«Суһум» — эдэр дизайнердар күөн күрэстэрэ

Share

Дьокуускайга «Суһум» эдэр дизайнердар эскиистэрин көрүү куонкуруһа бастаан ыытылынна. Уопсайа биэс улуустан 96 күрэстэһээччи «Этно», «Фирменнай истиил», «Сцена таҥаһа» номинацияларга күөн көрүстэ.

Күөн күрэһи А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ тэрийдэ. Тэрийсээччилэринэн Дьокуускайдааҕы инновационнай технологиялар кэллиэстэрэ, Дьокуускайдааҕы П.П.Романов аатынан художественнай училище (кэллиэс) буоллулар. Тэрээһини үөрүүлээхтик арыйыы «Тетрис» аныгы үҥкүү ансаамбылын нүөмэриттэн саҕаланна.

А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Антонида Корякина:

— Сотору кэминэн бу эскиистэри олоххо киллэрэн, биһигини сөхтөрөргүтүгэр эрэнэбин, эдэр дизайнердар. Айар үөрэх кыһаларын устудьуоннара көхтөөхтүк кытталларыттан үөрэбит. Эһиги мода уонна истиил эйгэтигэр бастакы хардыыгыт ситиһиилэх буоллун, — диэтэ, эҕэрдэтин тиэртэ.

Полина Ноева, «Суһум» күөн күрэс  дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ:

—Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бу куонкурус ыытыллара олус үчүгэй. Манна араас бэстибээллэр, куонкурустар, 1995 сыллаахха «Саһарҕа» мода бэстибээлиттэн саҕалаан»Этно-Эрато» мода евразийскай куонкуруһугар тиийэ тэрээһиннэр өрө көтөҕүллүүлээхтик, үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытыллаллар. Мода туохтан саҕаланарый? Сонун санааттан, оттон эскиис сонун санааны олоххо киллэрэргэ биир сүрүн түһүмэҕинэн буолар. Куонкурус ситиһиилээхтик ыытылыннын уонна саҥа ааттары арыйдын!

Хаартыскаларга А.Аргунова түһэриитэ

Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бастакы күрэс дьүүллүүр сүбэтин «Ситэ Кэрэ» кырасыабай буолуу оскуолатын салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Полина Ноева салайда. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн Анжелика Тотикова, таҥас дизайнера, таҥас тигиитин технолога; Любовь Васильева, стилевой терапия сүбэһитэ, предприниматель; Галина Илларионова, ааптар, бырайыак идиэйэтин көҕүлээччи, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин худуоһунньук-декоратора, норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, СӨ култууратын туйгуна буоллулар.

Күөн күрэс түмүгүнэн дипломаннар, номинациялар кыайыылаахтара ааттаннылар. «Суһум» эдэр дизайнердар өрөспүүбүлүкэтээҕи эскиистэрин көрөр бастакы куонкуруска Гран-при үрдүк аатын Александра Кузьмина ылла. Киниэхэ бырайыак ааптара, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин худуоһунньук-декоратора Галина Илларионова бэйэтин аатыттан 30 000 солк. харчынан бириэмийэни туттарда.

Александра «Ойуур» эскиистэр кэллиэксийэтинэн кытынна. Кини худуоһунньук Афанасий Осипов хартыыналарын көрөн, айылҕаҕа сылдьан баран маннык оҥорорго быһаарыммыт. Александра 21 саастаах, Дьокуускай олохтооҕо. «Айар уустар» креативнай индустриялар кэллиэстэрин выпускницата. Билигин АГИКИ иккис кууруһугар «Мода и текстиль» идэтигэр үөрэнэр. «Сцена таҥаһа» номинацияҕа кытынна. Кини аныгы уонна традиционнай истииллэри холбуурун сөбүлүүр. Бу күөн күрэс саҥа, сонун сүүрээннэри көрдүүргэ, уратыга холонорго сирдииригэр эрэнэр.

«Суһум» — бу эдэр дизайнердар бэйэлэрин көрдөрөллөрүгэр кыаҕы биэрэр. Саха сирин биллэр-көстөр, ааттаах-суоллаах дизайнердарын кытта тэҥҥэ алтыһалларыгар баҕарабыт. Бырайыак салҕаныа.

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

Хаартыскаларга Айталина Аргунова түһэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

5 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

6 часов ago