн” федеральнай национальнай бырайыак олоххо тэтимнээхтик киирэр.
Арассыыйатааҕы Стратегическай көҕүлээһин ааҕыныстыбата быһаарыытынан, 2018 сыллаахха Саха сирэ дойду үрдүнэн 52-с миэстэҕэ сылдьара. 2020 сылтан дойду урбаанын ТОП-20 ахсааныгар киирбитэ.
«Кэнники 5 сылга Саха сирэ аччыгый уонна орто биисинэһи сайыннарыыга бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ. 2018 сылтан урбаанньыттар оҥорон таһаарыылара 50% үрдээтэ. Дьоҕус уонна аччыгый биисинэс эйгэтигэр 2018 сыллаахха 90 тыһыынча киһи хабыллыбыт эбит буоллаҕына, 2023 сылга урбаанньыт ахсаана 126 тыһыынчаттан тахса киһиэхэ тиийбит. Сыл аайы өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттара Национальнай рейтинг түмүгүнэн бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллар. Ол курдук, 2021 сыл түмүгүнэн Саха сирэ 13-с миэстэҕэ тахсыбыта», – диэн Ил Дархан бу күннэргэ бэлиэтэммит Арассыыйа предпринимателлэрин күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт урбаанньыттар Сүрүннүүр (координационнай) сэбиэттэрин мунньаҕар бэлиэтээбитэ.
Бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаах дьоҥҥо анаан пилотнай бырайыак үлэлэтэр буолан, бүгүҥҥү күҥҥэ бэйэ дьыалатынан дьарыктаныан баҕалаах элбээтэ. Норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар бу хайысханы сайыннаран эрэллэрэ үөрүүлээх суол.
Тимур ХАНДЫ, СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытын миниистирэ:
– Быйылгы сыл саҥатыттан өрөспүүбүлүкэҕэ урбаанньыт ахсаана 41969 киһинэн эбилиннэ.
Дьоҕус уонна аччыгый биисинэс эйгэтигэр 2022 сыл саҥатыгар былаан быһыытынан 100 139 киһиэхэ тиийэргэ былааннаммыт эбит буоллахпытына, сыл бүтэһигэр урбаанньыт ахсаана 122 174 буолбута. 2023 сылга 101 770 эбиллэригэр суоттанабыт да, аҥаардас ыам ыйыгар былаан аһара туолла – урбаанньыт ахсаана 126 707 киһи.
БИИР САНААНАН
Урбаанньыттарга өйөбүл бүддьүөккэ нолуок киириитигэр, дьон туттар хаачыстыбалаах табаара оҥоһуллан тахсыытыгар, тарҕаныытыгар, араас өҥөнү оҥорууга дьон үлэлээх, дохуоттаах буоларыгар, научнай-тиэхиньиичэскэй сайдыыга тиийэ үтүө өттүттэн дьайар төһүү күүһүнэн буолар.
Максим ПРОКОПЬЕВ, СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытыгар миниистири солбуйааччы:
– Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 42 тыһыынча кэриҥэ урбаанньыт эбиллэн, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар тахсыылаахтык үлэлии сылдьар. Сүрүннээн атыы-эргиэн эйгэтигэр урбаанньыт ахсаана үгүс. Ол кэнниттэн араас өҥөнү оҥоруу хайысхата тилэх баттаһан иһэр. Ол курдук, бырамыысыланнастан саҕалаан, аһы-таҥаһы, миэбэли оҥорон таһаарыыга үгүс дьон үлэлэһэр. IT-хайысхаҕа үлэлиир дьон ахсаана 1,5 тыһыынча киһиэхэ тиийдэ. Уонна сонун хайысха – дьон дьарыктаах буолуута. Бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыы олус ороскуоттааҕын учуоттаан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн кэккэ өйөбүл оҥоһуллар. Сокуоҥҥа уонна Бүддьүөт кодексыгар олоҕуран, куонкурус систиэмэтинэн сайаапка түһэрбит урбаанньыкка ороскуот сорох чааһа толуйуллан, бүддьүөттэн үбүлэнэр.
Үлэ тахсыылаах буоларын ситиһии (ханнык да хайысха буоллун: оҥорон таһаарыы, өҥө оҥоруу) былаас урбаанньыкка туох-ханнык усулуобуйаны, өйөбүлү оҥороруттан тутулуктаах. Ил Дархан Айсен Николаев салайар Сүрүннүүр (координационнай) сэбиэтигэр хас биирдии улуустан араас хайысхаҕа үлэлиир урбаанньыт чилиэн быһыытынан баар. Онон өрүттэр – былаас да бэрэстэбиитэллэрэ, урбаанньыттар да, быһаарыыны эрэйэр боппуруостары бары өттүттэн биир санаанан сөптөөхтүк, бэйэ-бэйэни өйдөһөн быһаарабыт. Министиэристибэ иһинэн эбэтэр улуус таһымыгар кыаллыбатах боппуруостары Сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕар туруорсабыт. Ол сэбиэт мунньаҕын Ил Дархан бэйэтэ сүрүннүүр буолан, федеральнай таһымнаах боппуруостарга эмиэ үлэлэһиэхпитин сөп.
Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ иһинэн туризм салаата тэтимнээхтик сайдар.
Дмитрий ГРОМОВ, туризмы сайыннарыы уонна олохтоох маркетинг ааҕыныстыбатын генеральнай дириэктэрэ:
– Саха сиригэр сынньанарга интэриэс үрдээтэ. Бу аҥаардас тас дьайыыттан эрэ тутулуктаммакка, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бэйэбит дойдубутун көрөр-истэр, кэрэхсиир турукка киирбиппитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Туризм салаатыгар үлэлиир урбаанньыттар араас өҥөнү хото оҥорор буоллулар. Ол түмүгэр киһи нус-хас хонор-сынньанар, дьаарбайар турбазаларын ахсаана элбээтэ. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, туризм эйгэтигэр араас саҥа бырайыактар олоххо киирдилэр. Холобура, урут Бүлүү, Өймөкөөн эҥээр таксыылыы сылдьыбыт уолаттар туроператор быһыытынан үлэлээн эрэллэрэ хайҕаллаах дьыала. Аны урут балыктааһыны, бултааһыны күннээҕи олохторугар эрэ дьарыгыра сылдьыбыт дьон, билигин дьону көрсөн бултатан, балыктатан, бэйэлэрэ арыаллаан айылҕаҕа илдьэ сылдьар буоллулар. Ити урбаан салаатыгар туризм эйгэтигэр сонун сүүрээн быһыытынан киирдэ.
Туризм ааҕыныстыбата харчы биэрбэт. Биһиги урбаанньыттары дохуоту тобулууга уонна оҥорууга көмөлөһөбүт. Онон кинилэр сайдыы суолун тутуһан, сөптөөх докумуону, сайаапканы кэмигэр оҥорон, министиэристибэ харчы үллэрэн биэриитэ – биһиги үлэбит түмүгэ. Ити курдук, туризм араас хайысхатыгар илиилэриттэн сиэтэ сылдьан бииргэ үлэлэһэн, биһиги өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарын кытта туризм кэскиллээх бырайыактарын олоххо киллэрэн эрэбит.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…
Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…
Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…