Сулустар кэпсииллэр: сэтинньигэ төрөөбүттэр
Сэтинньигэ төрөөбүт дьон майгытын төһө билэҕин? Сулустар кэпсииллэринэн, бэлиэлэрэ — ый.
Эр киһи
Үлэтигэр айымньылаахтык сыһыаннаһар, саҥаны тобула сатыыр. Күүстээх санаалаах. Айылҕаҕа чугас, булка уһуйулуннаҕына, тыаттан тахсыбат байанайдаах сонордьут.
Эппиэтинэстээх, кыһамньылаах, толоругар, сыал-сорук туруоруннаҕына, хайаан да үрдүк таһымҥа тахсар. Дьахталлары наһаа кэрэхсиир. Тапталы өрө тутар.
Дьахтар
Ис киирбэх, кэрэ дьүһүннээх, бэйэтин наһаа көрүнэр. Хаппырыыһа суох судургу майгылаах эрээри, өһөстөҕүнэ иннин биэрбэт.
Дьиэтигэр-уотугар лоп бааччы дьаһаллаах. Үөрэххэ, сайдыыга тардыһар. Эр киһиэхэ хаҕыс соҕус сыһыаннаах, үрдүк ирдэбиллээх. Дьиэтигэр-уотугар бэйэтэ дьаһайарын сөбүлүүр эрээри, куруутун солото суох буолан, кыратык ыһыллаҕас-тоҕуллаҕас.
Саха ыалын халандаарыттан.
«Айар» кинигэ кыһата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: