Судаарыстыба сэбиэтин саҥа састааба талылынна

Судаарыстыба сэбиэтин саҥа састааба талылынна

27.07.2024, 09:30
Саҥа састаап Арассыыйа бэрэсидьиэнин от ыйын 22 күнүнээҕи ыйааҕынан үлэтин саҕалаата. Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Судаарыстыбаннай сэбиэт састаабын уларытта. Судаарыстыбаннай сэбиэккэ федерация үрдүкү салалтатын таһынан эрэгийиэн баһылыктара киирэллэрэ. Быйыл хас да баһылык федеральнай миниистиринэн ананан, Сэбиэт анал хамыыһыйаларын салайааччылара уларыйдылар. Ол иһигэр биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев энэргиэтикэ боппуруоһугар үлэлэһэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ буолла. Сэбиэт туһунан сиһилии хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр билсиэҕиҥ.

Судаарыстыба сэбиэтэ

Былыр Судаарыстыба сэбиэтэ диэн сокуону оҥорор уорганы ааттыыллара. Билигин бу систиэмэ улары­йан, Судаарыстыбаннай сэ­биэт Төрүт Сокуоҥҥа олоҕуран дойду бэлиитикэтин ыытыыга туһуламмыт сүбэлэһэр, ырытыһар уорган буолар. Манныкка хабааннаах уорган 1991 сыллаахха тэриллэ сылдьыбыта. Ол эрээри ситэ биир сыл үлэлээбэккэ ыһыллан хаалбыта. 1993 сыллаахха Конституция ылыныллыбытын кэннэ Сэбиэти сөргүтүү туһунан сокуон бырайыактара оҥоһулла сылдьыбыттара да, олоххо киирбэтэхтэрэ.

Арай кэлин 2000 сыллардаахха хат эргийэн, ити сыл бэрэсидьиэн Владимир Путин Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Федерация Сэбиэтин тутулун туһунан сокуон бырайыагын киллэрбитэ. Бу сокуон барылын ырытыы кэмигэр эрэгийиэннэр кыһалҕаларын быһаарыыга көмө буолар сүбэлэһэр Сэбиэти тэрийии боппуруоһа күөрэйэн тахсыбыта. Онон 2000 сыллаах­ха балаҕан ыйыгар бэрэси­дьиэн Владимир Путин ыйаа­ҕынан Судаарыстыбаннай Сэбиэт диэн тэриллибитэ. Сэбиэт чилиэннэрин бэрэсидьиэн бэйэтинэн аныыр буол­бута.

Сэбиэт бастакы мунньаҕа ити сыл сэтинньитигэр ыытыллыбыт. Бастакы мунньахтарыгар дойду кэлэр уонча сыл­лаах стратегическэй сайдыытын ырыппыттар. Мантан да көрдөххө, бу уорган эрэгийиэн­нэр күннээҕи кыһалҕаларын быһаарыыга эрэ буолбакка, дойду сайдар былаанын оҥорууга биир тутаах миэстэни ылар суолталаммытын бэлиэтиир наада.

Аны туран, Сэбиэт үлэлээбитэ сүүрбэ сылыгар 2020 сыллаахха Судаарыстыбаннай Сэбиэт Төрүт Сокуоҥҥа (Конституцияҕа) киллэриллэн, статуһа өссө үрдээн биэрбитэ. Онон билигин, биир өттүнэн, бэрэсидьиэн сүбэ-ама ылар уҥа илиитин курдук сыаналыахха сөп.

Сэбиэт туох соруктааҕый?

Сэбиэт туох сыаллаах-соруктаах тэриллибитэй диир буоллахха, бастатан туран, Сэбиэт дойду иһинээҕи уонна тас дойдулары кытары ыытар бэлиитикэтин оҥорууга сүбэ-­ама буолар. Иккиһинэн, федерация, эрэгийиэннэр, олох­тоох салайыныы таһымнарыгар сүрүн сыалы-соругу туруорууга үлэлэһэр. Манна Сэбиэт чилиэннэринэн эрэгийиэннэр салайаач­чылара, уопсас­тыбаннай диэйэ­тэллэр, олохтоох салайыныы бэрэстэбии­тэллэрэ бааллара төһүү буолар. Үсүһүнэн, федерация уорганнара эрэгийиэннэри, муниципальнай тэриллии­лэри кытары үлэлэһиилэригэр эмиэ биир сүрүн миэс­тэни ылар. Төрдүһүнэн, федеральнай сокуон­нары, бүддьүөтү оҥорууга, каадыр боппуруос­тарын көрүүгэ үлэлэһэллэр. Ону сэргэ билигин национальнай бырайыак­тары торумнаа­һыҥҥа күүскэ үлэлэһэн эрэр.

Тутула

Бу Сэбиэти Арассыыйа бэрэсидьиэнэ бэйэтэ сала­йан үлэлэтэр. Бэрэссэдээтэли таһынан Сэбиэт чилиэннэриттэн сэкирэтээр талыллар. Манна даҕатан эттэххэ, Сэбиэт чилиэннэринэн 2012 сыл­лаахха диэри дойду, эрэгийиэн­нэр үрдүкү уорганнарын салайаач­чылара эрэ буолаллар этэ. Ол иһигэр бырабыыталыс­тыба, Федерация Сэбиэтин, Судаарыстыбаннай Дуума, Арассыыйа бэрэсидьиэнин дьаһалтатын салайааччылара, эрэгийиэннэр баһылыктара. Кэлин бэрэсидьиэн уларытыытынан, судаарыстыба сайдыытыгар, уопсастыбаннай олоххо улахан суолталаах дьон эмиэ киирэр буолбуттара.

Бу иннинэ Сэбиэккэ 18 хамыыһыйа үлэлээбитэ. Быйыл уларыйан, 21 хамыыһыйа тэрилиннэ. Сорох хамыыһыйалар национальнай бырайыактарга сөп түбэһэн, ааттарын уларытан биэрдилэр, сорохтору олох да ылан кэбистилэр. Ол оннугар хас да саҥа хамыыһыйа тэрилиннэ.

Холобур, Хотугу муора суолун уонна Арктика боппуруос­тарын көрөр анал хамыыһыйа баар буолла. Бу саҥа хайысханы Мурманскай уобалас губернатора Андрей Чибис салайыах­таах. Билигин экэниэмикэ барыта сыыппараҕа көһөн, манна эмиэ туспа хайыс­ха наада буолан, “Экономика данных” диэн хамыыһыйа тэрилиннэ. Бэрэссэдээтэлинэн Москва уобалаһын салайааччыта Андрей Воробьев ананна. Ону таһынан каадыр боппуруо­һун көрөр анал хамыыһыйа­ҕа – Калуга уобалаһын губернатора Владислав Шапша, “Норуоттар икки ардыларынаа­ҕы холбоһуктар уонна тас дойдуга табаары атыыга таһаа­рыы” хамыыһыйатыгар – Архангельскай уобалас губернатора Александр Цыбульскай бэрэссэдээтэлинэн талылыннылар.

Былыр Судаарыстыба сэбиэтэ диэн сокуону оҥорор уорганы ааттыыллара. Билигин бу систиэмэ уларыйан, Судаарыстыбаннай сэбиэт Төрүт Сокуоҥҥа олоҕуран дойду бэлиитикэтин
ыытыыга туһуламмыт сүбэлэһэр, ырытыһар уорган буолар.

Урукку өттүгэр Туризм уонна успуорт боппуруостарын биир хамыыһыйа көрөн кэлбит буоллаҕына, билиҥҥи уларыйыынан, бу боппуруостарга тус-туһунан хамыыһыйа тэрилиннэ. Туризм хамыыһыйатын Приморскай кыраай губернатора Олег Кожемяко ылла, оттон успуорт өттүн Тула уобалаһын баһылыгын э.т. Дмитрий Миляев көрөр буолла.

“Экэниэмикэ уонна үп” хамыыһыйатыгар салайаач­чынан Челябинскай уобалас салайааччыта Алексей Текслер, “Көдьүүстээх экэниэмикэ” хамыыһыйатын Рязань уобалаһын салайааччыта Павел Малков, “Тырааныспар систиэ­мэтин тупсарыы” хамыыһыйа­тыгар Бурятия салайааччыта Алексей Цыденов буоллулар. Култуура эйгэтин Севастополь губернатора Михаил Развожаев салайыаҕа. “Технология” хамыыһыйатын Красноярскай кыраай баһылыга Михаил Котюков көрүөҕэ.

Үөһээ этэн аһарбытым курдук, сорох хамыыһыйалар ааттарын уларытан биэрдилэр. Холобур, “Социальнай бэлии­тикэ” оннугар “Дьиэ кэргэн” хамыыһыйата тэрилиннэ. Салайааччынан Новгород уобалаһын баһылыга оннунан хаалла. “Ыччат бэлиитикэтин” оннугар “Ыччат уонна оҕо” хамыыһыйата баар буолла. Манна эмиэ бэрэссэдээтэлинэн Ямал-Ненецкай автономнай уокурук баһылыга Дмитрий Артюхов оннунан хаалла.

Сорох хамыыһыйалар уонна бэрэссэдээтэллэр уларыйбатылар. Ол курдук, Москва баһылыга Сергей Собя­нин “Судаарыстыбаны уонна муниципальнай тэриллии­лэри салайыы” хамыыһыйа­тыгар, Сахалин уобалаһын баһылыга Валерий Лимаренко – “Инвестицияҕа”, Татарстан баһылыга Рустам Минниханов – “Инфраструктураҕа”, Ива­новскай уобалас губернатора Станислав Воскре­сенскай – “Олоҕу уһатыы”, Нижегородскай уобалас баһылыга Глеб Никитин – “Тулалыыр эйгэни харыстаа­һын” хамыыһыйаларыгар үлэлиэхтэрэ.

Оттон экэниэмикэ биир сүрүн хайысхаларыгар бырамыысыланнаска Тула уобалаһын губернаторын оннугар Самара уобалаһын салайаач­чытын э.т. Вячеслав Федорищев кэллэ. Тыа хаһаа­йыстыбатыгар – Алтай кыраа­йын губернаторын оннугар Ставрополь баһылыга Владимир Владимиров ананна. Энэргиэтикэ боппуруо­һун көрөр хамыыһыйаҕа биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев бэрэссэдээтэл буолла. Кини иннинэ бу хайысханы Кемеров уобалаһын баһылыга Сергей Цивилев салайан олорбута. Сергей Евгеньевич Саха сиригэр чугас киһи. Кинини биһиги “Колмар” хампаанньаттан билэбит. 2014 сылтан Нерюнгрига “Колмар” хампаан­ньа генеральнай дириэктэринэн үлэлээбитэ. Быйыл саас Арассыыйа энэргиэтикэтин миниистиринэн анаммыта.

Ити курдук саҥа састаап Арассыыйа бэрэсидьиэнин от ыйын 22 күнүнээҕи ыйааҕынан үлэтин саҕалаата. Санатан эттэххэ, Сэбиэт ааспыт мунньаҕа ыам ыйыгар ыытыллыбыта. Ыам ыйыгар бэрэси­дьиэн дойдуга стратегическэй суолталаах хас да ыйааҕы таһаарбыта. Бу ыйаахтар дьоҥҥо-сэр­гэҕэ ыам ыйынааҕы ыйаахтар диэнинэн биллэллэр. Онон быйыл­гы састаап дойду кэлэр уонча-сүүрбэччэ сыллаах былаа­нын сиһилии торумнуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 декабря
  • -49°C
  • Ощущается: -49°Влажность: 64% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: