Сунтаар икки олохтооҕо атынан Улан-Баторга баран иһэр
Атырдьах ыйын 15 күнүгэр Сунтаар улууһун Хадан сэлиэнньэтин икки сылгыһыта Улан-Баторга диэри тиийэр улахан айаҥҥа туруммуттара. Бу 58 саастаах Роман Попов уонна 62 саастаах Геннадий Пустоляков. Кинилэр саха атыыһыттара сылдьыбыт суолларынан айанныыр уонна сылгы туризмын сайыннарар соруктаахтар.
Дугуйдан Винокуров саха атынан Арассыыйаны биир гынан айанныырыгар, Роман Попов кинини Сунтаар сиригэр көрсүбүтэ уонна Өлүөхүмэ улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр диэри атаарбыта. Онтон ыла киниэхэ өссө салгыы Монголия киин куоратыгар Улан-Баторга диэри тиийэр баҕа санаа күөдьүйбүтэ.
Роман уонна Геннадий түөрт атынан баран иһэллэр. Аттара кинилэрдээҕэр илистибиттэрин туһунан этэллэр. Күн аайы 35 км, таастаах суолунан бараллар. Тохтуур, сылгыны аһатар сир суоҕун быһыытынан сороҕор 45-60 км айаннарын тиэрдэллэр. Олус истиҥник көрсүбүт олохтоох дьон ыйыытынан Бурятия диэки баран иһэллэр.
Биһиги дьоруойдарбыт бүгүн Улюкчикан сэлиэнньэтиттэн 35 км Баргузин сэлиэнньэтигэр бардылар. Телеграм-ханаал көхтөөх кыттааччыта Бальжинима Занданов куһаҕан күнүнэн-дьылынан, кыһынынан итиэннэ Улан-Батор ырааҕынан куттуур эрээри, өһөс сахалар хайаан даҕаны Монголия киин куоратыгар тиийиэхпит диэн хоруйдууллар. Бу туһунан Якутия yakutia-daily.ru суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: