Сунтаар Хаданыгар Айыыһыт сылынан хаар харысхал оҥоһулунна

Share

2024 сыл — Күɵх Луо сыла, онтон саха халандаарынан Айыыһыт сыла. Бу сыл бэлиэтин Сунтаар Хаданын уран ууһа Иннокентий Иванов хаарынан олус ураннаан, оҥорон таһаарбыта киэҥ биһирэбили ылла.

Иннокентий Иванов сыл ахсын хаар оҥоһук арааһын оҥорон дьонун-сэргэтин үɵрдэр, уран оҥоһугунан бар дьонун кэрэхсэтэр үтүɵ үгэстээх. Сунтаардар саҥа сылы кɵрсɵр үтүɵ күннэрэ тосхойдулар да Хадан Киэсэтэ быйыл хаарынан тугу айара-тутара, уранныыра буолла дэһэбит. Быйыл кини хаарынан ох, кыптый тутуурдаах, аар айылҕа тыыннаахтара доҕордоох Айыыһыт Хотуну айан, ураннаан күн сиригэр кɵрдɵрдɵ.

ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА хаартыската.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА хаартыската.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА хаартыската.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА хаартыската.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА хаартыската.

Киэсэ хаарынан уһаммыта отучча сыл буолла. Бастаан оҕолор уһуйааннарыгар сыл бэлиэлэрин оҥороро, онтон кэлин дьиэтин аттыгар уранныыр үгэстэнэн баҕалаах бары кэлэн кɵрɵр, кэрэхсиир буолбуттара. Арай былырыын доруобуйатынан мɵлтɵɵн оҥорботох сыллаах. Киһи сɵҕɵрɵ, бу кэрэ айымньы уран уус күүстээх ыра санаатынан айыллан тахсыбыта, Иннокентий уҥа илиитин бэгэччигэр диэри биэс сыл аннараа ɵттүгэр станокка былдьаппыта, хаҥаһа эмиэ эчэйиилээх… Ону ол диэбэккэ, алта уон сааһыгар ыра кыайарын киһи бэйэтэ сатыахтаах диэн ураннаабытын кɵрүҥ эрэ.

Быйыл Айыыһыты — Хаар харысхалы үгүс киһи кэлэн кɵрɵн барда. Дьокуускайтан, Амматтан, Сунтаартан ааҕан ситиллибэт киһи кэлэн кɵрɵн, хаартыскаҕа хатанан, сорох алгыс кытта алын бардылар. Айыыһыт Хотун бэйэтин ытык сылыгар өр ыралаабыт, күүппүт күндү далбар хотуттарбытыгар оҕо кутун бэлэхтээтин, дьиэ кэргэни харысхаллаатын!

ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

9 часов ago