Ийэ барахсан күнүс буоллун, түүн буоллун дьиэ кэргэнигэр таптала хаһан даҕаны уҕараабат, сандалыта минньигэс аһылыгынан хотойо туолар. Ийэлэр күннэригэр анаан, бүгүн эһиги ийэлэргитин күндүлээҥ. Маныаха анаан судургу аһылыктар ырысыаптарын үллэстэбит.
Туох ирдэнэр: Куурусса буута – 1 устуука, минньигэс биэрэс – 2 устуука, сымыыт – 6-7 устуука, сибиэһэй оҕурсу – 1 устуука, майонез – 4 ост. ньуоска, туус – ньуоска төбөтүгэр, эриэппэ луук — аҥаара.
Хайдах бэлэмниибит: Буспут бородууктаны, оҕурсуну, луугу барытын уһун синньигэс гына кырбаан иһиккэ кутуллар, булкуйуллар. Остуолга уурарга күөх отунан киэргэтиллэр.
Туох ирдэнэр: сымыыт – 4-5 устуука, сибиэһэй оҕурсу – 1 устуука, ыыһаммыт халбаһы – 300 кыраам, күөх лук – кыратык, туус – ньуоска төбөтүгэр, майонез – 2-3 ост. ньуоска.
Хайдах бэлэмниибит: буспут сымыыты, оҕурсуну, халбаһыны уһун синньигэс гына кырбыыбыт, туус, күөл луук, майонез кутан баран булкуйабыт.
Туох ирдэнэр: иэдьэгэй (творог) – 250 кыраам, бурдук – 250 кыраам, саахар – 140 кыраам, ванилин – 5 кыраам, ынах арыыта – 130 кыраам, разрыхлитель эбэтэр суода – 1 кыра ньуоска, туус – кыра ньуоска аҥаарынан.
Хайдах оҥоробут: ыйыллыбыт састаабы барытын иһиккэ кутан булкуйуллар, сыыйа бурдугун кутан мэһийиллэр. Чараас гына тэнитэн баран үс муннуктуу бысталаан, иһигэр хойуу барыанньа эбэтэр хара изюму уган рогаликтары оҥоһуллар. 180 кыраадыстаах оһоххо буһаран ылыллар.
Туох ирдэнэр: бурдук – 400 кыраам, саахар – 200 кыраам, ынах арыыта эбэтэр маргарин – 100 кыраам, сымыыт – 1 устуука, үүт – 80 мл., разрыхлитель – 10 кыраам (эбэтэр суода), ванилин – кыратык.
Хайдах оҥоробут: Сымнаҕас арыыны (уулларыллыбатах) саахары кытта миксердыыбыт, онно сымыыт, үүт, разрыхлитель, ванилин кутан булкуйабыт, бурдук кутан илиибитинэн тиэстэ мэһийэбит. 6-7 см. халыҥнаах гына тэнитэбит уонна чааскынан коржиктары бысталыыбыт. 180-200 кыраадыстаах оһоххо саһарыар диэри буһарабыт.
Туох ирдэнэр: сгущенай үүт – 1 бааҥка, сымыыт – 3 улахан, ууллубут мас арыыта – 120-150 кыраам, туус – кыра ньуоска аҥаара, сода – 1 кыра ньуоска, бурдук – төһө ирдэнэринэн.
Хайдах оҥоробут: састаабы барытын иһиккэ кутан ньуосканан булкуйабыт итиэннэ 180 кыраадыс сылаас оһоххо буһара уурабыт. 30-ча мүнүүтэнэн бисквит бэлэм. Хайаан даҕаны табыллар судургу ырысыап.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…