Салгыы
Судаарыстыба өттүттэн кимиэхэ чэпчэтии баарый?

Судаарыстыба өттүттэн кимиэхэ чэпчэтии баарый?

14.09.2024, 19:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Кыстыкка киирии саҕаланыыта, уот, гаас, ититии сыаната холбоһон, тос курдук буола охсор. Ону арыый аччатарга судаарыстыба өттүттэн кимнээххэ туох чэпчэтии баарый? Элбэх өҥөнү оҥорор киин нэһилиэнньэҕэ маннык чэпчэтиилэр баалларын билиһиннэрэр.

Олорор дьиэ уонна олох-дьаһах өҥөлөрүн төлүүргэ ый ахсын харчынан толуйуу кимнээххэ ананарый?

— СӨ № 1935‑З № 1427‑V 20.12.2017 с. сокуонугар сөп түбэһиннэрэн, олорор дьиэни-уоту, олох-дьаһах өҥөлөрүн төлөөһүҥҥэ ыйдааҕы харчы толуйуутун анааһын уонна толуйуу сокуонунан, маннык дьоҥҥо оҥоһуллар:
— Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, инбэлииттэригэр, тыыл бэтэрээннэригэр, огдооболоругар 2674 солк. көрүллэр;
— Бэлитиичэскэй эрэпириэссийэлэртэн эмсэҕэлээбит дьоҥҥо, 01.01.1992 сыллаахха диэри персональнай биэнсийэ оҥоһуллубут дьонугар — 3743 солк;
— СӨ үлэ бэтэрээннэригэр, Чурапчы улууһун, Мииринэй оройуонун Туой Хайа сэлиэнньэтин көһөрүүтүн кыттыылаахтарыгар — 1604 солк.
— Көрбөт инбэлииттэргэ (олох көрбөт дьоҥҥо) — 4280 солк.

Бу төлөбүрү анаттарар туһугар гражданин олорор дьиэтигэр регистрациялаах эбэтэр олорор дьиэтин хомунаалынай өҥөтүн төлүүр буолуохтаах (баҕар, бас билээччи буолбатаҕын да иһин, бырапыыскалаах сиригэр иэһэ суох диэн ыспыраапка аҕалыахтаах). Олорор дьиэҕэ уонна олох-дьаһах өҥөлөрүгэр иэһэ суох эбэтэр иэһи сабарга сөбүлэһии оҥоһуллубут буолуохтаах. Бу өҥөҕө хос аахтарыы көрүллэр (перерасчет). Хос аахтарыы харчыта өҥө анаммытын 6 ый кэннэ бэриллэр.

Федеральнай регистргэ турар дьоҥҥо эмиэ туһунан көмө баар. Кимнээх маны ылаллар?

Инбэлиит оҕолоохтор, Аҕа дойду сэриитин инбэлииттэрэ, кыттыылаахтара, блокадниктар, оҕо сылдьан фашизм хаайыытыгар олорбуттар, өлбүт байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ, өлбүт Аҕа дойду сэриитигэр кыттыылааҕын, инбэлиитин огдообото, I, II, III курууппалаах инбэлииттэр, ЧАЭС, МАЯК, Семипалатинскай кыттыылаахтара, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, байыаннай сулууспалаахтар (о. и. саппааска ыытыллыбыт, байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт).

Өскөтө дьиэҕэ бииртэн элбэх инбэлииттээх киһи/бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара/Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа регистрацияламмыт буоллаҕына, төлөбүр хас биирдии киһиэхэ ананар. Өскөтө оҕо инбэлиит уонна улахан киһи инбэлииттээх/бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара/Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа буоллаҕына, төлөбүр оҕоҕо дуу, улахан киһиэхэ дуу бэриллэрин, гражданин бэйэтэ быһаарар.

Сайаапка биэрээччи регистрациялаах дьиэтигэр төлөөбүт кибитээнсийэлэрин, докумуоннарын барытын аҕалар;
Аан бастаан оҥорторор буоллаҕына, сайабылыанньа биэриэн иннинээҕи төлөөбүт ыйын аҕалар;
ЕДК (ежемесячная денежная компенсация) хос аахтарар буоллаҕына — бүтэһик 6 ыйы.

Ол да буоллар…

Судаарыстыба олохтуур чэпчэтиилээх өҥөлөрө, көрдөххө киһиэхэ барытыгар да барсыах курдуктар гынан баран, иһигэр киирдэххэ элбэҕэ суох араҥа хапсар.

Анна, Амма олохтооҕо: Ыйдааҕы төлөбүрбүн хаттаан аахтаран, аччатыахпын баҕарбытым да, кыаллыбата. Туох баар бөххө, уокка-ууга төлөөбүт суумаҕын холбоон баран, дьиэ кэргэҥҥэр баар дьоҥҥор түҥэтэн кэбиһэллэр. Онно биир, киһиэхэ тиксэр суума 1602 солкуобайы аһара барар буоллаҕына, ол араастаһыытын төлүүллэр эбит, биһиэхэ аһарбат этэ, онон аккаастаабыттара.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр коммунальнай өҥөлөрүгэр 30 бырыһыаннаах чэпчэтии кимнээххэ хайдах бэриллэр?

Дьиэ кэргэн 18 сааһыгар диэри саастаах үс эбэтэр үстэн элбэх оҕолоох эбэтэр 23 сааһыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр, аармыйаҕа сулууспалыыр оҕолоох буоллаҕына;
Бигэргэтиллибит бырапыыскалаах биир олорор дьиэҕэ чэпчэтии оҥоһуллар;

Сайабылыанньа бэриллэр күнүгэр биир ый иннинээҥҥи олорор дьиэ уонна хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр оҥоһуллубут буолуохтаах.

Холобур, сайабылыанньа балаҕан ыйын 10 күнүн иннинэ бэриллибит буоллаҕына, төлөбүр кибитээнсийэлэрэ 2023 сыл балаҕан ыйыттан 2024 сыл от ыйыгар диэри баар буолуохтаахтар, оттон сайабылыанньа балаҕан ыйын 11 күнүн кэнниттэн бэриллибит буоллаҕына — кибитээнсийэлэр 2023 сыл балаҕан ыйыттан 2024 сыл
атырдьах ыйыгар диэри.

Төлөбүр 12 ый болдьохтоох бэриллэр, ый ахсын биир төрөппүт “Алмаасэргиэнбаан” “Саха сирин олохтооҕун каартатын” счетугар түһэр. Сайабылыанньаны 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн e‑yakutia.ru портал нөҥүө эбэтэр “Мин докумуоннарым” Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран биэриэххэ сөп. Бу көмөнү Субсидия ааҕыныстыбата аныыр. Саайтара: http://subsidii-jku.ru/

Маны билиэххэ наада:
— Төлөбүр дьиэ кэргэн холбуу дохуотугар учуоттанар, онон босуобуйа, хомунаалынай өҥө субсидиятыгар, атын да социальнай төлөбүрдэр ананыыларыгар сабыдыаллыан сөп.
— Сайабылыанньа суруллубут кэмин иннинээҕи 12 ыйга дьиэ кэргэн хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр иэһэ суох буолуохтаах.
— Төлөбүр ананыытыгар элбэх оҕолоох ыал дохуота учуоттаммат.

Өскөтө гражданиҥҥа 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр төлөбүр ананара сөптөөх уонна сайабылыанньатын, кибитээнсийэлэрин, докумуоннарын кытта 2024 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри туттарбыт буоллаҕына, төлөбүр 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн ананар.

Олорор дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр субсидия

Субсидия — бу судаарыстыба эбэтэр олохтоох бүддьүөт суотугар бэриллэр туһанааччыларга төлөбүрдэр. Субсидия бэриллэр, өскөтө гражданнар олорор дьиэлэригэр уонна хомунаалынай өҥөлөрүгэр төлүүр ороскуоттара дьиэ кэргэн холбуу дохуотун аһара барар буоллаҕына.

Субсидияҕа кимнээх түбэһиэхтэрин сөбүй?
— Кыбартыыраны, олорор дьиэни эбэтэр сорҕотун бас билээччилэр;
— Судаарыстыбаннай, муниципальнай уонна чааһынай дьиэни наймылаһыы дуогабарынан ылан олорор дьон;
— Олорор дьиэ-уот, тутуу кээпэрэтиибин чилиэннэрэ

Чэпчэтиинэн туһанааччы субсидия оҥоһуллар аадырыһыгар бырапыыскалаах буолуохтаах. Субсидия ананарыгар дьиэ кэргэн эрдэтээҕи 6 ыйдаах дохуота барыта учуоттанар.
Иэстээх кыбартыыраҕа субсидия оҥоһуллубат. Арай дьиэни бас билээччи управляющай хампаанньаны кытта иэһи төлүүр туһунан сөбүлэһии түһэрсибит буоллаҕына, оҥоһуллуон сөп.
Гражданин үлэлээбэт эрээри, Дьарыктаах буолуу киинигэр турбатах уонна үлэтэ суох диэн статуһа суох буоллаҕына, өҥө оҥоһуллубат.

Бу өҥөлөрү барытын электронно Е‑Якутия эрэгийиэннээҕи портал нөҥүө оҥотторуохха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: