Салгыы
Суициды хайдах бопсуохха

Суициды хайдах бопсуохха

26.07.2023, 19:15
Хаартыска: Наркология диспансерын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Аан дойдуга хас 40 мүнүүтэ аайы биир киһи бэйэтигэр тиийинэрин туһунан дьулаан статистика баар. Ону таһынан,  аан дойдуга ыччат өлүүтүн төрүөтүгэр төрдүс миэстэҕэ сылдьар. Онон маннык балаһыанньаны ситэри сыаналаабат буолар табыллыбат.

Дьон үксүгэр  ханнык төрүөтүнэн бэйэтигэр тиийинэрий?

Аан дойдуга барытыгар бу төрүөттэр майгыннаһаллар – чугас дьоннорун уонна тулалыыр дьоннорун, биир идэлээхтэрин   кытары уустук сыһыан, соҕотохсуйуу, чугас дьонун кытары өйдөбүл уонна өйөһүү суоҕа, олох ыарахан балаһыанньата уонна ону быһаарарга эрэли сүтэрии, стресс (үксүгэр чугас дьону сүтэрииттэн), депрессия, инникигэ эрэл суоҕун билинии, тулалыыр дьонуттан болҕомтону эрэйии, испиирдээх утахтартан уонна наркотиктаах биэсэстибэлэртэн тутулуктаныы, уйулҕа кэһиллиитэ уо.д.а.

Киһи олохтон барарга санаммытын хайдах сэрэйиэххэ сөбүй? Бэйэтигэр тиийиммит дьон 70% бэйэлэрин санааларын туһунан тулалыыр дьонноругар хайдах эрэ  эрдэ биллэрбит буолаллар.

Онуоха туох сибикилэр долгутуохтаахтарый?

—  Өлүү уонна олохтон хайдах барар туһунан соһуччу үөскээбит кэпсэтиилэр. Бэйэҕэ тиийиниинэн куттааһын эбэтэр күлүү-оонньуу курдук этэн аһарыы.

-Киһи майгыта-сигилитэ эмискэ уларыйыыта, урут оҥорботох быһыыларын оҥоруута.

-Бэйэҕэ бүгүү, куруук санаарҕыы сылдьааһын, чуҥкуйуу эбэтэр агрессия, туохтан эрэ куттанар, долгуйар турукка киирии.
— Аһыан баҕарар турук эмискэ намтааһына.

-Чугас дьонун кытары быраһаайдаһар курдук  быһыы-майгы (нэһилиэстибэ хаалларар дьыалалары бэлэмнээһин, баайы-дуолу түҥэтии).

Быстах санааҕа ылларбыт киһиэхэ хайдах көмөлөһүөххэ?

Бу кэмҥэ саамай сүрүнэ – маннык киһини хайа да түгэҥҥэ соҕотохтуу хаалларымаҥ (кини утарсыбытын да иһин). Төһө кыалларынан аһаҕастык кэпсэтиҥ, кууһан ылыҥ, илиититтэн тутуҥ. Тугу кэпсиирин барытын кэрэхсээҥ, кини тус эйгэтин билэ сатааҥ, ыйыталаһыҥ.  Онуоха кинини кытары мөккүһүмэҥ, иннин да ыла сатаамаҥ. Ол оннугар инникигэ эрэли үөскэтэргэ кыһаллыҥ, сөпкө уоскута сатааҥ. “Мин эн кыһалҕаҕар эбитим буоллар”, “Барыта үчүгэй буолуо” диэн тыллар, төттөрүтүн,   бэйэтэ кимиэхэ да наадата суох курдук сананарын дириҥэтэллэр. Ол оннугар көмөлөһөргө уонна кыһалҕатын быһаарарга араас ньымалары толкуйдааҥ. Кинини кытары психиатр-бырааска эбэтэр психотерапевка сылдьан сүбэлэтии туһалаах.

Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ.

Мария ЯКОВЛЕВА, психоневрология  өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын психиатра,  мэдиссиинэ наукатын хандьытаата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: