Судьуйаны «хараардыбыт» юрист буруйданна
Дьокуускай куорат суутун уурааҕа сокуоннай күүһүгэр киирдэ. 51 саастаах эр киһи Холуобунай Кодексынан буруйдааҕынан ааҕылынна уонна 400 чаас болдьохтоох эбэһээтилинэй үлэнэн накаастанна.
Суут быһаарыытынан, эр киһи суут кэмигэр сууттанааччылары холуобунай эппиэтинэстэн босхолооһун иһин, сокуону кэспитинэн, бэрик ылбытынан судьуйаны дьон-сэргэ ортотугар аһаҕастык буруйдаабыт.
Киин куорат суута буруйдаах сымыйа сураҕы тарҕатыыга, ол эбэтэр суут былаас уорганнарын чиэһин киртитиигэ, суут үлэтин тохтоппутунан буруйдааҕынан билиннэ.
Буруйдаах буруйун билиммэтэх уонна бастакы инстансияҕа суут уурааҕын көтүрэргэ үҥсүү түһэрбит. СӨ Үрдүкү суутун кэллиэгийэтэ буруйдаах уонна кини адбакаатын үҥсүүлэрин матырыйаалларын үөрэтэн баран суут бириигэбэрин уларыйыыта суох хаалларда, үҥсүүлэрин ылыммата. Бу туһунан СӨ Сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: