Салгыы
Судургу ырысыаптар: начыыннаах помидор, эттээх сымыыт, түргэн салаат

Судургу ырысыаптар: начыыннаах помидор, эттээх сымыыт, түргэн салаат

Ааптар:
13.10.2024, 11:00
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Эт начыыннаах помидор

Биһиэхэ наада: 200 г эриллибит эт, 4 улахан помидор, 2 сымыыт, 1 моркуоп, 1 эриэппэ луук, 150 г сыыр, туус, хара биэрэс.

Хайдах астыыбыт: эриллибит эти туустаан, биэрэстээн баран, арыыга ыһаарылыыбыт. Ыһаарыламмытын кэннэ, луугу уонна моркуобу кыра гына бысталаан кутабыт, мөлтөх уокка туруорабыт. Помидордары ортолорунан аҥаардыыбыт, иһин хостоон блендердиибит ( көннөрү мэһийиэххэ да сөп). Ону эриллибит эппитигэр кутабыт, уонча мүнүүтэ мөлтөх уокка тэптэрэ түһэбит. Онтон помидордары илиискэ ууран, иһигэр эппитин кутабыт, үрдүгэр сыыр таммалатабыт. 20 мүнүүтэ 200 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа уган ылабыт.

Эккэ сууламмыт сымыыт

Биһиэхэ наада: эриллибит эт, сиикэй сымыыт, 5-6 буспут сымыыт, чеснок, туус, биэрэс.

Хайдах астыыбыт: эриллибит эккэ сымыыты, тууһу, биэрэһи, чесногу кутан, бииргэ булкуйабыт. Онтон төгүрүктүү буспут сымыыттарга эриллибит эти суулуу тутан, эргитэ сылдьан арыыга ыһаарылыыбыт.

Түргэн салаат

Биһиэхэ наада: 400 г буспут эт, икки теркаламмыт  моркуоп, кэнсиэрбэлэммит фасоль, 1 эриэппэ луук, 1 минньигэс биэрэс, мас арыыта, туус, биэрэс.

Хайдах астыыбыт: эриэппэ луугу кырбаан, арыыга ыһаарылыыбыт. Онно теркаламмыт моркуобу кутабыт. Ол кэнниттэн буспут эти, минньигэс биэрэһи соломолуу бысталыыбыт. Кэнсиэрбэлэммит фасолу кутан барытын холбуубут, туустуубут, биэрэстиибит.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 78% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: