Судургу ырысыаптар

Share

Кыра соботтон бөрүөк

Саас халлаан сылыйыыта, балыктан топпут дьон кыра балыгы ыкка биэрэллэр эбэтэр быраҕан кэбиһэллэр. Ол оннугар бөрүөктэ астан эбэтэр маннык буһаран хаһаан.

Туох ирдэнэр: кыра собо, рис, күөх тума, мээккэлэммит хара биэрэс, эриэппэ луук, туус.

Хайдах бэлэмниибит: Кыра собону хатырыктыыбыт, үөстүүбүт, иһин туспа иһиккэ ылан кыра уу эбэн булкуйа туран буһарабыт. Балыгы бэйэтин икки төгүл мясорубкалыыбыт уонна уҥуоҕун бытарытар гына блендергэ эрийтэрэн баран кыра уулаан, арыылаан туус эбэн ыһаарылыыбыт, тума, биэрэс кутабыт.

Риһи олус илдьириппэккэ туустаан буһарабыт. Тиэстэ бэлэмнээн баран маҥнай балыкпытын уурабыт, ол үрдүгэр кыра гына кырбаммыт эриэппэ луугу уонна рис кутабыт. Үрдүгэр тиэстэ тэнитэн бүрүйэбит. Салгын тахсарын курдук үөһэ өртүн биилкэнэн дьөлөҕөстүүбүт. 180 кыраадыска буһаран ылабыт.

Изюмнаах рогалик

Бу рогаликка барыанньа оннугар изюм кутуллар буолан, тохтуо эҥин диэн төбө ыалдьыбат. Итиэннэ бэрт сымнаҕас, түргэнник оҥоһуллар.

Туох ирдэнэр: эбилигэ суох “Молочнай дождик” иэдьэгэй (творог) – 1 хаа, мас арыыта – паачка аҥаара, саахар – ыстакаан аҥаара курдук, туус – 1 кыра ньуосканы кыайбат, разрыхлитель (суода) – 1 кыра ньуоска, изюм.

Хайдах бэлэмниибит: Изюму итии ууга 5 мүнүүтэ курдук туруора түһэбит. Минньигэһи сөбүлүү дьон ууттан таһааран баран кыратык саахар эбэн биэриэхтэрин сөп.

Бу кэмҥэ иэдьэгэйи сымнаабыт арыыны кытта булкуйабыт, саахар, туус, разрыхлитель, бурдук  кутан тиэстэ мэһийэбит, 30-ча мүнүүтэ туруора түһэбит. Тиэстэбитин икки гына аҥаардыыбыт уонна хас биирдиитин 0,5 см. гына төгүрүччү тэнитэбит, уһун-синньигэс үс муннуктуу рогаликка сөп гына бысталыыбыт. Иһигэр 1-2 изюму уган рогаликтарбытын эрийтэлиибит уонна итии духуопкаҕа буһара угабыт.

Хортуоппуйга сууламмыт сосиска

Бу бүлүүдэни ордук оҕолор биһирээн сииллэр. Ыһаарыламмат буолан табыгастаах.

Туох ирдэнэр: улахан хортуоппуй – 4 устуука, сымыыт – 3 устуука, мааннай куруппа – 1 кыра ньуоска, бурдук – 2 ост. ньуоска, туус, хара биэрэс, сосиска – 7 устуука.

Хайдах бэлэмниибит: Хортуоппуйу хахтаан, буһаран баран ныһыйыллар. Манна мааннай куруппа, сымыыт, биэрэс кутан баран 7 устуука шариктары оҥоһуллар уонна хас биирдии сосисканы суулаан, итии духуопкаҕа буһарыллар.

Сэргэх салаат

Ыксалга хаһаайканы абырыыр салаат.

Туох ирдэнэр: Куурусса буута – 1 устуука, минньигэс биэрэс – 2 устуука (кыһыл), сымыыт – 7 устуука, сибиэһэй оҕурсу – 1 устуука, майонез, туус.

Хайдах бэлэмниибит: Кууруссаны, сымыыты буһаран баран уһун синньигэс гына кырбыыбыт. Оҕурсуну, биэрэһи уһун синньигэс гына бэлэмниибит. Састаабы барытын булкуйан баран кыратык туус уонна майонез кутан булкуйабыт.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

8 часов ago