Сулустаан Заболоцкай баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга кытта барда
“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа эрэгийиэннээҕи салайааччыта Сулустаан Заболоцкай РФ сэбилэниилээх күүстэрин кэккэлэригэр сулууспалыы бэйэтин баҕатынан анал байыаннай дьайыыга кытта барда.
Анал эпэрээссийэ кэмигэр Сулустаан Заболоцкай байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ, Кировскайы чөлүгэр түһэриигэ үэлээбитэ. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата Саха сириттэн сылдьар байыастарга уонна Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр, Курскай уобаласка гуманитарнай көмөнү өрүү оҥорор.
“Байыанай дьайыыга волонтер быһыытынан хаста да сылдьыбытым, уолаттарга көмөлөспүтүм. Билигин быһаччы дьаһанар кэм кэлэн, фашизмы утары дьоруойдуу сэриилэһэр саллааттарбытыгар көмөлөһө барарга сананным. Бу күннэргэ «Биир ньыгыл Арассыыйа” Бүтүн Арассыыйатааҕы баартыйа бэрэссэдээтэлэ, РФ Куттал суох буолуутун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Медведев байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барааччылар бөлөхтөрүн кытта сирэй көрүстэ. Хас биирдиибитин кытта кэпсэтэн баран, кини үтүөнү, ситиһиини баҕарда», — диэн санаатын үллэстэр Сулустаан Заболоцкай.
“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа эригийиэннээҕи салайааччыта Сулустаан Заболоцкай бу баартыйа ситэриилээх кэмитиэтиттэн байыаннай дьайыыга кытта барар үһүс салайааччынан буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: