Судаарыстыбаннай Дуума алтыс сиэссийэтин түмүктээтэ

Share

Арассыыйа парламенын алын палаатата сааскы сиэссийэтин түмүктээтэ. Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин иһитиннэрбитинэн, тохсунньуттан ыла барыта үс сүүстэн тахса сокуон ылыныллыбыт.

Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин иһитиннэрбитинэн, сааскы сиэсcийэ кэмигэр, тохсунньуттан саҕалаан, барыта 331 сокуон ылыныллыбыт. Үгүс сокуон дьиэ кэргэни, биэнсийэлээхтэри, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйөөһүҥҥэ туһуламмыт. Холобур, эһиилгиттэн ыла үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрэ эмиэ үрдүөхтээх. Билигин үлэлээбэт эрэ биэнсийэлээхтэргэ сылын аайы индексация бара турар.

Ону сэргэ нолуок систиэмэтигэр уларыйыылар киирбиттэрэ. Санатан эттэххэ, эһиилгиттэн үлэһит сылга 2,4 мөлүйүөн солкуобайтан элбэх хамнаһы аахсар буоллаҕына, дохуотуттан тутуллар нолуок сыыйа үрдээн барыахтаах. Бу уларыйыыга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, Уһук Хотугу сиргэ үлэлиир дьон хамнастара хапсыбат. Бу сокуон быйыл от ыйыгар ылыныллыбыта.

Вячеслав Володин бэлиэтииринэн, Судаарыстыбаннай Дуума быйыл аан бастакытын бырабыыталыстыба састаабын бигэргэппит: “Арассыыйа саҥа историятыгар Судаарыстыбаннай Дуума аан бастакытын бырабыыталыстыба састаабын бигэргэттэ. Ол курдук, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ, кини солбуйааччылара, туһааннаах миниистирдэр бигэргэннилэр”, — диэн иһитиннэрэр кини.

Дьокутааттар сэттис сиэссийэлэрин балаҕан ыйын 3 күнүттэн саҕалыахтара. Биир ый устата дьокутааттар бэйэлэрин уокуруктарынан быыбардааччыларын кытары көрсүһүөхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago