«Судьуйа аараан аартыктара» кинигэ сүрэхтэннэ
Ахсынньы 16 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт аактабай саалатыгар СӨ үтүөлээх юриһа, Сунтаар, Таатта улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Ил Дархан сүбэһитэ Игорь Игнатьевич Николаев «Судьуйа аараан аартыктара» кинигэтэ сүрэхтэннэ.
Игорь Николаев бэйэтин олоҕун-дьаһаҕын, судьуйа үлэтин эридьиэстэрин аһаҕастык кэпсиир бастакы кинигэтин аннотациятыгар маннык суруллубут:
«Кинигэ ааптар дьылҕатын, олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын нөҥүө биһиги тыйыс дойдубут, норуоппут үгэстэрин, ураты өрүттэрин ырылхайдык көрдөрөр, дьалхааннаах кэмнэр устуоруйаларын арыйан билиһиннэрэр».
Ааптар: «Дьиҥинэн ыллахха, кинигэ мин туспунан буолбатах – олоҕум усталаах-туоратын тухары алтыспыт, доҕордоспут сахам дьонун туһунан. Аҕыннахха барыта күндү…» – диэн Аан тылыгар эмиэ бэлиэтиир. Кырдьыга да, үс түһүмэхтэн турар кинигэни ааҕа олорон, үтүөлээх юрист нөҥүө тыа сирин олоҕуттан-дьаһаҕыттан саҕалаан, Арассыыйа суутун үрдүк дуоһунастаахтарыгар тиийэ билбэтэххин билэҕин, истибэтэххин истэҕин. «Ол кэмҥэ мин ону тоҕо билбэтэхпиний? Ама, оннук этэ дуо?..» диэн соһуччу ыйытыылары бэйэҕэр биэрэ-биэрэ умсугуйан туран ааҕаҕын. Эмиэ да сөп ээ – мин кэммэр сабыылаах быыһы, чуолаан суут эйгэтигэр, сэгэтэн да көрөр көҥүллэммэт, бобуулаах курдуга. Онон дьэ, бу кинигэни аахпыт киһи чахчы Игорь Игнатьевиһы киһи быһыытынан арыйарын сэргэ, бэлиитикэ дириҥ киэлитигэр киирэн ылар.
Игорь Николаевы сэргэх сэһэннээх, хомоҕой тыллаах ураты киһитин билэбит. Ол да иһин, бастакы түһүмэххэ кини алтыспыт доҕотторун, биир идэлээхтэрин туһунан суруйбут ыстатыйаларын биир тыынынан ааҕаҕын. Били, биир ааҕааччы «судьуйалар да саха тылын дэгэтин билэллэр эбит» диэн соһуйбутун санаан ылаҕын.
«Атах тэпсэн олорон. Аһаҕастык…» диэн түһүмэххэ, аата да этэрин курдук, кинигэни хомуйан оҥорбут СӨ үтүөлээх суруналыыһа, суруйааччы, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Надежда Егорова-Намылы ааптары кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһиилэрэ киирбиттэр. Биир бэйэм «Дьон дьылҕата – эн илиигэр?» суруйууну харах уулаах аахтым…
Кинигэ Игорь Игнатьевич туһунан биир идэлээхтэрин ахтыылара киирбит «Ыйааһыннаах тыллаах судьуйа» түһүмэҕинэн туомтуу тардыллыбыт.
Туох да омуна суох, дьиҥнээх саха эр киһитин чаҕылхай уобараһын Игорь Николаевка буламмын сүөм үрдээн сылдьабын, кинигэни оҥорон, бэчээттээн таһаарбыттарга махталбын этэбин.
Сүрэхтэнии түгэннэриттэн
«Сир Ийэ үөрэр киһитэ»
«Суут-сокуон араас таһымыгар, өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Суутун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыга тиийэ үйэ аҥаарын кэриҥэ сыратын-сылбатын биэрэн туран таһаарыылаахтык үлэлээбит Игорь Игнатьевич Николаев «Судьуйа аараан аартыктара» диэн кинигэтэ сүрэхтэннэ. Бу судьуйа киһи олус истиҥник уонна аһаҕастык суруйбут ураты кинигэтэ буолар. Уус-уран кинигэ курдук чэпчэкитик ааҕыллар, тыла-өһө олус хомоҕой. Игорь Игнатьевич кинигэтэ бэйэтин курдук элбэх сэһэннээх-сэппэннээх, умсугутуулаах, элбэҕи биллэрэр-көрдөрөр, сороҕор дьиибэ-дьээбэ дэгэттээх.
Биир дойдулааҕа, Бүлүүчээн ытык-мааны олохтооҕо А.М.Кириллин Игорь Игнатьевиһы «Сир ийэ үөрэр киһитэ» диэн олус таба эппит. Кырдьык да, кини сир Ийэ үөрэр, киэн туттар, саха саарына киһи. Ол туһунан кинигэни аахтаххытына билиэххит, итэҕэйиэххит. Бу кинигэни бэйэбит астына уонна киэн тутта бэчээттээтибит».
(Август ЕГОРОВ, «Айар» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ).
«Суут-сокуон киһилии сирэйин бигэргэппит судьуйа»
«Судьуйа аараан аартыктара» кинигэ тахсыбыта биир эрэ ый буолбут эрээри, ахсаанын аҥаара атыыланан бүппүт диэн буолла. Дьон судьуйа суруйуутун оннук кэрэхсиирэ дуу, СӨ үтүөлээх юриһа, Ил Дархан сүбэһитэ, Сунтаар, Таатта улуустарын Ытык бэлиэ киһитэ Игорь Николаев киһи быһыытынан кэрэхсэтэрин күүһэ оннуга дуу? Иккиэннэрэ быһыылаах.
Бэлиэ түгэни ускуустуба диэйэтэлэ Андрей Борисов бэйэтинэн салайан ыытта. Ыалдьыттар ортолоругар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дьулустаан Борисов, юстиция үтүөлээх үлэһиттэрэ, урукку-хойукку норуот дьокутааттара, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, айар үлэһиттэр, ааптар биир дойдулаахтара бааллар.
Игорь Игнатьевич саха кэнники номоҕор “Штырову иккитэ быыбартан устубут судьуйа” быһыытынан хаалара буолуо. Көннөрү дьон сураҕын эрэ истэн билэр, өрөспүүбүлүкэбит былааһын тула буолбут ол кэмнээҕи быһыы-майгы бу кинигэҕэ киирсии ортотугар сылдьыбыттар ахтыыларын нөҥүө сырдатыллыбыт.
Сүрэхтээһин олус сэргэхтик барда, тыл этээччилэр Игорь Игнатьевиһы “суут-сокуон киһилии сирэйин” үлэтинэн бигэргэппит судьуйа быһыытынан билиннилэр, айар-суруйар эйгэҕэ өссө да үлэлиэн сөптөөҕөр итэҕэйбиттэрин эттилэр.
Игорь Игнатьевич судьуйа быһыытынан манна даҕаны “икки өрүтү” истэр сөптөөҕүн ыйда уонна Штыров сүбэһитинэн үлэлээбит Михаил Эверстовка тылы биэрдэ. Өрүү да киһини чуҥкуппат тыллаах-өстөөх бэлиитик бу да сырыыга дьону соһутар этиини оҥордо».
(Наталья МИХАЛЕВА-САЙА)
«Бүлүүчээннэр тоҕо анньан кэлэн сөхтөрдүлэр»
«Кинигэ сүрэхтэниитигэр сылдьан олус астынныбыт, элбэх үтүө тыллары иһиттибит. Итинник улахан саалаҕа итиччэ элбэх киһи толору мустан тоҕуоруспутун өтөрүнэн көрө иликпин. Аймах-билэ дьоно эбии ыскамыайка ууралларыттан соло буолбатылар. Ордук бүлүүчээннэр биир сомоҕо түмсэн тоҕу анньан кэлбиттэрэ кими баҕарар үөрдүбүтэ, астыннарбыта буолуо. Санаабар, Бүлүүчээн дьоно-сэргэтэ бары тоҕо анньан кэлбитин курдук. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев бириэмэтин харыстаабакка тимир көлөнөн суолта биэрэн кэлиитэ — кими баҕарар сөхтөрөр көстүү. Тэрээһин мүнүүтэтигэр тиийэ чуолкайдык тэриллибитэ киһи хараҕар быраҕыллар. Кинигэ сүрэхтэниитин Андрей Борисов курдук киэн туттар киһибит ыыппыта барыбытын астыннарда. Этэн-тыынан, ардыгар күллэртээн, Ыһыахха сүүрүк үрүҥ ат биир тэтиминэн инники күөҥҥэ түһээри сүүрэн иһэрин курдук тэтиминэн ыытарын сэргээтим. Онон, үтүө тэрээһиҥҥэ кыттыһан астынныбыт, сэргэхсийдибит».
(Антонина СТЕПАНОВА)
«Кинигэ таһыгар “Мөккүөр ааһыа, былаас да уларыйыа, оттон эн дьонуҥ-сэргэҥ ортотугар үйэҥ тухары олоруоҥ…” диэн тыллар суруллубуттара ааптар кимин-тугун, бу кинигэни тоҕо суруйбутун арыйаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: