Сунтаар Кутанатыгар киһи өлүүлээх баһаар таҕыста
Сунтаар улууһугар Кутанаҕа Новай уулуссаҕа киһи өлүүлээх баһаар таҕыста.
Быһылаан тахсыбыт сиригэр 65 саастаах дьахтар өлүгүн буллулар. Бу туһунан Саха сирин ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Быһылаан тахсыбыт сиригэр баһаарынайдар тиийбиттэр. Кинилэр тиийиилэригэр дьиэ кырыыһатыттан буруо тахсар эбит. Баһаарга дьиэ ис бараана уокка былдьаммыт, ону кытта 1959 сыллаах дьахтар өлүгэ көстүбүт», — диэн биэдэмистибэ иһитиннэрбит. Билиҥҥи туругунан баһаар тахсыбыт биричиинэтэ уонна хоромньу быһаарыллар. Баһаары умуруорууга аҕыс баһаарынай, биир тиэхиньикэ үлэлээбит. Быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр силиэстийэлиир суһал бөлөх үлэлиир. Бэлиэтээн суруйдахха, ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр киһи өлүүлээх икки баһаар тахсыбыта. Ол курдук, Өймөкөөн нэһилиэгэр дьахтар суорума суолламмыта уонна Владимировка дэриэбинэтигэр икки киһи өлүгэ көстүбүтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: