«СулуСтар» кыттааччылара билиннилэр

Share

«СулуСтар» өрөспүүбүлүкэтээҕи вокальнай күрэс «Муус Устар» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн, Ю.Платонов аатынан Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырыгар төрдүс төгүлүн ыытыллыаҕа. Бу күннэргэ кыттааччылары талар түһүмэх түмүктэннэ. 

Ол курдук, 15 эдэр ырыаһыт күрэстэһиэхтэрэ, 5 киһи финалга тахсан, күөн көрсүөхтэрэ. Финалистар ааттара олунньу 10 күнүгэр биллиэҕэ.

Гран-при хаһаайына 115 тыһыынча солкуобайдаах, көрөөччү биһирэбилин ылбыт ырыаһыт — 57 500 солкуобайдаах бирииһи тутуохтара. Гран-при хаһаайынын настаабынньыга эмиэ 57 500 солкуобайы ылыаҕа.

Талар түһүмэҕи улуустар бэйэлэрэ ыыталлар. Бу түһүмэх тохсунньу 8 күнүгэр түмүктэннэ, олунньу 5 күнүгэр 15 кыттааччы бары Дьокуускайга кэлэн, тыйаатырга үөрэниэхтэрэ. Кинилэри вокалга, сыанаҕа туттарга-хаптарга, саҥарарга үөрэтиэхтэрэ. Бэстибээл анал ыалдьыта, Гнесиннэр ааттарынан Арассыыйатааҕы муусука академиятын преподавателэ Дарья Билько финалистарга анаан вокальнай ускуустубаҕа маастар-кылааһы ыытыаҕа, — диэн тыйаатыр уус-уран салайааччыта Мария Герасимова кэпсээтэ.

«СулуСтар-2024» күрэс кыттааччыларынан буоллулар: Линда Захарова (Мэҥэ Хаҥалас), Анна Давыдова (Ньурба), Василий Николаев (Бүлүү), Иван Дьяконов (Горнай), Яна Забелина (Ленскэй), Аман Винокуров (Чурапчы), Татьяна Томская (Булуҥ), Аина Михайлова (Кэбээйи), Виолетта Абдурафикова (Өлүөхүмэ), Егор Агарков (Мииринэй), Сайнаара Жмурова (Нам), Анна Стуканева (Алдан), Николай Нестерев (Амгма), Петр Пестерев (Хаҥалас), Алан Гондолаев (Дьааҥы).

Күрэһи саха тэлэбиидэнньэтигэр уонна «Виктория» араадьыйаҕа көрүөххэ-истиэххэ сөп. Финал олунньу 15 күнүгэр Эстрада тыйаатырыгар ыытыллыаҕа, ону тэҥэ, көрөөччү биһирэбилин быһаарар куоластааһын баар буолуоҕа. Күрэс эдэр талааннары булар, киэҥ эйгэҕэ таһаарар, ыччакка ырыаны тарҕатар соруктаах.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар «Улуу Кыайыы күнүгэр диэри 100 хонук» диэн тэрээһин буолан ааста

Бэҕэһээ, тохсунньу 29 күнүгэр, Нам улууһун М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар дойдуга…

9 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Көмпүүтэр кулуубуттан төлөпүөн уорбут устудьуон тутулунна

Саха сиринээҕи ИДьМ сулууспатын 2№-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат олохтооҕуттан биллибэт киһи төлөпүөнүн…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы Знамята» Өймөкөөн улууһугар тиийдэ

Тохсунньу 29 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит «Кыайыы Знамята» өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэ Өймөкөөн улууһун тымныы полюһугар…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма мүөтэ норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска үрдүк наҕараадаҕа тигистэ

Бу күннэргэ Уфа куоракка «Api Global2025» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус түмүгэ таҕыста. Амма улууһун Мээндиги…

1 час ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ийэ дойдуну көмүскээччи сылын аһар бэлиэ тэрээһин буолла

Тохсунньу 29 күнүгэр Ю.А.Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Маайаҕа торҕоннообут тыатааҕыны бултаатылар

Бу сыл тохсунньу 24 күнүгэр Уус Маайатааҕы судаарыстыбаннай экологическай кэтэбил иниспиэксийэтигэр олохтоохтор Эдьээн сэлиэнньэтигэр торҕоннообут…

2 часа ago