Сулууспа болдьоҕо уһуо дуо?
Билигин бу буола турар балаһыанньанан сылтаан араас судьах-садьык элбэх. Холобур, аармыйа сулууспатын болдьоҕун уһаталлар үһү диэн сурах баар. Хаҥалас улууһунааҕы ДОСААФ бэрэссэдээтэлэ Александр Куприянов маннык эппиэттээтэ:
— Арассыыйаҕа сулууспаҕа ыҥырыллааччылар болдьохторун уһатыахтара суоҕа — урукку курдук, 1 сылынан оннунан хаалар. Биир сыл — аармыйаҕа сулууспалааһыҥҥа саамай сөптөөх болдьох. Бары билэрбит курдук, кинилэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыахтара суоҕа. Саллааттары хомуйууга уустуктары уонна тиэтэйиини таһаарбат сыалтан быйыл күһүҥҥү ыҥырыыны дойду бэрэсидьиэнэ биир ый хойутатан биллэрэргэ эппитэ. Күһүҥҥү ыҥырыы кэмигэр Арассыыйа үрдүнэн аармыйаҕа сулууспаҕа 18-тан 27 диэри саастаах срочник-саллааттары ыытыы былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: