Судаарыстыбаннай Дуумаҕа аармыйаҕа сылы эргиччи ылар сокуон бырайыагын көрүөхтэрин сөп

Share

Судаарыстыбаннай Дуума балаҕан ыйыгар бастакы ааҕыыга байыаннай сулууспаҕа ылыыны сылы эргиччи ыытыан сөбүн туһунан сокуон барылын көрүөн сөп. Бу туһунан РИА Новости суруйар.

Сокуон барылыгар олоҕуран, байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы тэрээһинин (миэдиктэр көрүүлэрин, профессиональнай психологическай сүүмэрдээһини уонна призывной хамыыһыйа мунньаҕын)  сылы эргиччи тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри ыытыан  сөп. Оттон сокуонунан быһаарыллыбыт болдьоххо (муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр уонна алтынньы 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри) уолаттары байыаннай сулууспаны ааһыахтаах сирдэригэр ыытыллыаҕа.

Судаарыстыбаннай Дуума Оборуонаҕа кэмитиэтин салайааччыта, сокуону көҕүлээһин кыттыгас ааптара Андрей Картаполов РИА Новостига комментарийыгар тустаах сокуон байыаннай комиссариат үлэтин систиэмэлииргэ ирдэнэр, онтон байыаннай сулууспаҕа сокуонунан ыйыллыбыт болдьоххо ыытыахтара диэн эппит.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

7 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

8 часов ago