«Сунтаар Хаҥалаһа – мин дойдум» кинигэ сүрэхтэннэ

Share

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар “Сунтаар Хаҥалаһа – мин дойдум” диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр үгүс киһи муһунна.

Бу кинигэ Саҥа дьыл саҕана эрэ “Возрождение Саха” кинигэ кыһатыгар  бэчээттэнэн тахсыбыта.

Хаҥалас нэһилиэгин устуоруйатын кэрэһилиир, Хаҥалас ыалларын, сыдьааннарын тустарынан кэпсиир, элбэх историческай докумуоннарга сигэммит күүтүүлээх, кэтэһиилээх кинигэни   Хаҥаластан төрүттээх Антонина Елисеевна Осипова-Григорьева,  Кутана нэһилиэгин олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Семен Михайлович Андреев итиэннэ кинигэни таһаарааччы Анетта Андреевна Егорова хомуйан бэчээккэ таһаарбыттар.

Кинигэ тахсыыта элбэх үлэттэн тахсарын  таһынан, үгүс үбү-харчыны эрэйэр. Ол курдук кинигэ тахсыытыгар үбүнэн-харчынан Кутана нэһилиэгин баһылыга Николай Васильевич Давыдов уонна “Кириэстээх” кооператив салайааччыта Владимир Семенович Егоров күүс-көмө буолбуттар.

Хаҥалас нэһилиэгин тэриллиитин устуоруйатын кыратык сэгэтэн кэпсиир буоллахха, былыр  1681 сыллаахха Улуу Туймаада хочотуттан Хаҥалас ууһун дьоно Бүлүү өрүс сүнньүн тутуһан, Сунтаар курдук ыраах дойдуну булан, сүөһү-сылгы ииттэн олохсуйбуттара. Онон, Хаҥалас диэн нэһилиэги төрүттээбиттэрэ.

“1776 сыллаах чахчыларынан Хаҥалас нэһилиэгэ Сунтаар улууһугар саамай улахан сирдээҕинэн биллэрэ. Ол курдук нэһилиэк хоту өттө Кугдаарга (Күндээдэ) тиийэрэ. Маны таһынан  Күүкэй, Мочууһун, Чакыр (Күндэйэ), Хадан сирдэрэ  Хаҥалас нэһилиэгэр киирэллэрэ”, — диэн Семен Андреев кинигэ сүрэхтэниитин кэмигэр иһитиннэрдэ.

Хаартысканы Анетта Егорова тиксэрдэ

Нуучча педагога, Сибиири уонна Уһук Илини чинчийээччи Ричард Карлович Маак экспедицията 1854 сыллаахха Бүлүү өрүскэ кэлэн үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ Хаҥаласка 228 ыал баара, ол эбэтэр 1504 киһи олороро. Онон элбэх нэһилиэнньэлээх улахан нэһилиэк этэ. 1891 сыллааҕы чахчыларынан Хаҥалас нэһилиэгэр 1752 киһи олорбут, олор истэригэр 942 эр киһи уонна 810 дьахтар. Холобур, тэҥнэбилгэ билиҥҥи Кутананы ыллахха, арааһа Кутанаҕа тыһыынчаны кыайбат киһи олорор буолуохтаах.

“Хаҥаластан Арыҥах кулуба, суруйааччы Алексей Андреевич Иванов-Күндэ, Бортунуой Хабырылла уола Үлэ Дьоруойа Дмитрий Гаврильевич Андреев, Суоһалдьыйа Толбонноох туһунан өлбөт-сүппэт айымньыны айан хаалларбыт суруйааччы, поэт, драматург Иван Гаврильевич Алексеев, биллиилээх хирург-быраас, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата Дмитрий Афанасьевич Гурьев  уонна да атыттар төрүттээхтэр”, — диэн Антонина Елисеевна биир дойдулаахтарын туһунан кэпсээтэ.  Итиэннэ “Сунтаар Хаҥалаһа – мин дойдум” кинигэни хас да сыл оҥорбуттарын, ахтыылары, историческай докумуоннары уһуннук хомуйбуттарын туһунан кэлбит дьоҥҥо  бэлиэтээн эттэ.

Кэлиҥҥи сылларга улуустар, нэһилиэктэр тустарынан араас кинигэлэр хото бэчээттэнэн тахсар буоллулар. Холобур, Сунтаар улууһун, Кутана нэһилиэгин туһунан кинигэлэр хаста даҕаны тахсыбыттара. Оттон Хаҥалас туһунан бу бастакы кинигэ буолар.

Хаартысканы Анетта Егорова тиксэрдэ

Кинигэ 5 түһүмэхтэн турар. Ол иһигэр бастакы түһүмэххэ Хаҥалас нэһилиэгин, иккис түһүмэххэ Хаҥалас ыалларын туһунан кэпсэнэр. Бу түһүмэххэ уопсайа 22   ыал киирбит.  Үһүс түһүмэх холкуос, сопхуос туруу үлэһиттэригэр анаммыт. Төрдүс түһүмэххэ төрүччүлэр киирбиттэр. Итиэннэ бэһис түһүмэх Хаҥаластан тахсыбыт суруйааччыларга анаммыт.

Кинигэ 360-тан тахса страницалаах, баай ис хоһоонноох, архыып докумуоннара,  ыспыраапкалара бааллар. Онон, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалар, сыа-сым курдук тутан ааҕа сылдьарга аналлаах кинигэ диэн сыаналаатым.

Профессор, филологическай наука дуоктара, фольклорист, чинчийээччи Василий Васильевич Илларионов “Сунтаар Хаҥалаһа – мин дойдум” кинигэҕэ хас да суруйуута киирбит.

Туһааннаах кинигэ тахсыытыгар биир улахан оруолу ылбыт киһинэн кинигэ таһаарааччы, Кутанаттан төрүттээх Анетта Андреевна Егорова буолар. Анетта хас да кинигэ ааптара. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ үгүстүк тарҕаммыт бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй туһунан «Доҕоттоор, мин Сир тыыннаах киһитэбин!» итиэннэ икки туомунан тахсыбыт Саха каталога кинигэлэрин ааттаталыахха сөп.

Анетта Егорова кинигэҕэ түмүк оннугар суруйуутугар маннык строкалар бааллар: “Күндэ 125 сааһын бэлиэтээһин чэрчитинэн, Сунтаар улууһунааҕы киин библиотека 2021 сыллаахха онлайн-киэбинэн ыыппыт тэрээһиннэригэр Антонина Елисеевна арыйыыларын билиһиннэрбиппит. Онно кини аҕата Күндэ «Солооһун» диэн кэпсээнигэр прототип буолбутун итиэннэ убайа Василий Саввич Давыдов ийэтинэн Күндэ чугас аймаҕа буоларын тустарынан иһитиннэрэн, улахан сэнгээриини ылбыта”. “Сунтаар Хаҥалаһа – мин дойдум” кинигэ ааптардарыттан биирдэстэрэ Антонина Елисеевна  Күндэни аймаҕа буолар эбит.

Хаартысканы Анетта Егорова тиксэрдэ
Хаартыскалары Анетта Егорова тиксэрдэ

Кинигэҕэ 22 ыал туһунан ахтыылар киирбиттэр. Ол иһигэр  Нуттуука Мэхээлэ сиэнэ, Россия бочуоттаах бэтэрээнэ, Хорообут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ытык кырдьаҕас Александр Михайлович Андреев-Сарбаев, Дьокуускай куорат олохтооҕо Мария Алексеевна Захарова, медицинскэй наука доктора, СӨ суруйааччыларын, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Валериан Парфеньевич Николаев, СӨ култууратын туйгуна, ырыаһыт Фатина Никифоровна Иванова-Дунаайа уонна да атыттар суруйуулара.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago