Сунтаар улууһугар 1985 с.т. эр киһи гарааска үгээрдээн суорума суолламмыт
Сахас сиригэр ааспыт сууккаҕа 9 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.
Уус Алдан оройуонун Дыгдал сэлиэнньэтигэр эр киһини өлөрбүттэр, 1979 с.т. уорбаланааччы тутулунна.
Дьокуускай уонна Хаҥалас оройуоннарыгар 4 баан счетуттан уопсайа 3,9 мөл. солк. тахса суумалаах үп-харчы уоруллубутун туһунан иһитиннэрдилэр. Дьокуускай куоракка бааһынай хаһаайыстыба баһылыгыттан уонна бибилэтиэкэ үлэһититтэн түөкүттэр 1,1 мөл. солк. харчыны уорбуттар.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар наркотигы сокуоннайа суох эргинии тохтотулунна.
Сунтаар оройуонун Элгээйи сэлиэнньэтигэр гарааска 1985 с.т. эр киһи өлүгэ булулунна. Эр киһи массыына иһигэр үгээрдээн тыына быстыбыта билиннэ.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана регистрацияламматах.
Ленскэйгэ саахал тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Быһылаан түмүгэр «Тойота- Чайзер» суоппара 1973 с.т. дьахтары түҥнэри көппүт. Эмсэҕэлээччини балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Суукка иһигэр итирик туруктаах 4 суоппар тутулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: