Судаарыстыбаннай Дуумаҕа саҥа төрөөбүт оҕолор ортолоругар латарыайа ыытарга этии киллэрдилэр
Судаарыстыбаннай Дуума вице-спикерэ Борис Чернышов оҕо төрөөһүнүн көҕүлүүр инниттэн, саҥа төрөөбүт оҕолор ортолоругар Бүтүн Арассыыйатааҕы латарыайаны ыытыаҕыҥ диэн этии киллэрбит.
“Дьиэ кэргэни өйөөҥ уонна оҕо төрөөһүнүн көҕүлээҥ диэн ис хоһоонноох көрдөһүүлээх, этиилээх миигин кытта элбэх киһи сибээстэһэр. Биир өйүк мин санаабар үлэлиир кыахтаах, ону олоххо киллэрэргэ этии киллэриэм. Арассыыйаҕа оҕо төрөөһүнүн элбэтэр инниттэн, саҥа төрөөбүт оҕолорго Бүтүн Арассыыйатааҕы латарыайаны тэрийиэҕиҥ. Ый аайы 10-нуу кыбартыыраны, 100-түү массыынаны итиэннэ 1000-лыы күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуллар тиэхиньикэни оонньотуоҕуҥ” – диэн Чернышов РИА Новости иһитиннэрбит.
Судаарыстыбаннай Дуума вице-спикерэ маныаха ханыылыы көҕүлээһиннэри биирдиилээн тэрийэ сылдьыбыттарын, саҥа төрөөбүт оҕолор ортолоругар оонньууну Ленинград уобалаһыгар уонна Хабаровскай куоракка ыыппыттарын, дьон биһирээбитин бэлиэтээбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: