Судаарыстыбаннай пуонда сыала – тус аадырыстаах социальнай көмөнү оҥоруу
Амма улууһуттан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улуус өттүттэн туох көмө, өйөбүл баарын уонна аммалартан сүрүн Тирэх пууҥҥа тиийэн үлэлиир бэрэстэбиитэллэр үлэлэрин, Судаарыстыбаннай пуонда тэриллиитин тустарынан Амма улууһун дьокутаата Владимир Устинович Тимофеев кэпсиир.
— Байыаннай эпэрээссийэҕэ дойдуга суоһуур кутталы туоратыһыыга кытта сылдьар уолаттарбытын өйөөһүҥҥэ тэриллибит икки хамыыһыйабыт элбэх өрүттээх үлэлэри ыыталлар. Нэһилиэнньэ баҕа өттүнэн көмөҕө харчыны биэрэригэр пуонда тэриллибитэ, бу пуонда үлэтигэр тэриллибит хамыыһыйаны улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова, байыаннай дьайыыга сылдьар бары уолаттар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ үлэлиир иккис хамыыһыйаны улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова салайаллар.
Улуус баһылыга Степан Кузьмин, ЕДДС (единая дежурная диспетчерская служба) начаалынньыга, уруккута ИДьМ үлэлии сылдьан, Чечняҕа бойобуой дьайыыларга кыттыбыт Дмитрий Носов, тутууга солбуйааччыта Виктор Смирников бойобуой дьайыыга баран Амматтан сулууспалыы сылдьар уолаттары улуус аатыттан көрсөн, көмөлөрүн, наадалаах тэриллэрин тиэрдэн, дойдуларын сонуннарын ирэ-хоро кэпсэтэн-ипсэтэн кэлбиттэрэ.
Бойобуой дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар РФ уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнарыгар көрүллүбүт көмөлөр кэмигэр бэриллибиттэрэ. Улуус дьокутааттарын Сэбиэтэ ылыммыт быһаарыыларын олоххо киллэриигэ дьокутааттар барытыгар кытта сылдьабыт. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар бастакы сезоҥҥа лааҕырдарга баран дуоһуйа сынньананнар, үөрэн-көтөн кэлбиттэрэ.
Ыарахан кэмнэргэ саха норуота өрүү үчүгэй хаачыстыбатын көрдөрүн курдук, биһиги Аммабыт дьоно-сэргэтэ байыаннай дьайыыга сулууспалыыр уолаттарын тустарыгар сүрдээҕин долгуйаллар. Хас уол бааһырдаҕына, дьон барыта чугастык сүрэҕэр ылынар. Болугур нэһилиэгиттэн хас да уол бойобуой дьайыыттан бааһыран кэлэннэр, чөлгө түһүүнү бара сылдьаллар, сорохторо байыаннай хамыыһыйаларыгар көрдөрө айаннаатылар.
Быстах ыҥырыыга хабыллан барбыт түөрт уолбут уоппускаларыгар кэлэн бардылар, чаастарыгар тиийэннэр байыаннай дьайыыга инники кирбиигэ сылдьаллар. Хантарааҕынан сулууспаҕа баҕа өттүлэринэн барбыт уолаттарбыт Аҕа дойдуларыгар суоһаабыт кутталы туоратыыга чиэстээхтик кытталлар. Кинилэри кытта кыах көһүннэ даҕаны, сибээскэ тахсан, туох наадатын билсэ, кэпсэтэ, этэр наадаларын булан ыытарга кыһаллабыт. Ол көмөбүтүн тиэрдиигэ байыаннай дьайыыга, буойуттарга көмөлөһөр сүрүн Тирэх пууҥҥа билигин үлэлии сылдьар, урут баһылыктыы сырыттахпына, бииргэ үлэлээбит, Соморсуҥҥа баһылыктаабыт, кэлин улуус баһылыгар Николай Архиповичка бастакы солбуйааччынан үлэлээбит Петр Лебедев, Василий Швердин курдук, Амма бэрэстэбиитэллэрэ онно элбэхтэр, көмөлөрө туох да наһаа улахан. Байыаннай дьайыы иккис, үһүс эшелонугар тиийэ киирэн, көмөнү тиэрдиигэ сылдьалларыгар ытыалааһыҥҥа игин түбэһэллэр, онон үлэлэрэ олус кутталлаах. Биһиги биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт, доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Бу курдук, улууспут салалтата, дьокутааттара саллааттарбыт ханнык хайысхаҕа инники кирбиигэ сылдьалларын, ханнык госпиталларга баалларын билэ-көрө, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта ыкса сибээскэ олоробут.
Нэһилиэктэргэ буойуттарбыт дьонноругар туох кыһалҕа баарынан көмөлөһүү үлэтэ бара турар, кинилэргэ көрүллэр өйөбүлүнэн туһаналлар. Ону таһынан көмөлөһүү үлэтигэр уопсастыбаннай түмсүүлэр, тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон бары көмө-ньыма буола тураллар.
2023 сыл муус устар 3 күнүгэр Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээһининэн «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» диэн Судаарыстыбаннай пуонданы тэрийэр туһунан Ыйааҕар илии баттаабыта. Пуонда сыала – байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрин, эпэрээссийэ кэмигэр суох буолбуттар, бааһырыыттан олохтон туораабыттар дьиэ кэргэттэригэр тус аадырыстаах социальнай көмөнү оҥоруу. Көмө кэрискэтигэр медицинскэй уонна социальнай өттүнэн чөлүгэр түһэрии, эминэн хааччыйыы, психологическай көмө, санаторнай-курортнай эмтээһин, бэтэрээннэри идэҕэ үөрэтии, үлэнэн хааччыйыы уо.д.а. киирэр. Маннык пуонда филиаллара хас биирдии эрэгийиэҥҥэ тэриллэн үлэлээн эрэллэр. Биһиги улууспутугар социальнай управление нөҥүө маннык пуонда тэриллэн эрэр. Онон Амма улууһа уонтан тахса улуус иһигэр киирэн, пуонданы тэрийэр үлэтэ саҕаланна. Тустаах үлэһит ананан, билигин Хабаровскайга бу үлэтигэр үөрэҕи бара сылдьар.
Оҕолорбутугар, буойуттарбытыгар үчүгэйи эрэ ыралыыбыт, этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диэн күүтэбит!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: