Судаарыстыбаны салайыыга саҥа ирдэбиллэр

Судаарыстыбаны салайыыга саҥа ирдэбиллэр

29.10.2022, 09:30
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ааспыт нэдиэлэҕэ алтынньы 19 күнүгэр Арассыыйа түөрт саҥа эрэгийиэнигэр байыаннай балаһыанньаны, ону таһынан дойду үрдүнэн уопсай бэлэмнэниини биллэрбитэ. Тута сөрөөн РФ бырабыыталыстыбатын иһинэн анал байыаннай эпэрээссийэни сүрүннүүр сэбиэт тэриллибитэ. Иллэрээ күн сэбиэт бастакы мунньаҕа буолла. Владимир Путин мунньахха байыаннай балаһыанньанан сибээстээн, судаарыстыбаннай салайыыга саҥа көрүүлэр наадаларын бэлиэтээн эттэ.

 

Байыаннай балаһыанньа

Санатан эттэххэ, алтынньы 19 күнүгэр Арассыыйаҕа саҥа холбоспут Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожье уонна Херсон уобаластарыгар байыаннай балаһыанньа биллэриллибитэ. Маны таһынан, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду эрэги­йиэннэригэр үс таһымнаах бэлэмнэниини киллэрбитэ. Ол курдук, Украинаны кытары кыраныыссалаһан олорор эрэги­йиэннэргэ, Крымҥа, Севастопольга, Краснодар кыраа­йыгар, Белгород, Брянскай, Воронеж, Курскай, Ростов уобаластарга, орто таһымнаах бэлэмнэнии биллэриллибитэ. Оттон атын киин уонна соҕуруу федеральнай уокуруктар эрэгийиэннэригэр үрдүк таһым­наах бэлэмнэнии олохтоммута. Ону сэргэ Арассыыйа атын субъектара нэһилиэнньэҕэ куттала суох буолууну хааччыйыыга бэлэмнэниини ыытыахтаахтара. Ол аата тугуй диэтэххэ, миэстэтигэр уопсастыбаннай бэрээдэги көрүү күүһүрүөхтээх, уопсастыбаҕа куттал суоһаабатын хааччыйыы барыахтаах, судаарыстыбаннай, анал эбийиэктэри, нэһилиэнньэ олоҕор бастакы уочарат наадалаах тэрилтэлэри күнүстэри-түүннэри харабыллааһын тэрил­лиэхтээх, ол иһигэр тырааныспар, суол-иис, сибээс, энэргиэтикэ эй­гэлэригэр ордук болҕомто ууруллуохтаах.

Владимир Путин ыйааҕынан эрэгийиэн салайааччылара нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолууну хааччыйыыга эбии боломуочуйа ыллылар. Бу чэрчитинэн эрэгийиэн салайааччылара суһал ыстаап тэрийиэхтэрэ, бу ыстаапка Оборуона, Ис дьыала, Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристи­бэлэрин, Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын, нацио­нальнай гвардия бэрэстэбиитэллэрэ киириэхтэрэ. Суһал ыстаабы субъект салайааччыта бэйэтэ салайар. Бэрэсидьиэн ыйааҕынан эрэгийиэн салайааччыта ылыммыт миэрэлэрин субъект толорор былааһа, олохтоох салайыныы, эрэгийиэҥҥэ баар федеральнай уорганнар, о.д.а. толорор эбээһинэстээхтэр.

Бу үлэни барытын анал ба­­йыаннай эпэрээссийэни сүрүннүүргэ туһуламмыт анал сэбиэт көрүөҕэ. Бу сэбиэт бэрэсидьиэн дьаһалынан алтынньы 21 күнүгэр тэриллибитэ. Салайааччынан премьер-миниистир Михаил Мишустин анаммыта.

Сүрүннүүр сэбиэт

Михаил Мишустин мунньахха бэлиэтээбитинэн, сэбиэт үлэтин саҕалаабыт. Биир бастакынан сэбиэт дьону кытары үлэни сис­­тиэмэлээбит. Билигин Арассыыйа үрдүнэн 122 нүөмэрдээх биир кэлим суһал лииньийэ тэриллибит. Билиҥҥи туругунан, бу төлөпүөҥҥэ балтараа мөлү­йүөнтэн тахса иһитиннэрии киирбит.

– Билигин итиннэ эрийии күҥҥэ 170 тыһыынчаттан 20 ты­­һыынчаҕа диэри кыччаата. Ол аата дьон-сэргэ сөптөөх хоруйу ылан иһэр. Хоруйдар үгүстэрэ “Объясняем.РФ” диэн анал порталга тахсаннар, дьон онтон наадалаах боппуруоһун булан ылар буолла. Ону таһынан судаарыстыбаннай өҥөнү биэрэр портал нөҥүө дьону-сэргэни кытары ыкса үлэлэһэ олоробут. Манна төһө кыалларынан биирдиилээн дьону кытары үлэлэһэбит, – диэн бэлиэтиир кини.

Маны сэргэ Михаил Влади­мирович мобилизацияҕа барбыт саллааттар хамнастарын тириэрдии кини тус хонтуруолугар сылдьарын иһитиннэрдэ.

– Билигин мобилизация­ҕа барбыт саллааттар хамнас­тара ыйга 195 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Ону таһынан, анал үөрэхтээх дьоҥҥо үрдүк хамнас көрүллэн турар. Оборуона министиэристибэтигэр бу үбү­лээһин барыта барбыта, хамнас төлөнөрүн биһиги хонтуруолга илдьэ сылдьабыт, – диэн этэр.

Бырабыыталыстыба иһинэн сүрүннүүр сэбиэти таһынан Судаарыстыбаннай Сэбиэт анал бөлөҕө тэриллибитэ. Бу бөлөҕү Москва баһылыга Сергей Собянин салайар. Манна эрэги­йиэннэр, бырабыыталыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ, анал сулуус­па үлэһиттэрэ киирбиттэр. Бөлөх түөрт хайысханан үлэлии олорор. Ол иһигэр мобилизацияҕа барбыт саллааттары олохтооһун, үөрэтии, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү ыытыы боппуруостарын көрөр.

– Мобилизацияҕа барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр социальнай көмөнү ыытыы биһиги оро­буочай бөлөхпүт иһинэн барыаҕа. Үптэн-харчыттан, көрүллэр араас чэпчэтииттэн саҕалаан оҕолору оҕо саадыгар киллэриигэ тиийэ бары боппуруостарынан дьарыктаныахпыт. Билигин үгүс эрэги­йиэн бэйэлэригэр туох баар көмөнү оҥорон олороллор, – диэн этэр Сергей Семенович.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин мунньахха сэбиэт уонна анал бөлөх дакылаатын истэн барын хас да этиини киллэрдэ. Онон бэрэсидьиэн этиилэрин туспа киллэрэбит.

Путин этиилэрэ

Бастатан туран, Владимир Владимирович мунньахха экэниэмикэ бары эйгэтигэр уларытыыны киллэрэр уолдьаспытын бэлиэ­тээтэ.

– Тас дойдулар киллэрбит араас хааччахтарынан, анал ба­­йыаннай эпэрээссийэнэн сибээс­тээн экэниэмикэбит бары эйгэтигэр уларытыыны киллэриэххэ наада диэн эрдэ кэпсэтэн турабыт. Ол иһигэр нормативнай базабытын эмиэ саҥардыахпытын наада. Бу экэниэмикэҕэ, оҥорон таһаа­рыыга, сэбилэнии­лээх күүстэргэ, анал байыаннай эпэрээс­сийэни ыытыыга барытыгар сыһыаннаах. Биһиги, дьиҥэр, бу чааһыгар үгүс ыарахаттары өссө пандемия кэмигэр көрсүбүппүт. Манна кэмигэр быһаарыныы ылынан, үлэбитин саҥалыы оҥорон барбыппыт, ол иһигэр нормативнай базабытын даҕаны саҥардыбыппыт, билиҥҥи кэмҥэ туһаны аҕалбат, төттөрүтүн сайдыыбытын харгыстыыр түгэннэри да суох оҥорбуппут, – диэн этэр кини.

Бэрэсидьиэн анал байыаннай эпэрээссийэни сөптөөхтүк хааччыйыыга үлэ өссө тэтимириэхтээҕин, билиҥҥи баар балаһыанньаны дьиҥ-чахчы хайдах баарынан ылынар наадатын иһитиннэрдэ.

– Билигин анал байыаннай эпэрээссийэни ыытыыга, ону хааччыйыыга, экэниэмикэбитин тупсарыыга үлэбитин саҥардан, тэтиммитин өссө күүһүрдэн биэриэхпитин наада. Саҥаны киллэрии сударыыстыбаны салайыыга киириэхтээх. Онуоха бары министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, бары эйгэлэр, ол иһигэр сэбилэниилээх күүстэр, экэниэмикэ бары хайысхалара, эрэгийиэннэр биир ситимнээхтик үлэлиэхтээхтэр. Билиҥҥи баар балаһыанньаны дьиҥ-чахчы хайдах баарынан ылынан уонна онно сөптөөхтүк эппиэттиэх тустаахпыт, ити аҥаардас байыаннай эпэрээсси­йэҕэ эрэ буолбакка, экэниэмикэбит бары эйгэтигэр сыһыаннаах, – диэн этэр.

Манна сыһыаран Владимир Владимирович уруккулуу үлэлии олорор билигин табыллыбатын ордук чорботон бэлиэтээтэ.

– Билигин урукку курдук кумааҕы, нуорма кэннигэр саһан олордохпутуна туох да түмүгү ылыахпыт суоҕа. Баар нуормалар урукку кэмҥэ уонна атын балаһыанньаҕа оҥоһуллубуттара. Онон өйдүөх тустаахпыт, норматив диэн норматив, ол билиҥҥи үлэбитигэр барсыбат буоллаҕына, тута уларытан эбэтэр саҥа усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэрэн иһиэхпитин наада, биллэн турар, манна баар сокуоннары тутуһан туран, – диэн муос-таас курдук эттэ.

Владимир Путин байыаннай эпэрээссийэ туһунан этэригэр саллааттары хааччыйыы боппуруоһун бастакы уочарат көтөхтө.

– Байыаннайдар туттар маллара-саллара, таҥастара-саптара, оборудованиелара барыта баар буолуохтааҕын ааһан, аныгылыы, киһи тутта-хапта сылдьарыгар табыгастаах буолуохтаах. Хас биирдии хайысхаҕа манна чуолкай үлэ былаана наада. Ону таһынан, оҥорон таһаарааччылар миэстэтигэр оборудование, мал-сал хайдаҕын, туттарга төһө табыгастааҕын билэллэрэ ирдэниллэр, – диэн этэр Владимир Владимирович.

Түмүккэ

Билигин Арассыыйа, аан дойду өссө биир кэрдиис кэми устуоруйатыгар сурунар кэмигэр хас биирдиибит биир сомоҕо буоларбыт хайаатар да наада. Ол аҥаардас санаабытын эрэ түмүү буолбакка үлэнэн-хамнаһынан дойдубутугар бэриниилээх буолуубутун көрдөрөр кэммит кэллэ. Бу туһунан Владимир Путин мунньахха эмиэ эттэ: “Билигин аҥаар­дас сылдьыбыт эрэ ыырдарбытынан, тэпсибит эрэ ыл­­лыктарбытынан сылдьарбыт тутах. Биһиги экэниэмикэ бары хайысхатыгар күөн көрсүһүүнү улаатыннарыахпытын наада, ол буолуо биһиги аан дойдуга хоруйбут”, – диэн иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: