Сунтаар адаптивнай успуордун ыччаттара кыһыҥҥы чэпчэки атлетикаҕа бэлэмнэнэллэр

Share

Тохсунньу 18-19 күннэригэр доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнары түмэр кыһыҥҥы чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ чемпионата тэриллэр.

Афанасий Терентьевич Жараев адаптивнай спорт тренеринэн үлэлээбитэ ыраатта. Кини алта кɵрүҥҥэ: чэпчэки атлетика, олорон эрэ волейбол, голбол, шаудаун, остуол оонньуулара, теннис спорт кɵрүҥнэригэр барытыгар эрчийэр. Тренер ыччат дьону тɵрɵппүт оҕолорун курдук бүɵбэйдээн, эрчийэн ситиһиитэ ааҕан ситиллибэт. Чыпчаал ситиһии олорон эрэ волейболга Алена Дмитриева аан дойду чемпиона буолан Токиоҕа параолимпиадаҕа кыттыыта…

Афанасий Терентьевич иитиллээччилэрэ нус-хас олохтоноллорун туһугар олус кыһаллар. Бэл диэтэр үлэ, дьиэ кытта булан биэриигэ улахан болҕомтотун уурар. Аҥардас үс спортсменын «Татыйыына» хампаанньаны кытта кэпсэтэн үлэҕэ киллэрбит, түгэнинэн салайааччыга Нина Герасимоваҕа махталын тиэрдэр.

Кыһыҥҥы чэпчэки атлетика чемпионатыгар бэлэмнэнээри ычаттар үɵрэхтэриттэн, үлэлэриттэн кɵҥүллэтэн кэлэн эрчиллэллэр. Мичийэ Иванова Бүлүүгэ автомеханик идэтигэр үɵрэнэр. Кини илиитигэр күүстээҕин былырыын бэлиэтии кɵрɵн ядро быраҕыытыгар улуус хамаандатыгар киллэрбиттэрэ, ол үтүɵ түмүгэ Аммаҕа үһүстээн үɵрдүбүтэ.

Сунтаарга адаптивнай сордунан 60-ча киһи дьарыгырар. Ньургустан Макаров Күүкэйтэн киирэн сүүрүүгэ дьарыгырар. Кини кыһыҥҥы спартакиадаҕа 60, 200 миэтирэҕэ холонуохтаах. Маннык спортка угуйуллубуппуттан үɵрэбин диэн санаатын үллэстэр. Кини сайыҥҥы спартакиадаҕа сүүрбэттэн тахса кыттааччыттан алтыс миэстэ буолбута.

Кытаатыҥ ситиһиилэри, чыпчааллары, кыайыылары!

Тускулаана Горохова-Кобельянова

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

13 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago