Суһал ыҥырыыга сатабыллаахтык дьаһаныы
Сергей Афанасьевич Евсеев – Саахалга түбэспиттэргэ мэдиссиинэ көмөтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин суһал ыҥырыыларга сылдьар биэлсэрэ, тактическай мэдиссиинэ инструктора.
Сергей Евсеев таҥара курдук саныыр быраастарын аттыгар куруук көрө сылдьыбыт буолан, хайаан да үрүҥ халааттаах аанньал идэтин баһылыыр ыра санаалааҕа. Онон, оскуоланы бүтэрэригэр «Ким буолуохха?» диэн ыйытыы турбатаҕа. Онтон эмчит идэтин ылан баран, эр киһи буһар-хатар оскуолатын ааһар туһугар Саахалга түбэспиттэргэ мэдиссиинэ көмөтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр үлэлиир баҕата тута кыаллыбатаҕа. Ол эрэн, тулуур, дьулуур көмөтүнэн баҕарбыт үлэтигэр киирэн, билигин бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьонугар туһалыы сылдьар. Төһө да ыарахан үлэҕэ сырыттар, «Идэбин сыыһа талбыппын» диэн кэмсинэр санаа биирдэ да киирбэтэҕэ…
– Сергей Афанасьевич, эн идэҕинэн ханнык бырааскыный?
– Биэлсэр идэлээхпин.
2002 с. Дьокуускайга баазовай мэдиссиинискэй кэллиэһи бүтэрбитим. Тоҕо эрэ бастакыттан ыксаллаах быһыы-майгы мэдиссиинэтигэр үлэлии киириэхпин баҕарар этим да, миэстэ суоҕа. Онон Кэмпэндээйигэ баран, үс сыл биэлсэринэн үлэлээбитим, онтон куоракка көһөн кэлбиппит. Кэргэним эмиэ үрүҥ халааттаах аанньал идэлээх. Онон тыа сиригэр үлэлээн үөрүйэхтэммиппэр махтанабын. Уопут элбэҕи быһаарар эбит. Биир доҕорум: «Эн биэлсэр идэлээх киһи, быраас кэриэтэ буоллаҕыҥ» диэн эппитинии, тыа сиригэр педиатр, хирург, терапевт, акушер, стоматолог да үөрүйэҕин ылан, бэйэҕэр эрэлиҥ күүһүрэр эбит.
Санитарнай авиацияҕа
– Санитарнай авиацияҕа күн аайы көтөбүт. Суһал ыҥырыы киирдэ да, Саха сирин хайа баҕарар муннугар ханнык баҕарар ыксаллаах балаһыанньаҕа, ол иһигэр саахал таҕыстаҕына, тута көмөҕө тиийэбит. Онуоха Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин, полициялары, быыһааччылары кытары бииргэ үлэлиибит. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр күҥҥэ уонтан тахса санитарнай сорудах оҥоһуллар. Ону барытын: эмсэҕэлээбит, ыалдьыбыт киһи туругун «чэпчэки», «орто», «ыарахан» истиэпэннэргэ арааран, бастатан туран, ыарахан туруктаах ыарыһахха көтөбүт. Сүрүннээн «орто» уонна «ыарахан» туруктаахтары быыһыыр соруктаахпыт.
– Көтөн тиийэн баран, эмсэҕэлээбит дуу, ыалдьыбыт дуу киһини куоракка кыайан аҕалбатах түбэлтэҕит баар дуо?
– Араас буолар. Ыарыһах киһи туруга уларыйа сылдьыан эбэтэр олох мөлтөөн хаалыан сөп. Ол иһин, бастатан туран, кылгас кэм иһигэр телемэдиссиинэ, видеонан сибээс көмөтүнэн барытын кэтиибит. Быраас ыарыһах туругун биһиэхэ иһитиннэрэ олорор. Уопсай туруга хайдаҕын, психологическай өттүнэн туругун эмиэ ыйытабыт. Ол эрэ кэнниттэн көтөбүт. Сибээс суох сиринэн көтөн иһэр кэммитигэр сүрэҕинэн эмискэ моһуогурбут эбэтэр хайыы үйэ тыына быстыбыт буолуон эмиэ сөп. Уопсайынан быһаарарбыт элбэх: куорат бу балыыһата ыарыһаҕы ыларын-ылбатын туһунан дуогабары чопчу билсии эмиэ хайаан да наада.
Кыайан айанныыр кыаҕа суох ыарыһахтар баар буолаллар. Биһиги үөһэнэн көтөн көмөҕө тиийэбит. Сиргэ уонна үөһээ хаан баттааһына атын-атын. Сорох киһи үөһээ халлааҥҥа тахсан баран, хаанын баттааһына өссө үрдүөн сөп. Онон туругуттан көрөн, айаны тулуйуон дуу, тулуйумуон дуу сөбүн билиэхтээхпит.
Сорохтор сыыһа саныылларын курдук, биһиги быһылааҥҥа, алдьархайга түбэспит дьоҥҥо эрэ көтөр буолбатахпыт. Инсультаабыт, инфарктаабыт ыарыһахтарга, оҕолоноро чугаһаабыт кэрэ аҥаардарга, оҕолорго, саҥа төрөөбүт кырачааннарга уо.д.а. көмөҕө тиийэбит.
– Биир биригээдэҕэ төһө элбэххитий?
– Реаниматолог-быраас уонна биэлсэр баарбыт. Уопсайынан уонча биригээдэ суукканы эргиччи симиэнэнэн үлэлиибит. Биир бөртөлүөт уонна биир сөмөлүөт тиэхиньикэлээхпит.
– Маннык ыарахан үлэҕэ, сэрэйдэххэ, чуолаан эр дьон үлэлиирэ буолуо?
– Оннук. Быраастар бары эр дьоммут, онтон суһал-диспетчерскэй отделга быраас, биэлсэр дьахталлар бааллар.
Биһиги үлэбитин эр киһи эрэ тулуйар. Тоҕо диэтэххэ, күн аайы бөртөлүөтүнэн, сөмөлүөтүнэн көтөҕүн, күн аайы тыас-уус, хааныҥ баттааһына уларыйа сылдьар. Ол иһин бэйэҥ доруобай буолуоххун наада.
Байыаннайдары үөрэтэр инструктор
– Быйыл кыһын Чечняҕа Гудермес куоракка баран, В.В. Путин аатынан Арассыыйатааҕы спецназ университетыгар үөрэнэн кэлбитим. Онон «быыһааччы-байыас» идэтин ылбыт киһи быһыытынан байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барааччылары (доброволецтары) «Абырал» профилакторий баазатыгар тактическай мэдиссиинэҕэ үөрэтэбин.
«Биһиги үлэбитигэр «быраас алҕаһа» диэн суох буолуохтаах. Эн быһаарыыгыттан бу киһи доруобуйата тутулуктанар, түргэнник уонна чопчу быһаарыыны ылыахтааххын».
Тактическай мэдиссиинэ – байыаннай-мэдиссиинискэй бэлэмнэнии сүрүн чааһа. Бу мэдиссиинэ соругунан байыаннай сулууспалаахтары байыаннай дьайыы хонуутугар бааһырбыттарга бастакы көмөнү оҥорорго (госпиталга киириэр диэри) үөрэтии буолар.
Тактическай мэдиссиинэ суһал бастакы көмөттөн уратытынан байыаннай дьайыы бара турар сириттэн бааһырбыттары таһаарарга көмөнү оҥоруу буолар. Онон байыаннайдары жгуту туттарга, хааны түргэнник тохтоторго, бааһырбыт киһини хайдах сүгэн таһаарарга, о.д.а. үөрэтэбит. Ыксаллаах быһыы-майгы мэдиссиинэтин ити оскуолатыгар атын эрэгийиэннэртэн кэлбиттэр эмиэ үөрэнэллэр.
– Байыаннайдары үөрэтэр быыһааччы-байыас буолар санаа мээнэҕэ кэлбэтэҕэ буолуо?
– Санитарнай авиация үлэһитэ туохха барытыгар бэлэм сылдьар. Дойдуга байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытыгар Саахалга түбэспиттэргэ мэдиссиинэ көмөтүн киинин үлэһиттэрэ бэйэбит кылааппытын эмиэ киллэриэхтээхпитин билэрбит. Онон саллааттары өйүүр туһугар кинилэри үөрэтэр наадатын өйдөөн, салалтам Чечняҕа үөрэттэрэ ыыппыта.
Статистика көрдөрөрүнэн, байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытыгар, хомойуох иһин, хаан тохтотору, жгуту да сатаан туһамматтан эбэтэр бааһырбыт киһиэхэ бастакы көмөнү кэмигэр сатаан оҥорботтон тыыннара быстыбыт дьон эмиэ баар этилэр. Олохтоохтук толкуйданан, ыараҥнатан көрөн баран, байыаннай дьайыыга тиийэр дьон (доброволецтар) аптечкаларын бэйэлэрэ хааччыныахтарын наада. Ол эрээри, хааччыналлар эрэ диэн буолбакка, аптечкаҕа туох баарын, туохха аналлаахтарын, хайдах туһаналларын булгуччу билиэхтээхтэр. Дьэ, онно биһиги эмиэ үөрэтэбит.
Аптечка иһигэр туох баарын билэбит дуо?
– Кырдьык, ыксал тирээн кэллэҕинэ, киһи билиэх да курдугун умнар, ыгыллар түгэннэрэ баар буолаллар. Чугаһынан ыллахха, собо уҥуоҕар да хардахха. Киһи, бастатан туран, тугу билиэхтээҕий, сатыахтааҕый?
– Бастакы көмө сатабылларыгар бэйэҕиттэн саҕалаан, оҕолоргун, чугас дьоҥҥун, аймахтаргын үөрэтиэхтээххин. Ол иһигэр, сүрэх-тыҥа реанимациятын билиллиэхтээх. Холобур, туохха эрэ харыы түбэлтэлэрэ элбэхтэр. Сайын оҕолор сөтүөлүү сылдьан арааска түбэһиэхтэрин сөп. Ууттан таһааран бэйэлэрэ бастакы көмөнү оҥордохторуна, син бэттэх кэлэллэр. Холобур, оҕо хардаҕына, кыратык көхсүгэ саайталыахха наада (күүскэ буолбатах). Анал ньымалаах, ону билэр киһи аҕыйах.
Быйыл саас ГАИ үлэһиттэрин бастакы көмөнү оҥорорго үөрэппиппит. Ханнык эрэ биригээдэ эксээмэннэргэ кэлэн баран: «Эн үөрэппиккин быраактыкаҕа тутуннубут. Үөрэммэтэхпит буоллар, сатаабаппыт этэ…», – диэн кэпсээбиттэрэ. Бастакы көмөнү – сүрэх-тыҥа реанимациятын оҥоро турдахтарына, хата «Суһал көмө» массыыната бириэмэтигэр тиийэн кэлбит этэ.
Онтон «Собо уҥуоҕар хардахха хайдах буолабыт?» диэн ыарахан боппуруос. Эндоскопист эрэ быыһыыр.
– Эһиги үлэҕитигэр туох эмэ бити итэҕэйии диэн баар дуо?
– Син баар (күлэр). Холобур, симиэнэҥ бүттэҕинэ, эн кэннигиттэн кэлэр симиэнэ үлэһиттэригэр хаһан да «Спокойного дежурства» диэ суохтааххын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: