Судаарыстыбаннай Дуума бойобуой дьайыы бэтэрээнин туһунан сокуону ылынна

Share

Судаарыстыбаннай Дуума үһүс ааҕыыга анал байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн кыттар дьону бойобуой дьайыы бэтэрээнин ахсааныгар киллэрэр туһунан сокуону ылынна.

Мантан инньэ, бойобуой дьайыы бэтэрээнин уонна бойобуой дьайыы инбэлиитэ ааты байыаннай сулууспалаахтар эрэ буолбакка, анал эпэрээссийэ хаамыытынан сорудаҕы толорууга көмөлөһөр баҕа өттүнэн барбыт дьон эмиэ хапсыахтара диэн РГ суруйар.

Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бу сөптөөх быһаарыы буоларын ыйан туран, анал эпэрээссийэҕэ бэйэлэрин баҕаларынан барбыттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ сокуонунан олохтоммут чэпчэтиилэри уонна социальнай өйөбүл миэрэлэринэн туһаныахтара диэн бэлиэтиир.

Докумуону Судаарыстыбаннай Дуума спикерэ уонна Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко салайааччылаах бары фракциялар дьокутааттара уонна сенатордара киллэрбиттэр. Сокуон бырайыагар быйылгы сыл олунньу 24 күнүттэн саҕалаан, анал байыаннай эпэрээссийэ иитинэн РФ сэбилэниилээх күүстэригэр 15 тыһ. баҕа өттүнэн барбыт дьону хабыллар.

Судаарыстыбаннай Дуума оборуонаҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Красов дойдуга уустук кэмҥэ туора туран хаалбакка, сүрэхтэрин баҕатынан Донбасс олохтоохторун көмүскүүргэ туруммуттарын бэлиэтиир. Көрүллэр чэпчэтиилэри сэргэ, эмтэнэр сиргэ барыылара уонна төттөрү кэлиилэрэ төлөнүөҕэ, чэпчэтиилээх путевка уонна босхо эмп көрүллүөҕэ.

Көрүллэр чэпчэтиилэр ахсааннарыгар – бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр уонна инбэлииттэригэр биир кэмнээх уонна ыйдааҕы төлөбүрдэр, олорор дьиэ төлөбүрүн ороскуотугар 50% кэмпэнсээссийэ киирэр диэн Судаарыстыбаннай Дуума бырамыысыланнаска уонна атыыга кэмитиэтин баһылыга Владимир Гутенев иһитиннэрэр.

Судаарыстыбаннай Дуума сырдатыыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, “Сиэрдээх Арассыыйа – кырдьык туһугар” фракция дьокутаата Яна Лантратова Украинаҕа РФ анал эпэрээссийэтигэр кыттар байыаннайдар бары бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ ааттаныахтара (статус) диэн иһитиннэрэр.

Салгыы РГ суруйуутун ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

9 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

10 часов ago