Судаарыстыбаннай сокуупка кууруһун саҥа көрүҥэ
Судаарыстыбаннай сокуупкаҕа (госзакупка) үөрэниэххитин баҕараҕыт, ол эрээри, күнүскү үөрэххэ иллэҥ бириэмэ көстүбэт? Тихоокеанскай салайыы института судаарыстыбаннай сокуупкаҕа преподаватель көмөлөөх тэйиччиттэн үөрэх саҥа, табыгастаах көрүҥүн киллэрдэ.
Тэйиччиттэн куурус (дистанционнай) видео-уруоктартан, лонгридтартан, чек-лиистэртэн, ыйынньыктартан уонна быраактыкаҕа сорудахтартан турар. Олорго хоруйгутун эһиэхэ сыһыарыллыбыт преподавателлэр бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Үөрэх кэмигэр куратортан ханнык баҕарар сэҥээрэр ыйытыыгытын биэрэн, сокуоннарга уонна холобурдарга сигэммит сиһилии быһаарыылары ылыаххыт.
Үөрэх дуогабары түһэрсээти кытта саҕаланар, матырыйааллары хаһан баҕарар табыгастаах кэмҥитигэр көрүөххүтүн сөп.
«Управление государственными и муниципальными закупками» тэйиччиттэн (дистанционнай) куурус бастакы баһыгар босхо демонстарционнай көҥүлү Тихоокеанскай салайыы институтун https://tiudpo.ru/ саайтыгар эбэтэр 8-914-158-42-23 төлөпүөнүнэн толоруоххутун сөп.
Эрэкэлээмэ. Тихоокеанскай салайыы института (АНО ДПО Тихоокеанского института управления) ИНН 2721981392
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: