Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Султан Хамзаев арыгыны атыылааһын чааһын сыыйа дойду үрдүнэн өрөбүл күннэргэ биэс чаас устата, онтон салгыы икки чааска диэри хааччахтыырга этии киллэрдэ.
Бу иннинэ Вологодскай уобалас губернатора Георгий Филомонов эрэгийэҥҥэ үлэ күнүгэр күнүс 12-тэн 14 чааска диэри арыгыны атыылааһыны хааччахтыыр былааннааҕын иһитиннэрбитэ. Оттон өрөбүллэргэ уонна бырааһынньыктарга урукку эрэсииминэн оннунан хааларын чуолкайдаабыта. Туһааннаах уларыйыылар 2025 с. кулун тутар 1 күнүттэн киириэхтэрин сөп.
«Үлэ уонна өрөбүл күннэргэ арыгы атыытын эбии хааччахтыырга туруорсабын. Вологодскай уобаласка арыгыны атыылааһыны аҕыйатарга көҕүлээһини өйүүбүн. Арыгыны атыылааһыны аҕыйатыахха наада, онуоха арыгы атыытын бириэмэтэ хааччахтанара ирдэнэр. Бастаан биэс чаас устата, онтон икки чааска диэри», — диэн кини эттэ. Онуоха дьокутаат бу көҕүлээһини өйүүрүн таһынан, өрөбүл күннэргэ арыгы атыытын бириэмэтин онуннан хаалларары утарарын бэлиэтээтэ.
Күөл мууһа туран, нэһилиэктэргэ мууһу ылыы үгэннээн бара турар кэмэ. [gallery ids="164364,164366,164367"] Кэбээйи улууһун Куокуй…
Бүгүн Дьокуускай куораттааҕы 39-с нүөмэрдээх оскуола остолобуойугар төрөппүттэргэ оҕолор аһыыр астарын амсаттылар. Тэрээһиҥҥэ биэс оскуола…
Бу күннэргэ Быыһыыр сулууспа дьуһуурунайыгар 112 нүөмэринэн 203 микроройуон аннынан өрүскэ эр киһи түспүтүн туһунан…
Сэтинньи – Байанай ыйа. Сэтинньигэ сыһыаннаах билгэлэри, бэлиэ күннэри төһө билэҕит? 2.11 – ыанньыйбыт былыт…
Ис Дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 3 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо…
Уус Алдан Бороҕон нэһилиэгэр байыастарга анаан дроннартан хаххалыыр суорҕаны тигэр сыах аһылынна. «Өссө биир кэрэхсэбиллээх…