Судаарыстыбаннай бириэмийэлэргэ докумуоннары тутуу саҕаланна
Саха сиригэр материальнай производство салаатыгар судаарыстыбаннай бириэмийэлэргэ докумуоннары тутуу саҕаланна.
Бырамыысыланнас уонна геология эйгэтигэр Ю.Н.Прокопьев, тутуу уонна архитектура эйгэтигэр С.Н.Маркин, тырааныспар, дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыба уонна хааччыйыы эйгэтигэр И.Е.Винокуров ааттарынан судаарыстыбаннай бириэмийэлэргэ хандьытааттары туруораллар. Докумуоннары сэтинньи 1-30 күннэригэр туталлар.
Сайаапкалары үлэ кэлэктииптэрэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, билим тэрилтэлэрин учуонай сэбиэттэрэ уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ киллэрэллэр. Онуоха кэлэктиип хандьытаата 5 киһиттэн ордуо суохтаах.
Докумуоннарын маннык аадырыстарга туталлар: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ, 677892, Дьокуускай куорат, Киров уулуссата 13, кэб. 407, билсэр төлөпүөн (4112) 507-794, Павлова Айталина Александровна.
Үлэлиир эрэһиимэ: бэнидиэнньиктэн-бээтинсэҕэ диэри 9-18.30 чч. (12.30-14.00 тохтобул)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: