«Сулҕаччы-Амма» лииньийэтэ тутулуннаҕына, 14 нэһилиэккэ гаас киириэн сөп
110 кВ үрдүк күүрүүлээх Сулҕаччы-Амма лииньийэтин уонна Амма сэлиэнньэтигэр подстаницяны тутууга улууска улахан тэрилтэ – уоту туһанааччы баар буолара ирдэнэр. Бу маннык тэрилтэнэн «Глобалтэк» буолуон сөп. Бу хампаанньа 2027 сыл бүтүөр диэри Кыһыл Сыыртан Охотскай муораҕа диэри магистральнай гаас турбатын тардар былааннаах. Бу бырайыагы бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев билистэ.
Кини этэринэн, уот лииньийэтэ уонна подстанция тутуллалларыгар бырайыак Арассыыйа 2024-2029 сылларга электроэнергетическэй сайдыытын схематыгар уонна бырагырааматыгар киириэн наада. РФ энэргиэтикэҕэ министиэристибэтин биир усулуобуйатынан Амма улууһугар 20 МВт кырата суох эбии холбонуу ирдэнэр.
1300 килэмиэтир уһуннаах магистральнай гаас турбата Охотскай муораҕа тиийэр түгэнигэр, илин эҥэр улуустарыгар 14 нэһилиэнньэлээх пууну гааска холбуур. Үс компрессорнай станция тутуллуохтаах, онтон биирэ Амма улууһугар буолар. “Глобалтэк” хампаанньа билигин инженернэй чинчийиини ыыта сылдьар, күһүн бүтэрэр.
Айсен Николаев бу икки бырайыак социальнай суолталаахтарын бэлиэтээтэ уона бырабыыталыстыбаҕа ый иһинэн чопчу этиилэри киллэрэргэ сорудахтаата.
— Бу боппуруос дьон туһатыгар быһаарыллыах тустаах. РФ бырабыыталыстыбата бу бырайыагы өйүүр, быһаарыы ылыллан турар. Онон биһиги бэйэбит түмүктээх үлэни ыытыахпытын наада, — диэн Ил Дархан эттэ.
Амма улууһа илин эҥэргэ мөлтөх уоттаах, 35 кВ кыамталаах лииньийэлээх соҕотох улуус буолар.
110 кВ үрдүк күүрүүлээх, 94 килэмиэтир уһуннаах Сулҕаччы-Амма лииньийэ бырайыагын «Якутскэнерго» (ПАО «РусГидро») 2019 сыллаахха оҥорбута. Сыаната быһа барыллаан – 2 миллиард 276 мөлүйүөн солкуобай.
Былырыын Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирэ уонна Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтэ уонна “РусГидро” бииргэ үлэлэһэргэ илии баттаспыттара. Ахсынньыга “Час субъекта” кэнниттэн, Федерация Сэбиэтэ бу бырайыактары үбүлүүргэ тустаах министиэристибэлэргэ мэктиэлээбитэ.
“Сулҕаччы-Амма” лииньийэ уонна подстанция тутулуннахтарына, “Майа-Бүтэйдээх” (Бүтэйдээххэ подстанциялаах) уонна “Бүтэйдээх-Амма” 110 кВ күүрүүлээх лииньийэлэрин эргиччи холбуур кыах үөскүөҕэ. Ол эбэтэр, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар эмиэ уот кыамтата үрдүөхтээх.
СӨ Ил Дарханын уонна брабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: