Эбэҥки норуота холобур оҥостор киһилэриттэн биирдэстэринэн СССР Үрдүкү Сэбиэтин бастакы уонна иккис ыҥырыыларын дьокутаата, Эдьигээн оройуоннааҕы сэбиэтин 1939-1953 сылларга бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлээбит Шемяков Николай Васильевич буолар.
Ил Түмэн саалатыгар Шемяков Н.В. төрөөбүтэ 110 сылыгар анаммыт өйдөбүнньүк мунньах буолан ааста. “Сулус буолан дьонун сирдиир” диэн дакылааты Эдьигээннээҕи историческай мусуой дириэктэрэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сивцева Л.Е. оҥордо.
Ил Түмэн Арктика дьыалаларыгар уонна аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар боппуруостарыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Голомарева Е.Х., Арктиканы сайыннарыыга уонна Хоту дойду норуоттарын дыалаларыгар миниистирин солбуйааччы Погодаев М.А., аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын вице-бэрэсидьиэнэ Шадрин В.И. уонна Николай Шемяков оҕолоро, бэтэрээннэр тыл этэн быйыл Эдьигээҥҥэ үлэҕэ киирэр этнокултуурунай киин таас дьиэтигэр Шемяков Н.В. аатын иҥэриини, Киин куоракка баар Кыайыы пааркатыгар киниэхэ пааматынньык тутууну, эдэр ыччакка тиһигин быспакка норуот чулуу киһитин холобур оҥостоллоругар санааны тиэрдэ сылдьыыны уо.д.а. этиилэри киллэрдилэр.
Николай Васильевич сэрии сылларыгар Чурапчыттан көһөрүүгэ кэлбит үгүс дьону өлөр өлүүттэн быыһаабытын махтанан Чурапчы улууһун дьокутааттарын бэрэссэдээтээлэ Захаров А.А. салалтатынан элбэх киһилээх делегация кэлэн, мунньахха кыттыыны ылла.
Өйдөбүнньүк мунньаҕы түмүктээн Эдьигээн национальнай эбэҥки оройуонун баһылыга Сорокин Василий Николаевич үтүө киһи аата ааттана турарын туһугар киирбит этиилэри учуоттаан улуу киһини Шемяков Н.В. үйэтитии үлэтин тиһигин быспакка салгыы туруохпут диэн эрэннэрдэ.
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…